Георгий Никонов: «Улуу сырыылар суолларынан» бырайыак сайда туруоҕа

Ааптар: 
22.05.2022
Бөлөххө киир:

Үйэлээх үбүлүөй тэрээһиннэрэ кэлимсэ ааһаллар, кылгас кэм иһигэр араас сонун, дьикти түмсүүлэр, биһирэбиллэр Саха сирин олохтоохторун болҕомтолорун тартылар. Олортон биирдэстэринэн «Улуу сырыылар суолларынан» сүүнэ бырайыак бастакы документальнай киинэтин биһирэбилэ буолар. Арассыыйа Географическай уопсастыбатын, «Арассыыйа» ВГТРК «Моя планета» ханаалын бөлөҕүн күүһүнэн уһуллубут «Маҥнайгылар» (“Первопроходцы”) диэн киинэ үгүс сиэрийэттэн маҥнайгыта буолуохтаах.  «Улуу сырыылар суолларынан» бырайыак ааптара

Георгий Никонов бу үлэтин туһунан  “Сэмсэ санаа” биэриигэ кэлэн  “Саха сирэ” хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ  Чокуур Гаврильевтыын кэпсэттэ.

 — Георгий Дмитриевич, бэртээхэй киинэ оҥоһуллан тахсыбытынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. «Улуу сырыылар суолларынан» бырайыак киинэ эрэ буолбатах – элбэх туомнаах кинигэни, үгүс эспэдиисийэни, чинчи­йиини түмэр. Туох санаа маннык улахан үлэҕэ кубулуйбутун туһунан ааҕааччыларбыт билиэхтэрин баҕараллар. Бастакы хардыыга туох угуйбутай?

— Маҥнайгы санаа биир мөккүөрдээх кэпсэтииттэн үөскээбитэ диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. 2002 сыллаахха Уһук Илин федеральнай уокурукка Саха сирин Бастайааннай бэрэстэбии­тэлинэн ананан Хабаровскай куоракка тиийбитим. Онно ыаллыы сытар кыраайдар, уобаластар бэрэстэбиитэллэрин кытта үлэлэһэ сылдьан, бэйэ икки ардыгар алтыһыыга “Уһук Илини ары­йыыга Дьокуускай куорат бастакы киин буолан, бу эрэги­йиэҥҥэ тэнийии, сайдыы барбыта” диэн санааны эппиппэр, кэпсэтэр дьонум бастаан сөпсөспөт курдук буолбуттара. Ол эрэн, бары үөрэхтээх, ырытар дьоҕурдаах дьон буоллахтара дии, мөккүөр түмүгэр “кырдьык, оннук эбит” диэн сүрүн санааҕа кэлбиппит. Онно Саха сирин Уһук Илин сайдыытыгар улахан оруоллааҕын, оччотооҕуттан форпост быһыытынан туһанылларын бар дьоҥҥо тиэрдэр оруннааҕын туһунан санааҕа кэлбитим. Санаатахха,  барыта өйдөнөр, судургу билии курдук эрээри, оннук харахха быраҕыллар, дьэҥкэ чахчы буол­батах эбит диэн өйдөөбүтүм. Онон “туох барыта ыраахтан одуулаан көрдөххө, ордук ырылхайдык көстөр, өйдөнөр” диэн санааны тус бэйэм билбитим. Итинтэн 6 туомнаах улахан кинигэ таҥыыта саҕаламмыта. Бастакы туомугар Саха сириттэн тирэнэн Охуоскай муора, Камчатка, Чукотка, Эмиэрикэ кытылыгар тиийэ Арассыыйа тэнийиитэ саҕаламмыта кэпсэнэр. Иккис туомугар Саха сириттэн саҕалаан Уһук Илин куораттара Хабаровскай, Николаевск-на-Амуре уонна да атын куораттар төрүттэммиттэрин туһунан. Үһүс, төрдүс туом­нарга Дьокуускайтан аттаммыт эспэдииссийэлэр Арктиканы баһылааһыннара суруллар. Бэһис, алтыс туомнар сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар Арассыыйа Наукаларын академиятын эспэдииссийэлэрэ Саха сиригэр чинчийии ыыппыттарыгар анаммыттара.

— Алта туомнаах улахан хомуурунньук буолан таҕыс­та диэтиҥ. Оччоҕуна «Моя планета» ханаал киинэлэрэ ити кинигэҕэ олоҕуран салгыы уһуллар буоллахтара дии?

