Хас биирдии киһи Саҥа дьылы үөрэ-көтө, умнуллубат түгэннэрдээх, чугас дьонугар күндү бэлэхтээх көрсөргө кыһаллар. Эдэриттэн-эмэниттэн тутулуга суох, бары да оҕо буолан ылабыт, туох эрэ соһуччу үөрүүнү, дьоллоох түгэннэри күүтэбит. Онуоха хас биирдии ыал бэйэтэ үгэстэрдээх, көрүүлэрдээх.Бүгүн биһиги Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар үлэлиир, көрөөччүлэр кэтэһэр, сөбүлүүр артыыстара Геннадий Турантаев уонна кини олоҕун аргыһа, Олоҥхо тыйаатырын толорооччу-дириэктэрэ Мария Турантаеваны кытары көрүстүбүт.
edersaas.ru
— Мария, Геннадий, Саҥа дьылы көрсө ааҕааччыларбытыгар бэйэҕит дьиэ кэргэҥҥит туһунан кэпсии түһүөххүт дуо?
— Биһиги дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка устудьуоннуу сылдьан билсибиппит уонна 2001 сыллаахха ыал буолбуппут. Күн сирин көрбүт биир кыыс оҕолоохпут. Генам Чурапчы улууһун Одьулуун нэһилиэгин Үрэх Күөрэ учаастагыттан, оттон мин Үөһээ Бүлүүттэн сылдьабын.
— 12 сыл буола-буола эргийэн кэлэр сыл бэлиэлэригэр (кыылларга) хайдах сыһыаннаһаҕыт, сыл сиэрин-туомун төһө тутуһаҕыт?
— Улуу Кытай омуга 1000 сыл анараа өттүгэр оҥорбут халандаара оруннаах дии саныыбыт. Киһи олоҕор син туһалыыр. Сахалар халандаардарынан Билгэ Хаан сыла кэлэр. Сүрүннээн, Саҥа дьыллааҕы остуолга уонна таҥас өҥүгэр болҕомтобутун уурабыт.
— Геннадий? 12 сыл бэлиэ кыылларыттан пьесаларга, кэмиэдьийэлэргэ кими эмэ оонньообутуҥ дуо?
— Дьэ, оонньоон. 12 сыллааҕыта Улахан кырыысаны (кутуйаҕы) оонньообутум. Оҕус сылын көрсө оҕуһу оонньообутум. Биир сыл оҕобун Кыыдаананы өйөөммүн, Саҥа дьыллааҕы бастакы улахан тэрээһинигэр кини курдук куобах маскараат буолбутум.
— Оттон Мария ханнык бэлиэни ордук ылынаҕын? Тоҕо?
— Мин төрөөбүт сылым Бөтүүк буолан, болҕомтобун бөтүүк бэлиэтэ ылар.
— Тымныы Оҕонньор, Хаарчаана чахчы бааллар диэн хас сааскытыгар диэри итэҕэйэр этигитий?
— Ээ, билигин даҕаны итэҕэйэбит (иккиэн тэҥҥэ күлэллэр) Кыыдаана итэҕэйэр, олус күүтэр, сыл ахсын Эһээ Дьылга сурук суруйан ыытар.
— Кыысчааҥҥыт кумир туттар дьоруойдара кимнээҕий?
— Аныгы кэм оҕолорун сиэринэн, Пони, Лол кукла, Эльза («Холодное сердце» мультик) курдук дьоруойдары сөбүлүүр.
— Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ, сэрэйдэххэ, иккиэҥҥитигэр тапталлаах тыйаатыргытыгар ааһар буолуохтаах. Саҥа дьылгыт остуолугар хаһан, хайдах бэлэмнэнэҕит?
— Икки өттүттэн дьоммут кэлэннэр уонна мин бииргэ төрөөбүт быраатым дьиэ кэргэнэ буолан, үөрэ-көтө бары бииргэ бэлэмнэнэбит.
— Саҥа дьылы атаарарга, көрсөргө туох үгэстээххитий?
— Дьиэ кэргэммитинэн бэлэх оҥорсобут. Дьиэни-уоту ыраастаныы, таҥаһы-сабы суунуу, хомунуу, иэһэ суох Саҥа дьылы көрсүү.
— Саҥа дьыл туһунан испэктээктэ эбэтэр олоҥхото туруоруҥ дииллэрэ буоллар, тугу толкуйдуо этигитий?
— Бэртээхэй ыйытыы. Олоҥхо тыйаатырын толорооччу-дириэктэрэ буоларбынан эттэхпинэ, олоҥхоҕо сүрүннээн күөх сайын ойууланар. Ол эрэн, толкуйдаатахха, бэрт дьикти көстүү тахсыан сөп. Геннадий Саха тыйаатырыгар сыл ахсын Сана дьылга оҕолорго аналлаах испэктээккэ уонна шоуларга үлэлиир.
— Саҥа дьыл иннинээҕи тэрээһиннэргититтэн быыс булан, кэпсэтиигэ кыттыбыккытыгар махтал. Мэлдьи буоларын курдук, тыйаатыр сыанатыгар кырачааннары, оҕолору уонна улахан дьону үөрдэ-көтүтэ, умнуллубат түгэннэри бэлэхтии сылдьыҥ. Кыысчааҥҥыт Кыыдаана олоххутун киэргэттин!
ГЕННАДИЙ НИКОЛАЕВИЧ ТУРАНТАЕВ:
— 1998 сыллаахха Д.П. Коркин аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпийскай резервэ спортивнай оскуолатын бүтэрбитэ;
— 1998-2002 сс. М. Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училищеҕа (институтка) 5-с саха устуудьуйатыгар үөрэммитэ. 2002 сылтан Б. Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар үлэлиир. Тыйаатыр уонна киинэ артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна.
МАРИЯ ВАСИЛЬЕВНА ТУРАНТАЕВА:
— 1998 сыллаахха М.А. Алексеев аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи (өрөспүүбүлүкэтээҕи) гимназияны бүтэрбитэ;
— 1998-2003 сс. Москватааҕы потребительскай кооперация университетын үөрэнэн бүтэрбитэ.
— 2012 сылтан «Олоҥхо тыйаатырын» толорооччу-дириэктэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна.
ТУРАНТАЕВТАР САҤА ДЬЫЛЛААҔЫ ОСТУОЛЛАРЫН ЫРЫСЫАБА
Хартаны кытта эриллибит тоҥ быар:
Убаһа хаһатын уонна быары эрийэҕит, биэрэс, туус, күөх луук кутан, биир маасса оҥорон булкуйаҕыт, салапааҥҥа халбаһы курдук эрийэн баран тоҥоро уураҕыт. Олус судургу, минньигэс, ханнык баҕарар бырааһынньык остуолун мааны киэргэлэ буолар.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru