География диктаныгар кыттыыбытынан Россияҕа иккис миэстэҕэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйылгы география диктаныгар 21 606 Саха сирин олохтооҕо кытынна. Инньэ гынан кыттааччытын ахсаанынан Россияҕа иккис төгүлүн инники күөҥҥэ таҕыста.

Итинтэн 11 тыһыынчата Дьокуускай куорат олохтооҕо. Бүтүн Россиятааҕы “География диктана” акция быйыл иккис төгүлүн ыытылынна. Саха сирин үрдүнэн диктаны 591 былаһааккаҕа суруйдулар. Биллэн турар, баһыйар үгүс ахсаана — үөрэх тэрилтэлэригэр. Итиэннэ оскуола оҕолоро, устудьуоннар хото кытыннылар. Быйыл ньурбалар, бүлүүлэр ордук көхтөөхтөр (800-чэкэ киһи). Ол гынан баран, тэрийээччилэр аҥардас кыттааччы ахсаанынан ааҕар сыыһа, кыра нэһилиэктэр эмиэ бааллар, онно 50-чалыы киһи суруйда диэн этэллэр. Диктааҥҥа ким баҕалаах барыта кыттыан сөп. Сорудаҕы, тэрийээччилэр уустугуттан көрөн үс бөлөххө араарбыттара.
Кыттааччылар үлэлэрин түмүгүн www.rgo.ru Нуучча географическай уопсастыба сайтыгар анал нүөмэрдэринэн киирэн көрүөхтэрин сөп.

Людмила ПОПОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0