Георгий Николаев: “Саха киинэтэ доҕоттор өйөһүүлэриттэн үүммүтэ”

Ааптар: 
29.06.2021
Бөлөххө киир:

Татарстаҥҥа соторутааҕыта буолан ааспыт Саха сирин култууратын күннэригэр элбэх тэрээһинтэн биир улахан интэриэһи тардыбыт көрсүһүүнэн саха киинэтин ырытар “төгүрүк остуол” буолбута. Татаардар ис сүрэхтэриттэн бэйэлэрин киинэлэрин ситиһиилээх оҥоруохтарын баҕараллар эбит, онон ситиһиилээхтик сайда турар “саха киинэтин кистэлэҥин” таайаары элбэх ыйытыылардаах, мөккүөрдээх ырытыыны тэрийбиттэрэ. Куруутун хатыланар “ырысыаптартан” ураты, урут улахан ырытыыларга күөрэйбэтэх ыйытык киирбитэ. Кылгастык чопчулаатахха маннык: “Саха сиригэр федеральнай таһымнаах киинэ тыйаатырдара суох буоланнар, бэйэ оҥоруу киинэни улахан экраҥҥа таһаарар ордук чэпчэки эбит”. Омос санаатахха, сатамматаҕы быһаара сатаан сылтах көрдөөһүн курдук эрээри, дириҥник толкуйдаатахха, бэрт оруннаах санаа буолуон сөп курдук. Киинэ тыйаатырдара саха киинэтигэр төһө сабыдыаллаахтарын билээри, Дьокуускай куорат саамай кырдьаҕас киинэ тыйаатыра, “Лена” биир төһүү үлэһитин, дириэктэр солбуйааччыта Георгий Николаевтыын сэһэргэһэн көрдүм.

Ситиһии биир киинэттэн саҕаламматаҕа

Кистээбэккэ эттэххэ, маҥнайгы саха киинэлэрэ барыс киллэрэртэн ыраах этилэр. Улахан экраннарга таһаарааһын айар бөлөҕү өйөөһүнтэн, бэйэҥ доҕотторгор көмөлөһүүттэн тахсар этэ. Биллэн турар, биирдиилээн соһуччу ситиһиилэр баар этилэр, холобур, Константин Барашков “Кэскилэ” (оччолорго бу бырайыак олоччу ДетСАТ киинэтэ буолбатах этэ) үчүгэйдик тахсыбыта. Дьиҥнээх сайдыы, буоларын курдук, кыра-кыра хардыылартан саҕаламмыта. Ол кэмҥэ барыс киллэрии хайдах буолуохтааҕын бары даҕаны соччо билбэт этибит. Холобур, “Киин” киинэ тыйаатыр “Тропа смерти” киинэни, “Синема” “Тыал баарын тухары” киинэни бэйэлэрэ продюсердаан таһааран баран, эксклюзив быһыытынан бэйэлэрин эрэ киинэ тыйаатырдарыгар көрдөрбүттэрэ. Аҕыйах саалаҕа көрдөрүү, биллэн турар, “каассаҕа” куһаҕаннык дьайбыта.

Ол эрэн, хас биирдии оҥоһуллубут киинэ сайдыыга бэйэтин өлүүтүн уган испитэ. Холобур, Анатолий Сергеев “Тропа смерти” киинэтэ, ис сэһэнин, артыыс оонньуутун өттүнэн билиҥҥи кии­­нэлэргэ холоммот таһымнаах да буоллар, тыастаах-уустаах премьератынан (өйдүүгүн, кыһыл көбүөрдээх, мааны таҥастаах ыалдьыттардаах, күндү массыыналардаах тэрээһиннэрин?) элбэх эдэр дьон санаатын өрө көтөхпүтэ. Аны “киинэ мөлүйүөнтэн тахса сол­­куобайы өлөрбүт үһү” диэн сурах тарҕаммыта. Айар дьоҕурдаах дьон “бай, киинэнэн харчы өлөрүөххэ сөп эбит дуу?” диэн санааҕа кэлбиттэрэ.

Өссө биир, билигин улаханнык ахтыллыбат киинэ “Далаһа устун уҥуор” эмиэ бэрт улахан дьа­йыылаах этэ. Сергей Зверев эдэр ыччат сүгүрүйэр артыыһын Гоша Васильевы-Джиданы кытыннаран, киинэҕэ сылдьыбат оҕолору киинэ тыйаатырга тардыбыта. Ити курдук, кыра кыралаан дьон киинэҕэ сылдьар үгэстэммитэ, киинэһиттэр устар үптэрэ үрдээн испитэ.

Мин Дьокуускайым”

Киинэ устар талааннаах дьон Саха сиригэр, кырдьык, элбэх. Биир кэмҥэ “Лена” кылгас киинэ күрэхтэрин ыыта сылдьыбыта. Сүрүн тиэмэ “Мин Дьокуускайым” диэн буолбута. Онно сөхпүтүм, хайдахтаах курдук дириҥ толкуй­даах, айар дьоҕурдаах дьон ортотугар олорорбутун! Билигин киинэҕэ биллэр ааттаах дьон ол күрэххэ маҥнайгы үлэлэрин көрдөрбүттэрэ, холобур, биир кыттааччы Любовь Борисова этэ. Сорохтор киинэ устуутугар эрэ буолбакка, киинэ тула эйгэҕэ киирэн үлэлии сылдьаллар. Холобур, күрэххэ маҥнайгы миэстэни ылбыт Трофим Романов диэн уолчаан, оччолорго оскуола үөрэнээччитэ, билигин улахан киинэ хампаанньаларга үлэлиир. “Базелевс” хампаанньаҕа үлэлии сылдьан “Дневной дозор” киинэни оҥорсубута. Соторутааҕыта нуучча биир саамай уустук оҥоһуулаах киинэтигэр, “Конек-Горбунок” бырайыакка компьютернай графикатын оҥорсубута. Ити уол хас Саҥа дьыл аайы хайаан даҕаны эрийэн эҕэрдэ­лиир, “эһиги күрэххит эрэ баар буолан, олохпор аналбын булбутум!” диир. Өссө биир кыттааччы туһунан кэпсиим. Биир кэмҥэ кыһын такси ыҥырдахпына, хаста даҕаны биир киһи кэлэн ыларын бэлиэтии көрбүтүм. Арай биирдэ таксиһым: “Эн миигин өйдөөбөккүн дуо?” — диэн ыйытта. “Мин эһиги куонкурускутугар миэстэлэспитим ээ, эн миэхэ микроволновай оһох туттарбытыҥ!” — диэтэ. Дьэ онно өйдүү биэрдим, олус күүстээх үлэнэн кыттыбыт киһи этэ. Ис хоһооно маннык: хараҕа суох эдэр уол куорат устун хааман иһэр, ис куолаһа суол олдьу-солдьутун, кэлэр сыттан сиэттэрэн, бу сиргэ туох баарын өйдөөн кэпсиир, хоһуйар… Олус талааннаах дьон ортотугар олоробут.

Устуу кэнниттэн үлэ

Киинэни устан бүтэрэн баран балачча элбэх киинэһиттэр тугу гыныахтаахтарын ончу билбэттэр ээ. Дуогабар түһэрсии, араас докумуоннары ситэрсии — бэрт түбүктээх уонна булгуччулаах үлэ. Бэйэтин кэмигэр “туспа хонтуората тэриниҥ, буҕаалтырда, дьыала тэрийээччитэ наймылаһыҥ” диэн этэ сатаабытым. Барыта бүтэһик түгэҥҥэ, кыл мүччү оҥоһуллар этэ. Билигин син өйдөрүгэр туттулар эрээри, син биир булумахтаныы баар буолааччы, соторутааҕыта прокатнай дастабырыанньата суох киинэни аҕалан соһутан тураллар. Хайыаххыный, сорох үлэлэрин бэйэҥ оҥороргор күһэллэҕин. Ол да буоллар, дьиҥнээх профессионаллар син баар буоллулар, холобур, элбэх киинэни устубут Степан Бурнашев — биир саамай дьиссипилиниилээх киинэһит.

Биир улахан кыһалҕа, эрдэттэн кэмин анаан былааннааһын. Киинэ тыйаатыра аҥаардас саха эрэ киинэтин көрдөрбөт, улахан киинэ хампаанньалар хас да ый инниттэн көрдөрүү сеткатыгар киирэллэр. Көрдөрүү былааныгар тоҕоос­тоох кэмҥэ туруу киллэрэр барыскар улахан сабыдыаллаах. Онон уста сылдьан, “бу күҥҥэ көстүөхтээх” диэн былааннаныы хайаан даҕаны баар буолуохтаах. Холобур, таптал туһунан киинэни кулун тутар 8 күнүгэр, остуоруйа киинэни Саҥа дьыл, Ороһуоспа өрөбүллэригэр, сэриилээх киинэни Кыайыы күнүгэр анаатаххына, табыллаҕын. Аны улахан хампаанньа улахан рекламалаах киинэтин кытта биир кэмҥэ турдаххына, атыылыыр би­­лиэтиҥ ахсаана аҕы­йыыра биллэр. Онон ханнык улахан киинэ кэ­­лиэхтээҕин, аһаҕас хаалбыт күннэри эрдэттэн маннааҕы киинэһиттэргэ биллэрэбин, табыгастаах кэми аныыбын. Төһө даҕаны “Голливуд” киинэтин кытта саха киинэтэ күөн көрсөр кыахтааҕын иһин, туспа туран көстүбүтэ быдан барыстаах. Киинэ көрдөрөөччүлэр премьера иннинэ саҥа киинэни көрөн, ханнык кэмҥэ туруорары быһаарабыт. Киинэ киэһээ көстөрө дуу, күнүс турарара дуу эмиэ улахан сабыдыал­лаах. Киинэ тыйаатырдара бүгүн бэ­­йэ-бэйэбитин өйдөһөн, өйөһөн үлэ­лиибит диэххэ сөп.

Идэтийии улам улаатан иһэр

Бэйэтин кэмигэр манна федеральнай киинэ тыйаатырдар ситимнэрэ — “Каро-фильм” кэлэр былааннаах этэ. Чинчийэн көрөн баран аккаастаммыттара, баҕар, олохтоох киинэ тыйаатырдара атахтарыгар чиҥник туралларын көрөн буолуо. Бэйэ дьону өйөһүү баара, биллэн турар, саха киинэтигэр эмиэ улахан сабыдыаллаах, онон татаардар ити баар суолу ыйаллар. Ол да буоллар, аҥаардас “бэйэ киэнэ” диэн мөлтөх киинэни өр көрдөрөр кыахпыт суох. Экрааҥҥа таһаарбыт киинэбитин көрөөччү сөбүлээбэтэҕинэ, хайдах гыныаххыный? Күөн күрэс элбэҕи быһаарар уонна, таһымы даҕаны үрдэтэрэ саарбаҕа суох. Урукку курдук “тобуккар таҥмыт” үлэҕинэн ким да болҕомтотун тардыбаккын, ону киинэһиттэр бэркэ өйдүүллэр, куруутун сайда тураллар. Өссө биир сайдыы диэки хардыынан дистрибьютор идэтэ киириитэ буолуо этэ. Киинэ быракаатынан, рекламатынан, атын платформаларга киллэриинэн, пираттары утары үлэнэн дьарыктанар туспа тэрилтэ баар буоларын сайдыы бүгүҥҥү таһыма ирдиир.

Мин көрдөхпүнэ, бүгүҥҥү күҥҥэ саха киинэтэ үтүө кэскиллээх. Уруккутун курдук, бэйэтин күүһүнэн киллэрбит үбүнэн үлэлээн истэҕинэ, сетевой платформалары баһыйдаҕына, атын эрэгийиэн киинэһиттэрин кытта холбоһон саҥа көрөөччүлэрдэҕинэ, өссө тупсуоҕа, кэҥиэҕэ диэн эрэллээхпин.

Хаартыска

Георгий Николаев

тус архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0