Гектартан – 10,2 сэнтиниэр бурдук

Ааптар: 
21.09.2021
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 20 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 7 698 гектар бааһына бурдуга быһыллан, 7 671 туонна бурдук хомуйулунна.

edersaas.ru

Ити иһигэр, 1 096 туонна сэлиэһинэй, 2 127 туонна ньэчимиэн уонна 4 441 туонна эбиэс, эбэтэр ортотунан ыллахха, биир гектар ахсыттан 10,2 сэнтиниэр үүнүү ылылынна.

Биирдиилээн улуустарынан көрдөххө, Амма улууһугар 4 278 туонна (565 т сэлиэһинэй, 1289 т ньэчимиэн, 2424 т эбиэс), Мэҥэ Хаҥалас улууһугар 987 туонна (220 т сэлиэһинэй, 185 т ньэчимиэн, 582 т эбиэс), Хаҥалас улууһугар 851 туонна (10 т сэлиэһинэй, 411 т ньэчимиэн, 425 т эбиэс), Уус Алдан улууһугар 681 туонна (161 т сэлиэһинэй, 520 т эбиэс), Сунтаар улууһугар 345 туонна (120 т ньэчимиэн, 225 т эбиэс), Өлүөхүмэ улууһугар 115 туонна (25 т сэлиэһинэй, 90 т ньэчимиэн), Бүлүү улууһугар 45 туонна (25 т сэлиэһинэй, 20 т ньэчимиэн) бурдук хомулунна. Бу туһунан Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ»хаһыат,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0