Глобализация: сахалары туох күүтэр?

Бөлөххө киир:

Биһиги сороҕор бэйэбит эрэ испитигэр буһан олорор курдук буолабыт. Ол эрээри, аан дойду биир кэлим ситимҥэ киирбитэ, биир хабааннаах сүҥкэн хамсааһыннар бара тураллара биһигини таарыйбакка эрэ ааспата номнуо биллэр. 

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Урут алаастарынан тарҕанан олорбут өбүгэлэрбит арҕааттан кэлэр “тыаллары” атыҥырыы саныыр буоллахтарына, билигин хайдах да гынан ол онтон куоппаппыт. Аҕыйах сыллааҕыта “тимир суол кэлиэ, ону кытта араас омуктар сабардаан кэлиэхтэрэ” диэн ороһуйар буоллахпытына, билиҥҥи хамсааһын олохпутугар биллибэтинэн өтөн киирдэр киирэн иһэр. Ол сүдү хамсааһын – глобализация.
Биһиги олус интэриэһинэй кэмҥэ олоробут, хас биирдиибит ити тэтимнээх хамсааһыны эппитинэн-сииммитинэн билэ сылдьабыт. Бу сөҕүмэр хамсааһын биһиги харахпыт ортотугар буола турар. Дьэ, кырдьар сааспытыгар туохха-туохха тиийэрбит буолла? Ким да билбэт. Ол курдук аан дойдуга буола турар хамсааһыннар түргэн тэтимнээхтэр, хайаттан сууллар хаардыы тугу барытын сотон ааһар, бэйэлэрин кытта соһон илдьэ барар балысхан күүстээхтэр.
Тус бэйэбэр олох сайдан иһэрэ туох да куһаҕана суох. Суотабай төлөпүөн, интэриниэт, спутник сибээһэ, көмпүүтэр, о.д.а. сайдан иһэрэ, атын дойдуларга барар-кэлэр кыах баара – туох куһаҕаннаах буолуой? Ол эрээри, киэҥник ылан толкуйдаан көрдөххө, сайдыы балысхан хаамыыта мин дойдубар, Сахам сиригэр, хайдах дьайыай?

Глобализация диэн тугуй?

Аан дойдуга экономика, бэлиитикэ, култуура уонна итэҕэл тус-туспа уратыларын сүтэрэн, биир сүрүннээх буолуулара, холбоһуулара. Холобур, экономика өттүттэн ылан көрөр буоллахха, аан дойду ырыынагар дойдулар экономикаларын тымырдара холбоһон, биир тэбэр сүрэхтээх, биир ситимнээх, бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктаах курдук буолан хаалаллар. Дойдуларга кытаанах сокуоннар сымныыллар, эргинэргэ усулуобуйа оҥоһуллар, биир валюта үлэлиир.
Аан дойду ырыынагар тахсыбыт транснациональнай хампаанньалар сүүһүнэн дойдуларга бэйэлэрин салааларын арыйаллар. Үлэһит дьон биир сиргэ хаайтарбакка, талбыт дойдуларыгар көһөллөр, үлэлииллэр. Ол түмүгэр биир кыра судаарыстыба иһигэр экономика айгырыан сөп. Түҥ былыргыттан кэлбит ураты култуура умнуллар, суураллар кутталлаах. Ол эбэтэр глобализацияҕа, бастатан туран, экономика, ырыынак сирдээн илдьибит буолан тахсар.
Аныгы судаарыстыбалар ООН, НАТО, МВФ, ВТО, Аан дойдутааҕы баан курдук норуоттар икки ардыларынааҕы улахан тэрилтэлэргэ сэлээннэнэн, кинилэргэ элбэх боломуочуйалары биэрэллэрэ, бэйэлэрин кыһалҕаларын быһаартараллара үксээтэ. Ону тэҥэ, судаарыстыба өттүттэн орооһуу уонна хонтуруол, нолуок кыччаан, транснациональнай корпорациялар бэлиитикэҕэ орооһуулара үрдээн иһэр. Аан дойдутааҕы глобальнай бэлиитикэни “Большая семерка”, “Большая двадцатка” диэн сайдыылаах дойдулар холбоһуктара урууллуур буолбута ыраатта.

Тоҕо маннык буоларый?
Историктар капитализм сайдыыта маннык балаһыанньаҕа тиэртэ диэн этэллэр. Экономистар аан дойдутааҕы ырыынак кэҥээбитин күтүрүүллэр. Политологтар демократическай сыһыан сайдыбытынан быһаараллар. Культурологтар Америка култууратын соҥноон, өйү-санааны иирдэр диэн этэллэр.
Аныгы кэмҥэ информационнай эйгэ, интэриниэт балысханнык сайдан, аан дойду дьоно бары биир ситимҥэ киирдилэр. Ыраах-чугас, атын дойду диэн аахсыллыбат буолбута ыраатта. Тылы эрэ билэриҥ кэрэх, аан дойду дьонун кытары ыкса алтыһыахха сөп. Ону тэҥэ научнай-техническэй прогресс балысханнык сайдан, глобализацияны түргэтэппитэ саарбаҕа суох.

Хайдах үөскээбитэй?
“Глобализация” диэн тылы аан бастаан аатырбыт “Капитал” ааптара Карл Маркс XIX үйэ ортотун диэки туттубута.
Ол эрээри глобализация саҕаланыыта XII—XIII үйэлэргэ көстүбүтэ диэн этиэххэ сөп. Арҕаа Европаҕа капитализм сыһыана күүскэ сайдан, аан дойду ырыынагар тахсыбыта. Бу кэмҥэ муоранан айан, саҥа сирдэри арыйыы, дойдулары колония оҥоруу муҥутаан сайдыбыта. XVII үйэҕэ Голландия Ост-Индскай хампаанньата Азия үгүс дойдуларыгар эргинэн, бастакы глобальнай хампаанньа аатын ылбыта.
ХХ үйэ бастакы аҥаарыгар сэриилэр уонна Америкаҕа Улуу депрессия саҕаланан, ону тэҥэ арҕааҥы дойдулар импорка үрдүк пошлинаны олохтоон, глобализация тэтимэ бытаарбыта. Ол эрээри, 50-с сыллартан саҕалаан, түргэн тэтимнээхтик сайдан, кэҥээн барбыта. Муоранан, тимир суолунан, салгынынан таһаҕаһы таһыы судургутуйан, төлөпүөн сибээһэ сайдан, табаары оҥоруу кэҥээн, аан дойду ырыынагар тахсыы судургутуйбута.
1992 сыллаахха Европа сойууһа биир кэлим экономическай эйгэни олохтообута. Ол түмүгэр таможняларга пошлина көтүллүбүтэ, үлэһиттэр атын дойдуларга баран үлэлииллэрэ көҥүллэммитэ, евро диэн биир валюта баар буолбута.

Үчүгэй өрүттэрэ

Билигин ханнык баҕарар киһи ыраахтан олорон атын дойду үөрэх тэрилтэтигэр үөрэниэн сөп. Сорохтор итии дойдуларга көһөн баран, муора кытылыгар коктейль иһэ олорон, барбах ноутбуктарын эрэ холбоон, үлэлээн айахтарын ииттэр буоллулар. Английскай тылы билэр киһи ханна да сүтэн-оһон хаалбат.
Атын дойдуларга эргинии эргиччи чэпчээтэ. Холобур, бизнесмен табаарын Кытайга оҥорторон баран, Монголияҕа илдьэн атыылыан сөп. Бу киниэхэ быдан барыстаах. Бизнес ыырын кэҥэтэргэ туһалаах.
Аан дойду аҥаарын таҥаһынан хааччыйан олорор бөдөҥ фирма табаарыгар кыра сыананы олохтуон сөп. Онон бөдөҥ фирмалар сыана үрдүүрүн туталлар.
Аныгы технологиялар көмөлөрүнэн оҥорон таһаарыы кээмэйэ улаатан иһэр.
Аныгы киинэлэр бары дойдуларга биир кэмҥэ тахсаллар, кинигэлэр сүүсчэкэ дойдуга тылбаастанан тарҕаналлар. Интэриниэт туһунан этэ да барбаккын. Аны дойдулар икки ардыларынааҕы туризм сайдан иһэр.

