Гирииптэн хайдах харыстанабыт?

13.01.2017
Бөлөххө киир:

Сыстыганнаах ыарыылар, чуолаан гириип уонна ОРВИ бүрүүкээбит кэмигэр хайдах харыстанары үрүҥ халааттаах аанньаллар сүбэлэрин бэчээттиибит. Бу ыарыыттан сэрэтэр быраабылалары халбаҥнаабакка тутустахха, ыарыыга сыстар куттал 80 бырыһыанынан кыччыаҕа.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

    1. Ыарыыны утары охсуһарга күннээҕи режими халбаҥнаабакка тутуһуҥ. Уһуннук утуйуҥ, тото-хана аһааҥ, быраастар сүбэлэрин-амаларын халбаҥнаабакка толоруҥ. Ханнык баҕарар куһаҕан дьаллык доруобуйа уопсай туругар, иммунитекка дьайар.
    2. Уулуссаҕа тахсыах иннинэ сылаастык таҥныҥ. Атаххытын тоҥорумаҥ. Тоҕо диэтэххэ, мурун салыҥнаах бүрүөтүн туругар эппиэттиир био-актыыбынай туочукалар үксүлэрэ киһи уллуҥаҕар бааллар.
    3. Тымныыга айаххытынан тыынымаҥ. Саарпыктаах сылдьыҥ.
    4. Гириип өрө турбут кэмигэр элбэх дьон мустар сиригэр сылдьаргытын аҕыйата сатааҥ. Уопсастыбаннай тырааныспарга мааскалаах сылдьыҥ. Ол гынан баран, мааска чаас аҥаара эрэ кэмҥэ туһалааҕын умнумаҥ. 30 мүн. буола-буола уларытыахха наада.
    5. Элбэхтик ууну иһиҥ. Уу организмҥыттан токсиннаах шлактары таһаарар.

Үлэлиир сиргэ

Үлэҕэ эмиэ ыарыыттан харыстанар дьаһаллары ыларгытын эмиэ умнумаҥ. Элбэх киһиттэн ким эрэ ыалдьа сылдьара саарбаҕа суох.

— Тус гигиенаны тутуһаргытын умнумаҥ. Үлэҕэ кэлэргитигэр, уулуссаҕа тахсаргытыгар илиигитин мыылалаан суунуҥ, бактериялары сыһыарбат сииктээн салфетканан сотто сылдьыҥ.

— Үлэлиир остуолгутун мэлдьи сииктээх тирээпкэнэн сото сылдьыҥ. Тоҕо диэтэххэ, инфекцияны илдьэ сылдьар киһи ытырдарыгар бактериялар салгыҥҥа, араас эттиктэргэ хаалан хаалаллар, быылы кытары тыынар уоргаҥҥытыгар киирэллэр.

— Күҥҥэ үстэн итэҕэһэ суох уоннуу мүнүүтэ устата үлэлиир хоскутун салгылатыҥ.

— Куртах чэпчэкитик буһарар аһылыгын сиэҥ, ол эрэн тотоойутук аһааҥ.

— Дьиэҕитигэр кэлэн баран, бэлэскитин туустаах суурадаһынынан үчүгэйдик ыраастаныҥ. Бу суурадаһын вирустан быыһыа уонна ордук хос чалахайтан босхолуо. Дьиэ салгыннаах буоларын наадатыгар сииктээн соттордору ыйааҥ, уулаах иһити ууруҥ. Тоҕо диэтэххэ, вирустар таҥаска-сапка «хаайтараллар», онон кэтэр уонна утуйар таҥаскытын элбэхтик сууйуҥ. Тумуу киирдэҕинэ, биирдэ туттуллар салфеткалаах сылдьыҥ.

Чэгиэн-чэбдик сылдьыҥ.

Надежда Егорова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0