Аҕыйах хонуктааҕыта Арассыыйа Федерациятын бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев ыыппыт мунньаҕар миниистирдэр кабинеттарын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Уһук Илиҥҥи уокурукка РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев “Уһук Илиҥҥи гектар” бырагыраама кыттыылаахтара чэпчэтиилээх кирэдьиитинэн туһаныахтарын туһунан иһитиннэрдэ.
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru
Юрий Трутнев Уһук Илиҥҥэ босхо сир ылыан баҕалаахтар биир улахан кыһалҕаларынан учаастактарын туһаҕа киллэриилэригэр үптэрэ тиийбэтэ буоларын ыйда. Ол инниттэн билигин Уһук Илини сайыннарыы пуондата Почта-бааны уонна Сибээс-бааны кытта бииргэ үлэлэһэн, гектар ылааччыларга кирэдьиит саҥа көрүҥүн арыйдылар. Ол курдук, биирдиилээн дьоҥҥо биэс сылга болдьохтоон 600 тыһыынчаҕа, кэлэктиибинэн сайаапкалаахтарга 3 мөлүйүөн солкуобайга диэри сылга 8 – 10, 5 бырыһыаннаах кирэдьиит көрүллэр буолла. Бэрэсидьиэн боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ бу үп сирдээх дьоҥҥо тоҕоостоох буолуоҕар саарбахтаабатын эттэ.
Юрий Трутнев бүгүҥҥү күҥҥэ 64 тыһыынчаттан тахса киһи сайаапка түһэрбитин, үгүстэр дьиэ-уот туттуохтарын, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныахтарын, ыҥырыа иитиитинэн, урбааҥҥа ылсыахтарын баҕаралларын аҕынна.
Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтэ “босхо гектар” бырагыраамата үлэлиэҕиттэн «НаДальнийВосток.РФ» сайтка сэттэ мөлүйүөнтэн тахсата киирэ сылдьыбыттарын иһитиннэрдэ. Онтон аҥарын кэриҥэ — үс мөлүйүөн курдуга – олунньу 1 күнүн, бырагыраама үһүс түһүмэҕэ саҕаламмытын кэннинээҕи киирии.
Сүрүннээн Москва, Москва уобалаһын, Приморье, Хабаровскай кыраай, Санкт-Петербург, уонна Ленинград, Саратов уобаластарын олохтоохторо киирэн көрбүттэр. Омук дойдуларыттан эмиэ интэриэһиргииллэр эбит. Саастарынан ыллахха, 45 бырыһыаннара 25 – 34-тээх эдэр дьон, 45-тэн уонна онтон аҕа саастаахтар 30 бырыһыаны ыллаллар.
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru