ГЛОНАСС навигатор өссө кыраҕы буолбут

Ааптар: 
25.07.2022
Бөлөххө киир:

“Роскосмос” судаарыстыбыннай корпорация Массыына тутар институтун чинчийэр киинэ (ЦНИИмаш) саҥа бырагыраама суруйан таһаарбыт.

Бу бырагыраама ГЛОНАСС — Арассыыйа навигациятын систиэмэтин координата ыйарын икки төгүл чопчу буоларын хааччыйыан сөптөөх. Бу ГЛОНАСС сиргэ баар сигналы хабар приемниктара спутниктары кытта сибээстэрин саҥа ньыманан хааччыйыы түмүгэр кыаллыбыт. Чинчийээччилэр хас даҕаны туора тэрилтэ тутар дааннайдарын кытта чопчулаһан 15-20 ыстаансыйа дааннайдарын түмэн спутниковай навигатор өссө үчүгэйдик үлэлиирин ситиспиттэр.

ГЛОНАСС спутник систиэмэтэ үлэҕэ 1982 сылга киирбитэ. Билигин орбитаҕа 24 космическай аппараат бу бөлөххө үлэлиир, олор истэригэр аныгы «Глонасс-М» уонна «Глонасс-К» — иккис, үһүс көлүөнэ аппарааттар үлэлииллэр. Аан дойдуга маннык таһымнаах атын дойду навигационнай систиэмэлэрэ үлэлииллэр – GPS, Beidou уонна Galileo.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0