«Айыы кыһата» оскуола 2-с «б» кылааһын үөрэнээччитэ Сайаана Филиппова Москуба уобалаһыгар VII төгүлүн ыытыллыбыт «Кроха-2020» диэн художественнай гимнастика куонкуруһугар кыттан үһүс миэстэни ылан кэллэ.
edersaas.ru
Кырачаан Сайаана Арассыыйа таһымыгар бастакы ситиһиитэ. Бу туһунан ийэтэ Диана Филиппова маннык кэпсээтэ:
— Биһиги дьиэ кэргэн икки оҕолоохпут. Сайаанабыт дьиэ кэргэн улахан оҕото, сааһа аҕыһа. Кыыспыт 4 саастааҕар «Туймаада бриллианнара» диэн художественнай гимнастика дьарыгар биэрбиппит. Бастаан утаа бэйэлэрин кулууптарын иһинэн буолан куонкурустарга кыттара. Онтон тренерэ Анастасия Кычкина маннык куонкурус буоларын, кыыспыт кыттыан сөбүн эппитигэр, тута сөбүлэспиппит. Оҕобут ситиһиилэнэн кэлбититтэн наһаа үөрдүбүт. Оҕобут сыралаах үлэтин саҥа саҕалааһына диэххэ сөп. Кини нэдиэлэҕэ биэстэ дьарыктанар. Дьиэтигэр киэһэ сэттэ саҕана кэлэн уруогун аахтар. Онон гаджекка да аралдьыйар бокуойа суох. Билигин кыра буолан анал диета эҥин диэни тутуспат. Бэйэтэ да минньигэһимсэҕэ суох оҕо. Төрөппүт быһыытынан эттэххэ, оҕо хайаан да эт-сиин өттүнэн дьарыктаныахтаах.
Ульяна ЗАХАРОВА. edersaas.ru