Георгий Степанов: “Киһи үйэтэ уһаан иһэр”

Бөлөххө киир:

Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатын управляющайа Георгий Степанов суруналыыстарга пресс-конференция биэрдэ.


2019 сылтан биэнсийэҕэ тахсар саас уһаан, кэккэ уларыйыылар күүтэллэр. Кылгастык эттэххэ, Саха сиригэр дьахталлар 55, эр дьон 60 саастарыгар тахсыахтара. Сааһы уһатыы 10 сыл иһигэр түһүмэҕинэн барыаҕа. Иккиттэн элбэх оҕолоох ийэлэр, хотугу ыстаастара баар буоллаҕына, 50 саастарыгар тахсар бырааптаахтар. Ону тэҥэ, кадровай булчуттар, балыксыттар, табаһыттар, шахтердар, уо.д.а. ыарахан усулуобуйаҕа үлэлиир дьон эмиэ эрдэ тахсаллар.

Саха сиригэр билигин 278 тыһыынчаттан тахса биэнсийэлээх баар.  2002 сылга биэнсийэлээх ахсаана – 198 тыһ. киһи этэ. Ол эбэтэр, 16 сыл иһигэр 80 тыһыынчанан элбээбит. Оттон саҥа тахсааччы ахсаана аҕыйаан иһэр эбит. Урут сылга 25 тыһыынча кэриҥэ киһи биэнсийэҕэ саҥа тахсар буоллаҕына, былырыын 17,3 тыһ. киһи тахсыбыт. Быйыл өссө аҕыйыыр кэриҥнээх.

Георгий Степанов бу көстүү төрүөтүнэн орто саас уһаабытын ааттаата. 6 сыллааҕыта 80 саастарын ааспыт дьон ахсаана 8 тыһыынча этэ, 2018 сылга 12,2 тыһыынча буоллулар. Ол эбэтэр 35% улааппыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ 100 сааһын ааспыт 83 киһи олорор. Оттон орто саас дьахталларга – 76, эр дьоҥҥо – 66 эбит.

Страховой биэнсийэ орто кээмэйэ – 19,5 тыһ. солк.

Георгий Михайлович биэнсийэ сааһын үрдэтиини сүрүн сыалы ситиһэр механизмынан ааттаата. Сүрүн сыалынан биэнсийэ систиэмэтин тупсарыы, биэнсийэ кээмэйин үрдэтии буолар. Бу реформа буолбатах, тоҕо диэтэр, сүрүн тутула оннунан хаалбыт, арай тахсар саас эрэ уһаан биэрбит.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0