Гектар сокуона үлэни-хамнаһы көҕүлээтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Владимир Путин 2016 с. бигэргэппит “Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук састаабыгар киирсэр Арассыыйа Федерацияты субъектарын сиригэр-уотугар судаарыстыбаннай итиэннэ муниципальнай бас билиигэ баар сир учаастактарын гражданнарга биэрии уратытын уонна Арассыыйа Федерациятын сорох сокуоннарын актатыгар уларытыылары киллэрии туһунан” сокуона олоххо үс түһүмэҕинэн киллэриллибитэ.

Бастакыта 2016 сыл бэс ыйыттан, иккиһэ алтынньыттан саҕаламмыта. Бу кэм устата Уһук Илин олохтоохторо эрэгийиэннэрин иһигэр сир учаастагын ылар бырааптаммыттара. Кинилэр ылан бүппүттэрин кэнниттэн, 2017 сыл олунньутуттан сокуон үһүс түһүмэҕэ саҕаламмыта, дойду хайа баҕарар муннугар олорор киһи сир ылара көҥүллэммитэ.

Барыта 125 тыһ. сайаапка
Баай-дуол уонна сир сыһыаннаһыыларын министиэристибэтин чахчытынан, 2018 сыл сэтинньи 16 күнүнээҕи туругунан, Уһук Илин федеральнай уокурук үрдүнэн “босхо гектарга” 125 тыһ. сайаапка киирэн, сир учаастагын биэрэргэ 47 тыһ. 516 дуогабар оҥоһуллубут. Сайаапка биэрбит дьон сири дьиэ-уот туттарга, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга, үлэни-хамнаһы тэринэргэ анаан ылар эбиттэр. “Босхо гектар” сокуонун чэрчитинэн, Хабаровскайга, Сахалиҥа үс саҥа бөһүөлэк тутуллуохтаах, Саха сиригэр, Камчаткаҕа, Приморьеҕа, Хабаровскайга, Амур, Сахалин уобаластарыгар отут нэһилиэнньэлээх пуун кэҥэтиллиэхтэх.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр
Биһиги өрөспүүбүлүкэбит Приморскай уонна Хабаровскай кыраайдар кэннилэритэн үһүс миэстэҕэ сылдьар. Барыта 19 тыһ. 515 сайабылыанньа киирбититтэн, 7 тыһ. 466 дуогабар оҥоһуллубут, 2 тыһ. сайаапкаҕа дуогабар оҥоһулла сылдьар, атыттар үөрэтиигэ бааллар.
Нэһилиэнньэлээх пууннары кэҥэтии пилотнай бырайыагынан түөрт бөһүөлэк (Намтан Партизан, Ньурбаттан Антоновка, Мэҥэ Хаҥаластан Петровка, Амматтан Булуҥ) улахан үлэни-хамнаһы саҕалаатылар. Пилотнай бырайыакка киирэргэ өссө үс нэһилиэк дьаһалтата үлэлэһэр.


Валерий Мордовской, Партизан нэһилиэгин землеустроителэ:
— Киинтэн чугас буоламмыт, биһиэхэ олохсуйуон баҕарар киһи элбэх. Пилотнай бырайыакка 135 уһаайбалаах түөлбэ тутуутун киллэртэрэн, федерацияттан көрүллүбүт биир мөлүйүөн солкуобайга генеральнай былааны оҥорторон бүтэн эрэбит, суол-иис, уот боппуруоһугар үлэлэһэбит. Уһаайба сирэ ылбыт дьон батсаапка бөлөх тэринэн, күннэтэ билсэ уонна үөскүүр боппуруостары быһаарса олороллор.

“Саха гектара”
“Уһук Илиҥҥи гектары” таһынан “саха гектара” диэн баар. Ил Дархан 2016 с. Анал этиитигэр “саха гектара” быраҕыллыбыт бааһыналары, ходуһалары чөлүгэр түһэрэр, ыраах учаастактары туһаҕа таһаарар сыаллааҕын бэлиэтээбитэ. Бу бырайыагынан чааһынай ыалларга 2,5 гектар, бааһынай хаһаайыстыбаларга 20 гектар сир бэриллэр. Билиҥҥитэ отуттан тахса киһи сайабылыанньа биэрбититтэн иккитэ аккаастаммыт, атыттар сөбүлэһиигэ сылдьаллар.
Табыгастаахтык алтыспыт икки бырагыраамманан 40 мөл. солк. көмө көрүллэн, 25 киһи, ол иһигэр Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин субсидиятынан үс киһи, Инвестсайдыы министиэристибэтин гранынан үс киһи туһанна.

Руслан Бурцев, Уус Алдан улууһуттан Курбуһах олохтооҕо, сылгыһыт: 
— Сылгым элбээн, база туттаары ойуур хаһаайыстыбатын нөҥүө учаастак көрдүүр санаалаах сылдьыбытым, онтон ”Уһук Илиҥҥи гектар” быдан ордугун өйдөөбүтүм. Гектарбын ылан баран, 50-тан элбэх сылгылаах бааһынайдар база тутталларыгар көмө көрүллэрин истэн, аны онно анньыспытым итиэннэ былырыын сайын Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн биир мөлүйүөннээх субсидияны ылан, күрүө-хаһаа уонна олорор дьиэ туттубутум. Быйыл сайын ону ситэрдим, баанньык, хараас тутуннум уонна электроуот киллэттэрдим. Инньэ гынан, кыстыгы базам силигин ситэрэн көрүстүм.


Ааспыт нэдиэлэҕэ ыытыллыбыт Сиргэ уонна баайга-дуолга сыһыаннаһыы эйгэтин исписэлиистэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи сэминээрдэригэр судаарыстыбаннай итиэннэ муниципальнай уорганнара сир-уот ресурсатыгар, ол иһигэр “Уһук Илин гектарын” олоххо киллэриигэ бииргэ үлэлээһиннэрин тупсарыыга киэҥ кэпсэтии таҕыста.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0