Гириип өрө турар

24.01.2018
Бөлөххө киир:

СӨ Роспотребнадзора саҥа сыл иккис-үһүс нэдиэлэлэригэр гириип уонна ОРВИ элбиэҕин сабаҕалаабытын курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ, Дьокуускай куоракка гириип уонна ОРВИ өрө турбута бэлиэтэннэ.

edersaas.ru

Нэдиэлэтээҕи мониторинг көрдөрөрүнэн, ахсынньы 15 күнүттэн бу ыарыыларынан сибээстээн, 6 тыһыынчаттан тахса киһи эмчиккэ көрдөрүннэ (былырыын тохсунньу 9-15 күннэригэр 7,5 тыһыынча киһи медицинскэй көмөҕө наадыйбыта).

Алта тыһыынча киһиттэн 81 бырыһыана – 14-гэр диэри саастаахтар. Үксүгэр оҕо саадыгар сылдьар уонна иккилэригэр диэри саастаах кырачааннар ыарыйдылар.

Манна сыһыаран эттэххэ, былырыын баччаларга гириип уонна ОРВИ ыарыылар Арассыыйа 52 субъегар киэҥник тарҕаммыттара. Регионнарга үксүлэригэр ыарыы өрө туруутун муҥутуур боруогун 60 бырыһыанынан куоһарбыта. Билигин даҕаны дьаҥ-дьаһах иккис долгуна эмиэ биллэн ааһыан сөп.

Доруобай буолуҥ!

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0