— Бу кинигэ туспа туомнара хаста даҕаны бэчээттэнэн тахсыбыттара эрээри, алта туом­наах туспа хомуурунньук быһыытынан бу күҥҥэ диэри тахса илик. Билигин өрөспүүбүлүкэбит сүүс сылын көрсөр тэрээһин чэрчитинэн 6 кинигэлээх толору айымньы быһыытынан тахсара былааҥҥа киирэн турар. Саха сиригэр эрэ буолбакка, Уһук Илиҥҥэ, Арассыыйа киин эрэги­йиэннэригэр киэҥник тарҕаныа диэн эрэл баар.

Киинэ туһунан этэр буоллахха, документальнай киинэлэр ситимнэрэ «Улуу сырыылар суол­ларынан» бырайыакка киириитэ ВГТРК-ны кытта Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан дуогабар түһэриллибититтэн саҕаланар. Киинэ сценарийа, биллэн турар, кинигэҕэ олоҕурар, ол эрэн, тутула улуу сир арыйааччылар дьылҕаларынан сиэттэриллэр. Маҥнайгы киинэ Семен Дежнев сырыытын кэтээн көрүү курдук уһуллубута. Иккис киинэҕэ Витус Беринг кэмэ арыллара былааннанар. Беринг Дьокуускайга түөрт сыл кыстаан эспэдииссийэтин тэрийбитэ. Беринг аатын муора силбэһиитэ, тоҕой, тимир уһаарар собуот, туус собуота сүгэллэр, дойдубут илин диэки тэнийиитигэр сүдү суолталаах аат буолар.

«Моя планета» устар бөлөҕө бу сайын кэлэн бэрт киэҥ сиринэн тэлэһийэн элбэх устууну ыыппыта. Өлүөхүмэ ыһыаҕар сылдьан сөҕөн-махтайан, Тааттаҕа Чөркөөх мусуойугар, Уус Алдаҥҥа “Дружбаҕа” киинэ уус-уран сюжеттарын устан, Өймөкөөҥҥө, Хаҥаласка Дежнев суолун суол­лаан, бүтэр уһугар Аллараа Халымаҕа Черскэй, Походскай бөһүөлэктэргэ тиийэ айаннаабыттара. Киинэ эспэдиис­сийэтэ тиийбит муҥур уһугунан Чукоткаҕа Дежнев тумула буолбута. Биллэн турар, киинэ устуута салҕанан бара туруоҕа, элбэх сиэрийэ тахсыа.

— Арыйааччыларбытыгар төннөн кэллэххэ, тус бэйэҥ санааҕар, Саха сирин норуоттарын көмөтө, саҥа сирдэри ары­йарга кылааттара төһө суолталаах этэй?

— Урут Арассыыйа империя­тын улуу арыйыыларын тиэмэтин арыйыыга олохтоох норуоттар кылааттарын сырдатыы бэрт чычаас, үрдүнэн этэ да диэххэ сөп. Дьиҥэр, Саха сиригэр тимири уһаарар, сындааһын­наах сылгылары иитэр саха омугун көрсүбүттэрэ маннык киэҥ далаа­һыннаах эспэдииссийэлэри тэрийэллэригэр сүрүн оруолу оонньообута саарбаҕа суох. Ол аата, империя олохтонуутугар сахалар кылааттара, омуна суох, сүдү. Бу туһунан тахсыбыт киинэбит дьэ сөптөөх дириҥ сыанабылы биэрэр. Киинэ оҥоруутугар учуонайдар үлэлэспиттэрэ. Холобур, Швейцарияттан Лозанна куорат университетын бырапыассара Эрих Хёсли, Москва, Санкт-Петербург куораттан Сибиири чинчийэр учуонайдар көхтөөх кыттыыны ылбыттара. Кинилэр “Нууччалар Сибиир норуоттарыгар аҕалбыт өҥөлөрүн туһунан элбэх суруйуу баар, оттон бу омуктартан, чуолаан, сахалар туһаларын туһунан суруйуу бэрт кыра эбит” диэбиттэрэ. Сахалар суохтара эбитэ буоллар, 40 эрэ сыл иһигэр Арассыыйа империята бу курдук тэнийиэ суоҕа эбитэ буолуо диэн түмүккэ кэлбиттэрэ.

— Киинэ бырайыага оҥоһуллуон быдан иннинэ үгүс эспэдииссийэлэри тэрийэн ыыппыккыт. Хас эспэдииссийэ тэриллибитэй, ханна тиийэ сылдьыбыккытый, тугу онно булбуккутуй, билбиккитий?

— Аахтахха, сүүрбэччэ араас таһымнаах чинчийэр эспэдииссийэ тэриллибитэ. Арассыыйа Географическай уопсастыбатын (РГО) кытта үлэлиибит, Саха сиринээҕи салаатын чэрчитинэн тэриллэр сырыылар. Сүрүнэ, сахалар ханан тэнийэн олорбуттарын, ханна туох дьайыыны оҥорбуттарын үөрэтэбит, көрөбүт. Ити курдук чинчийиилэрбит сахалар сырыылара ырааҕын көрдөрдө, сөхтөрдө. Бэрт соһуччу булумньулар бааллар. Холобур, Сахалиҥҥа ньиэп баарын Байбал Филиппов диэн киһи арыйбыт эбит, дьикти арыйыы.  Кини 1879 сыллаах­ха Сахалин ньиэбин булбутун туоһулуур докумуоннар бааллар, ол дойду чинчийээччилэрэ ону бигэргэтэллэр. Манна кэлэн кимтэн кииннээх, хантан хааннаах киһи буоларын архыыптан көрдүү сатаабыт да, күн бүгүн көстө илик. Ити арыыга “ньиэп столицата” диэн ааттанар Оха куоракка Павел Филипповка анаммыт өйдөбүнньүк бэлиэ туоруорбуппут. Бэйэтин кэмигэр бу арыйыы туһунан Санкт-Петербурга суут буола сылдьыбыт, онно Скрябин уонна Уванов диэн сахалар “Филиппов ньиэби бастакы булбута” диэн туоһу буолбуттара. Онон сахалар ити диэки бэрт улахан дьайыылаахтара саарбаҕа суох.

— Дьэ кырдьык, киһини соһутар чахчы эбит. Оттон Хабаровскай, Амурскай кыраай­дар диэки эспэдиисси­йэҕит туох арыйыылары биэрбитэй?

— Владимир Арсеньев диэн, географияны, этнографияны чинчийэр нуучча учуонайа сахалары кытта Амур диэки сылдьыбытын туһунан суруйууларыгар олоҕуран, кини суолунан эспэ­дииссийэ тэрийбиппит. Бэрт интэриэһинэй суруйуулары хаалларбыт, холобур, “сахалар хантан да кэлбэтэх, маннааҕы төрүт омуктар” диэбит. Амур кыраа­йыгар Сергучев диэн саха ыалыгар түспүтүн, онна ойуун кыырарын кэтээбитин суруйар. Аттаах, табалаах сахалары кытта 1917-1918 сылларга киэҥ сири кэрийбит. Бу айаммытыгар сахалыы топонимнар Уһук Илин араас эрэгийиэннэригэр тэнийэ сыталларын биир бэйэм дьиктиргии көрбүтүм. Еврейскэй автономнай уокурук киин заповеднига “Бастаах” диэн ааттаах, чугас­тыы “Доҕордоон” диэн бөһүөлэк сытар, онон-манан “күрүөлээх” ханнык эрэ “үрэх” диэн сыһыарыылаах сирдэр киэҥ сиринэн ыһылла сыталлар. Доҕордооҥҥо Колесова Антонина диэн аҕам саастаах дьахтар көрсүбүтэ, үйэтин сааһын тухары олорор, олохтоох киһи. Кини чочумча нууччалыы кэпсэтэн баран сахалыы саҥаран киирэн барбыта. “Манна элбэх этибит, түөлбэлээн олорбуппут, кэргэним саха этэ” диэн кэпсээбитэ.

— Бу уонча сыл устата устуоруйаҕа бэрт улахан суолталаах, элбэҕи саҥаттан көрдөрөр чинчийиилэри оҥорбуккут. Бэйэҥ санааҕар, бу үлэлэр санаа уларыйыытыгар сабыдыал биэрдилэр дуо? Киин сир учуонайдара болҕомтолорун уурдулар дуо?

— Бастаан бу үлэбит саҕаланыыта, маҥнайгы кинигэлэрбит тахсалларыгар, “Якутия – родина слонов” диэн күлэр аҥаар­даах сыһыан баһыйар этэ. Ол да буоллар, кэм ааһыыта, санаа уларыйыыта тахсан эрэрэ көстөр. Холобур, аҕыйах хонуктааҕыта Хабаровскай кыраай губернатора Михаил Дегтярев Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүүс сылынан эҕэрдэ тылыгар “Саха сириттэн Уһук Илин арыллыыта саҕаламмыта” диэн бэлиэтээн турар. Ол аата, дойду салалтатыгар, чинчийэр учуонайдарга Саха сирин Уһук Илин сайдыытыгар сүдү оруо­лун туһунан билинии тиийбитин көрдөрөр.  Улахан мусуой­дар экспозицияларыгар Саха сирин сабыдыала баарын көрдөрөр буол­лулар. “Музей истории Дальнего Востока” диэн улахан мусуой генеральнай дириэктэрэ Виктор Алексеевич Шалай соторутааҕыта кэлэн барбыта. Кини “Саха сириттэн Арассыыйа саҕаламмыта” диэн этэр, манна Чөркөөҕүнэн, Дьокуускайынан сылдьыбыта, билигин Уһук Илиҥҥэ муҥутуур былыргы таас дьиэнэн Троицкай собуор (урукку “Чароит” дьиэтэ) буоларын туоһулаан барбыта.

