Атырдьах ыйын 14 күнүгэр саха норуодунай поэта Леонид Попов төрөөбүтэ 100 сылын туолла.
Бу бэлиэ күнү көрсө өрөспүүбүлүкэҕэ араас тэрээһиннэр ыытылыннылар. Сунтаар улууһугар бэйиэт үбүлүөйүн көрсө үһүс сылын “Сунтаар миигин ыҥырар” диэн литературнай түһүлгэ тэриллэн, айар куттаах дьону түмэр. Быйыл балаҕан ыйын 4-5 күннэригэр ыытыллара былааннанар.
Үбүлүөйдээх тэрээһиннэр кини төрөөбүт-үөскээбит өтөҕүттэн саҕаламмыттара ураты бэлиэ суолталаах. Атырдьах ыйын 13 күнүгэр Арыылаах нэһилиэгэр Леонид Андреевич төрөөбүт өтөҕөр, Харбаҕа, экспедиция тэрилиннэ. Экспедицияҕа Л.А. Попов аатын сүгэр оскуола учууталлара, үөрэнээччилэрэ, нэhилиэк олохтоохторо, бэйиэт аатын сүгэр Сунтаардааҕы киин бибилэтиэкэ, “Ньургуһун” литературнай түмсүү чилиэннэрэ, суруналыыстар уонна аймахтара кытыннылар.
Айан бэлиэ түгэннэрдээх буолла. Айылҕа оҕолоро буоларбытынан, ону өйдөөн көрөн, күлүкпүтүгэр имнэнэн кэбистибит. Уһун Күөл бөһүөлэгэр киириигэ олоҥхоҕо ойууланарын курдук, Аал Луук Маска маарынныыр модун лабаалардаах, лаглаҕар быһыылаах аарыма харыйа көрсөр. Манна хаартыскаҕа түһэ, сири-уоту аһата турдахпытына, арай, ойууртан үп-үрүҥ сылгы кистээн дьырылата-дьырылата тахсан кэллэ. Чопчу маска тиийэн, тура түһэн баран, төттөрү ойуурга киирэн хаалла.
Аны туран, бөһүөлэккэ киирэн, дьону көрсөн, таһаҕас ылан баран, суолбутун булан, саҥа айаннаан эрдэхпитинэ, эмиэ үрүҥ сылгы көрсөн, атаара хаалла. Аҕыйах биэрэстэни бараат, Хаһарбалаах диэн Поповтар сайылыыр сирдэригэр тиийэрбитигэр, көбүс-көнө суол тыргыллан, сыһыы сырдаан көстөр сиригэр сүүһүгэр туоһахталаах хара атыыр сылгы күүтэн турар эбит. Дьон хааман тиийиэхтэригэр диэри көрөн турда. Онон бу айаны Дьөһөгөй оҕолоро арыаллыы сырыттылар.
Хаһарбалаахха “Кутурҕан томторо» диэн сиргэ тохтоон аастыбыт. Манна сэрии ыар сылларыгар сүүрбэччэ киһи хоргуйан өлбүттэрин биир ииҥҥэ көмпүттэрэ. Алмаас хостооhунун бэтэрээнэ Николай Игнатьев өйдөбүнньүк бэлиэни туруорбута. Биир мүнүүтэ саҥата суох кэриэстээн турдубут, оҕолор сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
“Биһигэ ыйаммыт” сиригэр
Саныыбын төрөөбүт алааспын,
Онно саас сандааран эрдэҕэ,
Күн көмүс толбоно сылаастык
Түннүккэ дьиримнээн түстэҕэ.
…Биһигим ыйаммыт сиригэр
Баҕардым бурдугу ыһыахпын…
…Ырааҕыан, төрөөбүт алааһым,
Ол онно тиийдэрбин билигин!..
Леонид Андреевич Харбаҕа 7 сааһыгар диэри күөххэ көҥүл күөлэһийэн, оонньоон-көрүлээн улааппыта, дьоллоох оҕо сааһа ааспыта. Ол кини хоһоонноругар көстөр. Оччолорго кулуба Боппуоктар дьиэлэрэ-уоттара, тиэргэннэрэ кэҥээн-кэтирээн, байан-тайан олордохторо. Ол сүүс сыллааҕыта, аҕыйах сылынан олох уларыйан, эһэлэрин таһыйан, муҥнаан өлөрөллөрүн, кулаак оҥортоон, дьиэлэрин, баайдарын былдьыылларын сэрэйэн көрбөккө, кыракый Лүөлэ төрөөбүтүн уруйдуу-айхаллыы көрсүбүттэр, элбэх дьону ыҥыран малааһыннаабыттар.
Билигин өтөххө соҕотох Тойон сэргэ уонна хаһаа сэмнэҕэ эрэ ордубуттар. Харба сыһыыта билигин оттонор ходуһа буолан турар, арай үгүс оҥкучахтар, тутуулар оннулара манна хаһан эрэ төрүт-уус баай дьон олорбуттарын туоһулууллар. Угут дьылларга бу сир ууга баран, кыайан оттоммот да буола сылдьыбыта, хаарыаннаахай хатыҥ чараҥнара, кэрии тыаларын мастара хатыччы хатан, кубарыһан тураллар. Хаһан эрэ бу олус кэрэ айылҕалаах сир эбитин туһунан кырдьаҕастар кэпсииллэр. Уон сыллааҕыта Николай Игнатьев Поповтар өтөхтөрүгэр өйдөбүнньүк бэлиэни туруорбута.
Олохтоох дьаhалта үлэһиттэрэ эрдэ тиийэн кулуhун оттон, чэй өрөн, түптэ оҥорон сыт-сымар таhааран көрүстүлэр. Алгыс тыл этилиннэ, аал уоттан арыылаах алаадьынан, кымыhынан айах тутан көрдөстүлэр. Оҕолор, төрөппүттэр бэйиэт хоhооннорун аахтылар, ырыаларын ыллаатылар.
Леонид Попов туһунан кэпсэтиилэр, ахтыылар этилиннилэр. Төрүттэриттэн-уустарыттан саҕалаан, оҕо сааһын, айар үлэтин туһунан кэпсэттилэр. Кинини нуучча суруйааччылара “гений” диэн ааттыыллара. Ол да иһин, саха суруйааччыларыттан саамай элбэхтик араас омук тылларыгар тылбаастаммыт. Дэлэҕэ да улуу Анна Ахматова кини хоһооннорун тылбаастыа дуо?
Олохтоохтор үүттээх чэй, сыалаах эттээх миин, бөтүөн муҥунан кырылыы көөнньүбүт быыппах бэлэмнээн күндүлээтилэр. Күө-дьаа кэпсэтэн аhаан баран, бэйиэт хоhооннорун ааҕыы, ырыа буолбут хоhооннорун толоруу салҕанна.
Бөhүөлэккэ кэлэн баран бэйиэт аатын сүгэр, саҥа тутулла турар оскуоланы, Л.Поповка аналлаах мусуой сөргүтүллэ турарын көрдүбүт. Балаҕан ыйын 4 күнүгэр манна өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан ыалдьыттар саха норуодунай бэйиэтэ Леонид Попов аатыгар сүгүрүйэ, кини хаалларбыт баай нэһилиэстибэтин кэрэхсии кэлиэхтэрэ.
“Хочо хоһуун хоһоонньута”
Оттон Дьокуускайга Леонид Андреевич Попов төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан СӨ култууратын, духуобунай сайдыытын министиэристибэтэ уонна П.А. Ойуунускай аатынан Литературнай түмэл тэрийиилэринэн, “Илиибэр эн илииҥ баар курдук” ырыа-хоһоон, ахтыы киэһэтигэр суруйааччылар, суруналыыстар, оҕолоро, чугас аймахтара, биир дойдулаахтара, ырыа-хоһоон куттаахтар мунньустан, бэрт истиҥ тэрээһин буолан ааста.
