Горнай олохтооҕо коронавирустан үтүөрдэ

Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал штаб иһитиннэрэринэн, өссө биир киһи коронавирус дьаҥыттан үтүөрдэ.

Бүгүн, ыам ыйын 3 күнүгэр, Горнай улууһун олохтооҕо этэҥҥэ үтүөрэн, Дьокуускай инфекционнай балыыһатыттан таҕыста. Кини хат туттарбыт анаалыһыгар дьаҥ суоҕа быһаарыллыбыт.

Инньэ гынан, Саха сиригэр бүгүн 40-с киһи коронавирус дьаҥыттан үтүөрдэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0