Гириибинэн ыалдьыы аҕыйаабат

29.01.2020
Бөлөххө киир:

Кэнники түөрт нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэҕэ уонна Дьокуускай куоракка ОРВИ-нан ыалдьыы муҥутуур нуорманы аһарда.

Эмтиир тэрилтэлэр уонна аптыакалар вируһу утары охсуһар препараттар уонна бэйэни харыстанар тэриллэр (мааскалар, бэрчээккэлэр) саппаастарын хааччыналлар.
Үөрэх тэрилтэлэригэр уонна оҕо уһуйааннарыгар салгыны ыраастыыр эбии тэриллэри атыылаһыахтара.

Исписэлиистэр сүбэлииллэринэн:
-Ыалдьыбыт оҕолору оҕо уһуйааннарыгар, оскуолаларга, култуурунай-маассабай тэрээһиннэргэ ыытымаҥ. Бэйэҕит эмтии сатаабакка, эмтиир бырааскытын ыҥырыҥ. Төһө кыалларынан элбэх ууну иһиҥ.
-Элбэх дьон тоҕуоруһар сиригэр сылдьар бириэмэҕитин кыччатыҥ.
-Дьон элбэх сиригэр харыстанар маасканы кэтэ сылдьыҥ.
-Уулуссаттан кэлэн уонна уопсастыбаннай тырааныспарынан айаннаан баран, мурун көҥдөйүн сууна сылдьаргытын умнумаҥ.

Манна даҕатан эттэххэ, былырыын баччаларга Саха сиригэр гириип уонна ОРВИ ыарыылар муҥутуур боруогу үс төгүл аһарбыттара. Гириип сааһыттан тутулуга суох нэһилиэнньэ бары араҥатын хаппыта. Муҥутуур боруок: 3-6 саастаахтарга – 65%, 7-14 саастаахтарга – икки төгүл, 15 саастан үөһээлэргэ 2,6 төгүл аһарыллыбыта. Ол эбэтэр, тохсунньу 16-22 күннэригэр 13,5 тыһыынча киһи эмчит көмөтүгэр наадыйбыта.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0