«Гиркилэннэр» бастакы ханаалга былааһы ыллылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ Дьокуускай куорат «Гиркилэн» ансаамбылын киин телевидение бастакы ханаалыгар көрдөрбүттэр. Бу үөрүүлээх сонунун биһиэхэ ансаамбыл салайааччыта Анастасия Куличкина иһитиннэрдэ.


— «Доброе утро» биэриигэ Эскимо күнүгэр аналлаах сюжекка А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр баар «Гиркилэн» эбэҥки фольклорнай ансаамбылын оҕолорун уонна төрөппүттэрин устубуттарын көрдөрдүлэр. Ити сюжеты устар кэмнэригэр таһырдьа  -34 кыраадыс тымныы этэ.

Тохсунньу 24 күнэ — Эскимо күнэ. 1922 сыллаахха Америка Онава куоратын олохтооҕо, бас билэр маҕаһыыннаах кулинар-кондитер Христиан Нельсон эскимоҕа патент ылыаҕыттан бу күн олохтоммут.

Сюжеты  https://www.1tv.ru/-/bqrid  аадырыһынан киирэн көрүөххүтүн сөп.

Хаартыскалар: Роман Кутуков уонна ансаамбыл төрөппүттэрин түһэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0