Гидрометкиин от ыйдааҕы күн-дьыл туругун билгэлээтэ

Ааптар: 
28.06.2022
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр күн-дьыл туругун кэтээн көрөр Гидрометкиин  от ыйыгар  күн-дьыл туругун билгэлээтэ.

Киин улуустар арҕаа өттүгэр (Дьокуускай, Нам, Бэрдьигэстээх, Сиинэ, Иһит, Сангаар) маҥнайгы декадаҕа түүнүн  + 5 — 10, күнүһүн +19 — 24  кыраадыс итии буолара  күүтүллэр. Онтон кэлэр күннэргэ түүнүн +11-16°, күнүһүн +24-29 кыраадыска диэри сылыйара сабаҕаланар. От ыйын 20-с күннэригэр  +30-35  кыраадыска диэри тиийиэн сөп. Ый бүтүүтэ арыый сөрүүкүөҕэ, кыраадыс +16-21.

Илин сытар киин улуустарга (Амма, Чурапчы, Ытык Күөл, Бороҕон) ыйдааҕы орто кыраадыс  +18-19, ол эбэтэр, өр сылларга кэтээн көрүү көрдөрүүлэриттэн 1 кыраадыһынан сылаас. Түүн сүрүннээн +18-19.  Бу күннэргэ күнүһүн +20-25 кыраадыс туруоҕа. От ыйын 20-с күннэригэр муҥутуур  итии күннэр тураллара (+30-35) күүтүллэр.

Өрөспүүбүлүкэ илин өттүгэр   (Уус Маайа, Уус Үдүмэ, Югоренок, Ааллаах Үүн) ыйдааҕы орто кыраадыс +14-18°С, бу өр сылларга кэтээн көрүү көрдөрүүлэригэр тэҥнэһэр. Түүн сүрүннээн +9-14°С, күнүһүн +14-19°С сылаас. От ыйын 20-с күннэригэр күнүһүн +26-31°С тиийэ сылыйыаҕа.

Соҕуруу улуустарга (Алдан, Учур, Нагорнай, Томмот) ыйдааҕы орто кыраадыс  +14-18. Түүн +10-15. Ый маҥнайгы уон хонугар түүнүн +2-7 кыраадыска тиийэ намтыаҕа, күнүһүн ый бүтүүтэ +21-26 диэри  сылыйыа.

Арҕаа улуустарга (Өлүөхүмэ, Сунтаар, Ньурба, Бүлүү, Мииринэй, Чернышевскай, Туой Хайа, Витим) ыйдааҕы орто кыраадыс +16-18. Түүн +9-14, күнүс +23-28, от ыйын 20-с күннэриттэн түүн +12-17, күнүс +26-31 кыраадыс сылыйыы күүтүллэр.

Хоту улуустарга (Күһүүр, Тиксии, Казачье, Уус  Куйга, Депутатскай) ыйдааҕы орто кыраадыс +7-12°С. Түүнүн  +2-7°С, күнүһүн +10-15, муора кытылыгар +6-11, ый бүтүүтэ сылыйыаҕа, түүн +5-10, күнүс +14-19  кыраадыска тиийиэ.

Саха сирин хотугулуу-арҕаатыгар (Сааскылаах, Өлөөн, Эдьигээн) ыйдааҕы орто кыраадыс +10-15, бу кэмнээҕи орто көрдөрүүлэртэн икки кыраадыс кэриҥэ намыһах. Ый бүтүүтэ күнүс +20-25 кыраадыс  тиийэ сылыйаҕа.

Хотугулуу-илин улуустарга (Үөһээ Дьааҥы, Өймөкөөн, Уус Муома, Ньара) ыйдааҕы орто кыраадыс +13-16 кыраадыс. Түүнүн +3-8 кыраадыс күүтүллэр, күнүс +17-22°С сылыйыаҕа. Ый бүтүүтэ түүнүн  +1-6, күнүһүн +14-19°С сылаас буолуо диэн сабаҕаланар.

Уһук хотугулуу илиҥҥи улуустарга (Чокуурдаах, Дружина, Орто Халыма, Зырянка) ыйдааҕы орто кыраадыс  +12-17. Түүҥҥү кыраадыс +8-13, күнүһүн +17-22 кыраадыс.  Ый ортото түүнүн +2-7, күнүһүн +10-15   кыраадыс, ый бүтүүтэ күнүһүн 24-29°С тиийэ сылыйаҕа.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0