Геолог – син биир булчут тэҥэ

05.04.2020
Бөлөххө киир:

Арассыыйаҕа Геолог күнэ муус устар бастакы өрөбүлүгэр бэлиэтэнэр. Бүгүн биһиэхэ «АЛРОСА» «Ньурбатааҕы» хайа-байытар кэмбинээт кылаабынай геолога Василий Григорьевич Мухоплев ыалдьыттыыр.

edersaas.ru

Cир баайын көрдөөччү

Василий Григорьевич дьол­лоох оҕо сааһа Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгэр ааспыта.

Элбэх бэйиэт үөскээн, хо­­һооҥҥо хоһуйбут, ырыаҕа ылламмыт Үөһээ Бүлүүтүн, Ороһутун айылҕатыгар сылдьарын, кыра­лаан бултуурун олус сөбүлүүрэ. Ол да иһин буолуо, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьыаҕыттан айылҕаны кытары алтыһар, айылҕа тыынын этигэр-­хааныгар иҥэринэр идэни талыан баҕарбыта. Ийэтэ Валентина Гаврильевна Мухоплева математика учууталынан үлэлээбитэ. Онон, эрдэттэн математика биридимиэтин сөбүлээбитэ кини тиэхиньиичэскэй хайысхалаах идэни таларыгар эмиэ сабыдыаллаабыта. Оччоттон да санаабыта сатанарын, толкуйдаабыта тобулларын туһугар дьулуурдаах уол баҕа санаатын олоххо киллэрэргэ бигэтик санаммыта.

Оскуолатын бүтэрэн баран, 1997 сыллаахха Красноярскай куоракка Өҥнөөх металлар уонна көмүс судаарыстыбаннай академиятыгар туттарса тиийбитэ. Элбэх идэ баарыттан толкуйдаан-толкуйдаан, биллэн турар, геологическай-чинчийэр факультеты талбыта. Василий Мухоплев Саха Өрөспүүбүлүкэтин Каадыры бэлэмнээһиҥҥэ уонна аттаран туруорууга департаменын чэрчитинэн, бу идэҕэ  үөрэммит бастакы устудьуоннартан биирдэстэрэ этэ. Бу академияҕа Саха сириттэн 4 уол уонна 1 кыыс буолан киирбиттэрэ. Бииргэ үөрэммит ыччаттара сонун идэлэри баһылаан, билигин өрөспүүбүлүкэ араас муннугар байытааччы, хайа электригэ уо.д.а. Саха сиригэр бырамыысыланнас сайдарыгар  туһалаах  идэлэринэн үлэлии сылдьалларынан киэн туттар.

Идэбин сөпкө талбыппын”

Василий Мухоплев:

Геолог идэтэ саха киһитигэр олус сөптөөх идэ дии саныыбын. Бастатан туран, куруук айылҕаны кытары алтыһа сылдьаҕын. Иккиһинэн, Сахабыт сирин уратылаах айылҕатын үөрэтэҕин, билсэҕин, сырыы аайы атын хараххынан көрөрүҥ, соһуйарыҥ, хайгыырыҥ, астынарыҥ, хараастарыҥ да элбэх”, – диэн кэпсиир.

Василий Григорьевич геолог идэтин сөпкө талбытын туһунан бигэ санаата Эбэҥки автономнай уокуругар Таймыыр тумул арыытыгар Челюскин хомотугар сырыттаҕына киирбитэ. Манна 1999-2000 сыллардаахха Челюскин хомотун саамай уһук туочукатыгар “Норильскайдааҕы” хайа-ба­йытар кэмбинээт хотугу эргимтэтин баартыйатыгар быраактыкатын барбыта. Бастакы сылыгар хонуу үлэтин оробуочайынан үлэлээбитэ. Өрөспүүбүлүкэ арҕаа улууһуттан кэлбит эдэр киһи  киэҥ нэлэмэн туундараны илэ хараҕынан көрөн, сөҕөн-махтайан иккис быраактыкатыгар хаалбыта уонна “геологическай боруобалары суу­йааччынан” үлэлээбитэ. Бүгүҥҥү геолог дьоруойум манна үрэхтэринэн сылдьан, лотуогунан шлих сууйан, геохимическэй боруобаны хомуйан, олус табыллан үлэлээбитин туһунан ахтар.

Ыстаал хатарыллыыта саҕаламмыта

    2002 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн, Мииринэйгэ киэҥ сура­ҕырбыт Ботуобуйа эспэдииссийэтигэр Мархатааҕы баартыйаҕа геологынан үлэлии киирбитэ. Мантан ыла Василийга Дьылҕа Хаан бэйэтэ аартыгын арыйан испит курдук буолбута. Үрдүк үөрэххэ ылбыт билиитин туһаҕа таһаарар, бэйэтин бэрэбиэркэлэнэр кэмэ кэлбитэ. Ол курдук, Накыыҥҥа “Ньурбатааҕы” уонна “Ботуобуйатааҕы” туруупкалары боруобалааһыҥҥа (эксплоразведкаҕа), геофизическэй аномалиялары бигэргэтиигэ  үлэлээбитэ.

