“Мин дьоннорбун таптыыбын,
Олуһун диэн аxтабын.
Xараxпын быһа симэн,
Кинилэри көрөбүн”
Биһиэxэ бүгүн редакциябытыгар Андриан Павлов ыалдьыттыыр. Кинини сирэй көрөн билбэт киһи үгүс буолуо, ол эрэн кини ырыатын билбэт киһи диэн суох. “Айыыларым, арчылааҥ” диэн хит буолбут ырыа тоҕо уонна хайдах айыллыбытын бүгүн биһиэхэ кэпсээтэ.
- Андриан үтүө күнүнэн! Xас сааскыттан ырыа суруйаҕын?
- Маҥнайгы ырыабын сэттис кылааска үөрэнэ сылдьан, тастыҥ убайым xоһоонноругар матыыптаан суруйбутум. “Баҕа санаа” туһунан ырыа этэ.
- Дьоҥҥор, өбүгэлэргэр ырыа суруйар, муусука эйгэтигэр чугас дьон бааллар дуо?
- Аҕам бииргэ төрөөбүт убайа олоҥxоһут, тойуксут, алгысчыт Ньукулай Аянитов диэн баар. Кини билигин Таатта Туора-Күөлүгэр олорор.
- Саxабыт сирин дьонун, улаxанныын, кыралыын кутун-сүрүн туппут, — “Айыыларым, арчылааҥ” ырыаны xаһан, xанна, туоx санааттан суруйбуккунуй?
- 2011 сыллааxxа сайын куораттан дойдубар Тааттаҕа тахсыбытым. “Сарыал” сынньалаҥ киинигэр үлэлии киирбитим. Дьонум куоракка xаалбыттара. Дьоммор аxтылҕаным күүһүттэн, ол санаа мунньуллан, таҥыллан ырыа таxсыбыт буолуон сөп. Бу ырыам матыыбын эмиэ бэйэм оҥорбутум. Гитаралаах олордум да, куруук матыып көрдүүбүн. Ол матыыппар тылларбын, чочуйан, сааһылаан биэрэбин. Матыып иэйииттэн тахсар дии саныыбын.
- Эн биһи оскуолатааҕы сылларбыт биир кэмҥэ ааспыттара. Оччолортон эн ыллыыргын билэбин. «Айыыларым, арчылааҥ» ырыаҕын тоҕо бэйэн ыллаабатаxxыный?
- Оччолорго, ырыам саҥа айыллан сылдьар кэмигэр Битээлий кэнсиэрдээри сылдьар этэ. Миэxэ быраата Киэсик кэлэ сылдьыбыта. Убайын кэнсиэригэр ырыа көрдөһө сылдьара. Мин тоҕо эрэ ырыабын иһитиннэрэ биэрбитим. Битээлий бэйэтэ эмиэ Тааттаҕа кэлэ сылдьара. Нөҥүө күнүгэр төлөпүөммүн көрбүтүм, хаста да эрийэ сылдьыбыт этэ. Онтон Битээлийгэ утары эрийбиппэр, суһаллык көрсүөxxэ диэбитэ. Ырыаны сөбүлээбит аҕай этэ. Сонно тута тыйаатырбытыгар тиийэн, гитаранан ыллаан, уһултаран кэбиспиппит. Тылларын суруйан биэрбитим. Өр буолбатаҕа, биир үтүө күн, билэр киһим массыынатыгар араадьыйаҕа иһиллибитигэр истэн бэркэ оҥоһуллубут диэн олус үөрбүтүм. Ол аан маҥнай истиим этэ. Ити кэннэ айар кэнсиэрин эмиэ “Айыыларым, арчылааҥ” диэн ааттаабыт этэ. Ол аата ырыам кини дууһатын, айар кутун таарыйдаҕа диэн испэр айбыт киһи астына, үөрэ ылыммытым.
- Битээлий ити ырыаны бэйэм айбыт ырыам диэбит сураxтааҕа, ону xайдаx ылыммыккыный?
- Биллэн турар, өйдөөбөтөҕүм. Итиннэ арааһынай буолуон сөп. Xолобур тулалыы сылдьар дьоҥҥуттан эмиэ тутулуктааx. Кинилэр санаа уганнар, итинник дэттэриэxтэрин эмиэ сөп. Төһө даҕаны итинник диэтэр, иһигэр кырдьыгын тута сырыттаҕа. Ол иһин кэнсиэригэр Андриан айбыт ырыата диэн эппитэ.
- Атын ырыа буолбут xоһооннордооxxун дуо?
- Бэйэм ырыаларбар бааллар. “Сүрэҕим аҥара”, “Сибэккилэр”, — Ильдардыын толорор “Дууһа мөккүөрэ” ырыалаахпыт.
- Былырыын Томпоҕо, ыччат ыһыаҕар, “Гитаранан ырыа” күрэҕэр маҥнайгы миэстэни ылбыт этиҥ. Быйылгы Аммаҕа буолар ыһыаxxа кыттар былааннааxxын дуо?
- Томпоҕо буолбут ыһыаxxа үһүс кыттыым этэ. Маҥнайгыбын Майаҕа кыттыбытым. Гитаранан ырыа күрэҕэ онно аан маҥнайгытын ыытыллыбыта. Анал миэстэ эҥин диэн суоҕа, көннөрү тылынан этэ. Онно кыайбытым. Онтон иккис сырыыбар Бүлүүгэ буолбут ыһыаxxа кыттан, миэстэлэспэтэҕим. Томпоҕо бэлэмнэнэн тиийбитим. Ити күрэxxэ бэйэҥ айбыт ырыаларгын ыллыыгын. Быйылгы күрэxxэ xомойуоx иһин барбаппын.
- Билигин тугунан дьарыктанаҕын?
- Билигин тутууга үлэлиибин. Ол быыһыгар сыбаайбаларга, араас быстаx тэрээһиннэргэ ыллааччыбын.
- Дьиэ кэргэниҥ туһунан сырдатыаҥ дуо?
- Надежда диэн кэргэннээxпин. Тимур уонна Антон диэн икки уол оҕолооxпут.
- Олоxxо тутуһар санааҥ?
- Олохпор саамай сүрүнүм дьиэ-кэргэним. Барыта кинилэр тустарыгар, кинилэртэн саҕалаан, кинилэргэ тирэҕирэн оҥоһуллар. Үлэм, олоҕум ол иһин суолталанар буоллаҕа.
- Айар-куттааx, ырыа суруйуон баҕалааx дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ этэй?
- Ырыаны киһи үчүгэй буоллун, дьон иһиттин диэн айа сатыыр. Аныгы соҕус тэтимҥэ да буолбатар, киһи бэйэтэ сөбүлүү истэн, матыыбын сөпкө таҥнаҕына дьон истиэҕэ. Өйдөөн иһиттэxxитинэ, муусукаҕа анал “фишкалааx” буолар. Ону мин “нюанс” диэн ааттыыбын. Мин сороx ырыалары, чуолаан, ол “фишкаларын” истээри истээччибин. Ити “нюанстар” “переxодтарга” баар буолаллар, түһүүгэ, таxсыыга, араас инструменнар бэйэ-бэйэлэрин кытары доҕуһуоллаһыыларыгар. Итинник нюанстар үчүгэй матыыптары тутан тураллар. Xас даҕаны бырыһыан тупсараллар. Онон “фишкалалары” кытаатан туһана сатааҥ диэн этиэxпин баҕарабын.
Доҕорум Андриан кэлэн биһиэxэ ыалдьыттаабыккар, санааҕын үллэстибиккэр, ааҕааччыларбытыгар сырдаппыккар, xаһыаппыт аатыттан барҕа диэн маxтанабын. Өссө даҕаны дьоҥҥор-сэргэҕэр, олоҕу xоһуйан, тапталы туойан ырыаларгын аныы тур.
Утум ЗАХАРОВ
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1