Гириип муҥутуур кээмэйи аһарда

Бөлөххө киир:

2019 сыл үс нэдиэлэтигэр Дьокуускай куоракка уонна өрөспүүбүлүкэҕэ респираторнай вируснай инфекциянан ыалдьыы муҥутуур кээмэйи 46,1%, аһарда. Чуолаан, өрөспүүбүлүкэҕэ – 32, Дьокуускайга 78 бырыһыан аһарбыта бэлиэтэннэ.

edersaas.ru


ОРВИ-нан ыалдьыбыт дьон 82 бырыһыана – 14-гэр диэри саастаах оҕолор, үксүлэрэ оҕо саадыгар сылдьар кырачааннар.

Манна даҕатан эттэххэ, былырыын баччаларга гириип өрө турбута. 2018 сылга бу кэмҥэ – 6 тыһыынчаттан тахса, 2017 сылuа – 7,4 тыһыынча киһи дьаҥҥа хаптаран, эмчиттэр өҥөлөрүнэн туһаммыта.

Гириип, ОРВИ турар кэмигэр эмчиттэр маннык сүбэлэри санаталлар:

  • Ыалдьыбыт оҕолоргутун  уһуйааҥҥа, оскуолаҕа, култуурунай-маассабай тэрээһиннэргэ ыытымаҥ. Бэйэҕит билэргитинэн эмтээбэккэ, бырааскытын ыҥырыҥ. Быраас анаабыт эмтэрин эрэ иһэрдиҥ, төһө кыалларынан ууну элбэхтик иһэрдэ сатааҥ;
  • — Дьон тоҕуоруһар сиригэр сылдьар бириэмэҕитин аҕыйатыҥ;
  • Биирдэ туттуллар медицинскэй маасканы кэтэ сылдьыҥ;
  • Ытырдаргытыгар уонна сөтөллөргүтүгэр биирдэ туттуллар салпыатканы туттуҥ;
  • Илиигитин мыылалаах уонна инфекцияны утарсар сириэстибэнэн суунуҥ, уулуссаттан уонна уопсастыбаннай тырааныспартан кэллэххитинэ, мурун көҥдөйүн ыраастанаргытын үгэскэ кубулутуҥ.

Ыалдьымаҥ, доруобай буолуҥ!

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0