Баахта ньыматынан үлэлээбиттэрэ. буровой үүттээбит матырыйаалларын докумуоннууллара. Ону кыһын буровойдарга хайа боруодаларын (керн) докумуоннарын бэлэмнииллэрэ. Ону бигэргэтээри, сайыны быһа 2-3 ыйга баран, боруобалары талаллара. Бу кэмҥэ “Ботуобуйатааҕы” туруупканы чинчийэргэ анаан  хаһыллыбыт “Надежда” диэн шахта былаһааккатыгар олорбуттара.

Маннык үлэ үөһүгэр сырыттаҕына, 2005 сыллаахха доҕоро, үлэ миэстэтэ таҕыста диэн Айхаллааҕы хайа-байытар кэмбинээккэ ыҥырбыта. Василий Мухоплев бэйэтэ да этэн аһарбытыныы, саха киһитигэр булчут хаана төрдүгэр баар. Уол биир сиргэ олорон хаалбакка,  саҥаттан саҥа дабааннары дабайарга санаммыта. Доҕорун этиитигэр сөбүлэспитэ.

Айхаллааҕы хайа-байытар кэм­бинээккэ тиийэн, бастаан “Юбилей­даах” карьерга ­учаастак­тааҕы геологынан, онтон “Хом­сомуол” туруупкаҕа карьер гео­логынан үлэлээбитэ. Билигин бу туруупка саппааһа бүтэн сабыллан турар.

Эдэр киһи бу сыл олоҕун аргыһын көрсөн, ыал буолбута. Кэргэнэ Анна Николаевна Мииринэйдээҕи ис дьыала отделыгар үлэлиир. Мухоплевтар үс оҕолоохтор. Кыргыттара Туйаара, Ньургуйаана уонна Дайаана оскуолаҕа үөрэ­нэллэр.

Ньурбатааҕы” ГОК-ка бастакы хардыылар

Василий Мухоплев 2007 сыл­лаахха “Ньурбатааҕы” хайа-байытар кэмбинээккэ учаастактааҕы геологынан үлэлии кэлбитэ. Бастаан дойдутуттан Үөһээ Бүлүүттэн сылдьан, ол эбэтэр баахтанан үлэлээбитэ. Онтон идэтинэн өссө үрдүүр санаатын олоххо киллэрэр туһуттан, кэргэнниилэр 2010 сылтан Мииринэйгэ кэлэн олохсуйбуттара. Баахтанан үлэтин быыһыгар кэмбинээккэ кэлэн, ыйдааҕы, сыллааҕы отчуоттары оҥорорго үлэлэспитэ, үөрүйэх мунньуммута.

Идэтин үрдэтинээри, 2012 сыллаахха Москватааҕы судаарыстыбаннай университет геологияҕа факультетыгар “геммология уонна аан дойду алмааһын ырыынага” диэн бырагырааманы баһылаабыта.

Үлэтигэр-хамнаһыгар бэри­ниилээх, эппиэтинэстээх,  дьулуурдаах уолу таба көрөн, 2016 сыллаахха кинини кэмбинээт кылаабынай геологынан анаабыттара. Василий Мухоплев улаханнык дарбатан этээри сөбүлээбэт да буоллар, кылаабынай геологка диэри үүнүү улахан ситиһии этэ.

Идэтин таптыыр киһи – ситиһиилээх

Ньурбатааҕы” хайа-байытар кэмбинээт кылаабынай геолога Василий Мухоплев:

“2016 сыллаахха кылаабынай геологпыт Анголаҕа ананан үлэлии барбытыгар, кэмбинээт кы­­лаабынай геологынан анаабыттара. Баайдаах сири хостуурга геолог сүрүн суолтатынан сиртэн хостонор баай толору хостонуутун хонтуруоллааһын буолар. Инники сылларга хостонор баай барыл­лаан былаанын оҥоруу, сир баа­йын хостуурга бырамыысыланнай куттал суох буолуутун хонтуруоллааһын, урууданы баайыттан уонна кытаанаҕыттан көрөн сөпкө ыскылааттааһын уонна фабрикаҕа биэрэн, ыйдааҕы, сыллааҕы былааннары толоруу – бу кы­­лаабынай геолог күннээҕи үлэтэ. Ол үрдүнэн, Бүлүүтээҕи эспэдииссийэ “Ньурбатааҕы” уонна “Ботуобуйатааҕы” туруупкаларга ыытар үлэтэ толору ыытылларын хонтуруоллуубут.

Мин санаабар, ханнык баҕарар идэҕэ кылаабынайа, талан ылбыт идэҕэр бэриниилээх буолуохха уонна идэҕин сөбүлүөххэ наада”, – диэн үлэ сүрүн хайысхаларын билиһиннэрдэ.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

Хаартыскалар В.Мухоплев архыыбыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0