— Инньэ гынан, “Якутия – форпост России на Дальнем Востоке” диэн этии мээнэ тыл буолбатах эбит.

— Мээнэ тыл буолбатаҕа бигэргэтиллэн иһэр. Эрдэ форпост туһунан этии дириҥ өйдөбүлэ соччо өйдөммөт этэ, оттон билигин ити слоган элбэх биэриилэргэ, тыл этиилэригэр туттуллар, сурукка чаастатык көстөр буолла. Ити урукку кэмҥэ эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ бүгүҥҥү туругунан – биэрэр баайынан, оҥорон таһаарар үлэтинэн, тайаан сытар сиринэн, күүһүнэн-уоҕунан Уһук Илиҥҥи эрэгийиэн инники кирбиитигэр сылдьар.

— Бу чинчийиилэргэр олоҕуран Нуучча судаарыстыбата Уһук Илиҥҥэ киириитэ атын омуктар колонизациялыыр үгэстэриттэн туох уратылааҕын көрдүҥ, бу туһунан санаа үллэстиэҥ дуу?

— Арҕаа омуктар атын сирдэри баһылыыр ньымалара тосту уратылааҕа көстөн турар чахчы. Ол курдук Америка материгын баһылааһыыны ылан да көрдөххө, конкистаны санаатахха, имири эһии, уотунан-сэбинэн самнарыы сүрүн ньыма этэ. Үтүмэн элбэх омук күн сириттэн имири эстибитэ. Оттон Арассыыйа тэни­йиитигэр биир даҕаны омугу олоччу кыдыйыы суоҕа. Бастатан туран, манна православие итэ­ҕэлэ атын омугу даҕаны тыынар тыыннаах киһи диэн сыһыаны олохтуура сабыдыаллаах. Иккиһинэн, маннааҕы айылҕа олохтоох омуктарга тирэҕирбэккэ, кинилэри кытта бииргэ үлэлэспэккэ хамсанар санаалаах киһини өр тыыннаах хаалларбат. Аҥаардас таҥнар таҥаһыҥ маннааҕы усулуобуйаҕа сөп түбэһэр буолуохтаах, кэлии киһи онтуката суох сүтэр аакка эрэ барар. Аны сахалар сылгы­лаах, тимири уһаарар норуот буолан киэҥ сиринэн айанныырга көлө, тимир биэрбитэ, алтыһыы сүрүн хайысхатын эйэлээх ылсыы-бэрсии диэки салайбыта.

— Билиҥҥи күн геополитикатын таарыйан ыллахха – Европаны кытта сыһыан “тымныйбытынан”, илиҥҥи хайысхаҕа сытар омуктары кытта сыһыан хайдах сайдыаҕай, Уһук Илин федеральнай уокуругар Саха сирин Бастайааннай бэрэстэбиитэлинэн үлэлиир киһи быһыытынан, хайдах сыаналыыгын?

— Петр 1 саҕаттан өр сыллар усталарыгар Арассыыйа Европаны кытта алтыһан, үөрэнэн кэлбитэ, ол диэки сирэйдэнэр этэ. Билигин Азия улуу судаа­рыстыбаларын кытта чугасаһыы кэмэ кэллэ. Кинилэртэн элбэҕи ылар, ол туһугар үлэни ыытар тоҕоостоох кэммит үүннэ. Ол эрэн, атын омук санаата, менталитета өйдөһөргө бэрт уустук, онон элбэх чинчийии, кэпсэтии барыаҕа. Биһиги, 400 сыл устата Арассыыйаны кытта сайдыбыт омук саҥа кэмнэри сөпкө туһанан бииргэ сайда туруох­таахпыт дии саныыбын.

— Георгий Дмитриевич, улахан кэпсэтииҥ иһин махтал, өссө даҕаны биһигини кытта ситимҥин быспакка кэлэ турар буолаар!

Бэлэмнээтэ Егор Карпов, кэпсэттэ Чокуур Гаврильев

Видеота манна баар

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0