Мөкү өрүттэрэ

Сорох промышленнай салаалар ордук барыһыраллар, оттон сорохтор кинилэри кытары күрэстэһэр кыахтара суох буолар. Манна дойду экономиката эмсэҕэлиир, үлэтэ суохтар ахсааннара элбиир.
Глобализация экологияҕа куһаҕаннык дьайар. Барыс сырсыытын ухханыгар, сир баайын үрдэ суох хостооһун, маһы кэрдии, сири-уоту, ууну киртитии тахса турар. Бу планетаҕа улахан хоромньуну аҕалар.
Кыра норуоттар култууралара, омуктар уратылара симэлийэр, суураллар кутталлаах.
Глобализацияттан үлэһит киһи бырааба кэһиллиэн сөп. Улахан бизнесменнэр үлэһит көмүскэллээх буолуутун мэктиэлиир сокуоннары уларытары, судургутутары туруорсаллар. Миграннары кыра хамнаска, ыарахан усулуобуйаҕа аҕалан үлэлэтэллэрэ кинилэргэ барыстаах.
Сорохтор этэллэринэн, АХШ бэйэтин геополитическай утарсааччыларын мөлтөтөөрү глобализацияны түргэтэтэр үһү. Атыттар аҕыйах монополист байарыгар-тайарыгар балаһыанньа олус табыгастааҕын ыйаллар.
Дойдулар биир организм курдук кэлим экономикаҕа баайыллан хааллахтарына, кириисискэ быдан түргэнник киирэллэр. Итини бэйэбит да көрө-билэ сылдьабыт. Америкаттан саҕаламмыт кириисис домино пирамидатын курдук бэрт чэпчэкитик атын дойдулар экономикаларын сутуйда.
Глобализация үчүгэй да, куһаҕан да өрүттэрэ тэҥ тэҥҥэ. Ылан көрдөххө, бу сүдү хамсааһыны тохтотор, сайдыыны харгыстыыр кыах суох. Ол эрээри, бу хамсааһын бары дойдулары бэйэтин кынатын анныгар сөрөөн, илдьэ бара турар.

Туохха тиэрдиэҕэй?

Кэнники кэмҥэ космополит (аан дойду гражданина) диэн өйдөбүл үөскээтэ. Космополит биир дойдунан муҥурдаммат, биир култуураҕа хаайтарбат. Кини ханна баҕарар көһөн олохсуйуон сөп. Төрөөбүт дойду диэн өйдөбүл киниэхэ суураллар. Оттон кэнэҕэһин ити барыта биир планетарнай цивилизацияҕа тиэрдиэн сөп.
Ол аата тугуй? Кыраныыссалар аһыллан, судаарыстыбалар суолталара намтаан, аан дойдуну биир күүстээх дойду, тэрилтэ салайар буолар. Ситэ сайда илик дойдулартан миграннар бигэ экономикалаах дойдуларга көһүүлэрэ күүһүрэр. Аан дойду үрдүнэн биир тыл, биир култуура соҥнонор, омуктар төрүт култууралара сыыйа умнуллар. Планета биир организм курдук сайдар.
Биллэн турар, маннык буолуо диэн толору эрэллээхтик этэр кыах суох. Манныкка тиийиэхпитин сөп.

Хайдах тыыннаах хаалабыт?
Глобализацияҕа мөлтөх судаарыстыбалар, аҕыйах ахсааннаах норуоттар сүүйтэриилээх хаалаллар диэн эппиппит. Суураллан хаалыы, симэлийии куттала баар. Оччотугар хайдах дьаһаннахпытына, тыыннаах хаалабыт?
Эппиэт биир. Хайдах да балаһыанньаҕа бэйэбит уратыбытын, төрүт култуурабытын, тылбытын тутан хаалыахпытын наада. Хас биирдии киһи ити улахан эппиэтинэһи өйдөөн туран, өбүгэлэриттэн ылбыт нэһилиэстибэтин оҕолоругар, сиэннэригэр тиэрдэргэ кыһаллыахтаах.
Иккиһинэн, дойду, өрөспүүбүлүкэ салалтата сөпкө дьаһаныахтаах. Көмүскэнэр сокуоннар баар буолуохтаахтар.
Инники олохпут хайдах буолуохтааҕын ураты дьоҕурдаах дьон өтө көрөн билэллэр. Эдьиий Дора “олус элбэх омук көһөн кэлиэҕэ, сир былдьаһыыта буолуоҕа, онон төһө кыалларынан сирбитин-уоппутун, тутууларбытын бэйэбит баһылаан, эрдэттэн дьаһанан, бэлэмнээх олоруоҕуҥ” диэн этэн турар.
Өрөспүүбүлүкэ салалтата итинник курдук 10, 20 сылы өтө көрөн, анал бырагыраамалары ылынан үлэлиэхтээх.
Сайдыыны утары барбаккын. Саптан, бүөлэнэн баран олорботуҥ биллэр. Ол гынан баран, Өксөкүлээх Өлөксөй эппитинии, өркөн өйдөөх омуктар үчүгэй өрүттэрин, үөрэхтэрин сүһэн ылан, бэйэбит саха буолар уратыбытын сүтэрбэккэ, олох сайдыытын кытары тэҥҥэ барсан иһиэхпитин наада…

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0