Манна эмиэ өтөрүнэн буолбатах бэлиэ түгэн буолла: кини айар үлэтигэр сүгүрүйээччилэр кэлэн, саала иһэ баппат киһинэн туолла. Онон сорохтор иккис этээстэн, үөһэттэн көрөргө күһэлиннилэр. Литературнай түмэл, Национальнай бибилэтиэкэ уонна суруйааччы урууларын пуондаларыттан, бэйиэт айар үлэтин, олоҕун көрдөрөр баай ис хоһоонноох быыстапкалар тардылыннылар.
Култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ Ю.С. Куприянов бэйиэт айымньыларын сөбүлээн ааҕарын кэпсээтэ уонна бу күнтэн саҕалаан улахан литературнай күрэс биллэриллэрин иһитиннэрдэ.
Бэйиэт аатын, үлэтин үйэтитэр араас элбэх үлэ тиһигин быспакка ыытылла турарыттан дьон-сэргэ астынарын биллэрдэ. Ол курдук, суруйааччы төрөөбүт дойдутугар Уһун Күөлгэ кини аатын сүгэр саҥа таас оскуола дьэндэйэн балаҕан ыйын 1 күнүгэр аанын тэлэччи аһыаҕа. Ону тэҥэ, кини аатынан киин бибилэтиэкэ тутуута саҕаланарын, музей үлэтэ саҥардылларын, сквер аһыллыахтааҕын, кинигэлэр тахсыахтаахтарын, о.д.а. үлэлэр бара туралларын истэн, дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллаатылар.
Суруйааччылар Н.И. Харлампьева, И.В. Мигалкин, Н.А. Лугинов, Урсун, Сэмэн Тумат, Ойуку, О.Г. Сидоров, Сайа, Арчылан, уо.д.а. ахтыы киэһэтин ситэрэн-хоторон биэрдилэр.
Аатырбыт ырыаһыт Анегина Ильина ахтыытын эмиэ олус сэргээтилэр. Биллиилээх уонна саҥа ырыаһыттар кини ырыа буолбут хоһооннорун толордулар: Лина Акимова, Анна Дьячковская, Ефим Авелов, уо.д.а. Сунтаар улууһун уонна Тойбохой нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Клара Тихонова байаанын сүкпүтүнэн кэлэн, ырыаларын ыллаан, тэрээһини киэргэттэ.
Урукку кинохроникаҕа бэйиэт тыыннаах дьүһүнүн көрөр бэйэтэ эмиэ туһугар долгутуулаах эбит. Киэҥ эйгэҕэ бу документальнай түгэннэртэн киирбит Леонид Попов олоҕун, айар үлэтин сырдатар киинэ өссө көстүө диэн үөртүлэр. Муусука уонна фольклор түмэлэ эмиэ киинэ бэлэмнии сылдьарын иһитиннэрдэ.
Бу күннэргэ Леонид Поповка сыһыаннаах кинигэлэр тахсыбыттар: «Саныыбын төрөөбүт алааспын» диэн 50 нуоталаах ырыа кинигэтэ (К.А. Герасимов), «Хочо хоһуун хоһоонньута» ахтыылардаах, хоһоонунан сэһэннээх (В.П. Николаев). Мустубут дьон Леонид Андреевиһы талааннаах суруйааччы эрэ быһыытынан буолбакка, аҕа табаарыс, эрэдээктэр, уопсастыбаннай деятель быһыытынан ахтыылартан саҥа чахчылары истэн биллилэр.
Бэйиэккэ аналлаах аныгыскы улахан тэрээһиннэр балаҕан ыйын 4-5 күнүгэр Сунтаарга уонна ахсынньыга Дьокуускайга буолуохтара.
Бэлэмнээтэ Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru