Гей-парад Дьокуускайга буолар кыаҕа суох

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Москва олохтооҕуттан Гражданскай уопсастыбаны сайыннарыы министиэристибэтигэр Дьокуускайга гейдэр парадтарын ыытар туһунан көрдөһүү сурук киирбит. Маны ЯСИА миниистири бастакы солбуйааччы Иван Луцкантан туоһуласпыт.

«Оҕо сайдыытыгар уонна доруобуйатыгар мөкүтүк дьайар информацияттан харыстыыр туһунан 436-с федеральнай сокуҥҥа олоҕуран оннук тэрээһин биһиэхэ ыытыллара сатаммат. Ленин болуоссата уонна проспега куорат киинигэр турар. Манна оҕолор сылдьар сирдэрэ, киинэ тыйаатырдара, оскуолалар, оҕо уһуйааннара бааллар. Саха сиригэр былыргыттан төрүт үгэһи тутуһабыт. Онон гей-парад курдук аахсыйаны олохтоохтор даҕаны утарыахтара дии саныыбын«, — диир кини.

Гей-парады тэрийиэн баҕалаахтар суруктарыгар олунньу 28 күнүгэр ыытар, 300 киһини хомуйар баҕалаахпыт диэн эппиттэр. Итинник хабааннаах аахсыйалары Улан-Удэҕэ, Москваҕа, Санкт-Петербурга о.д.а. куораттарга ыыта сатаабыттар. Барытыгар суут быһаарыытынан аккаастаабыттар.

Маннык тэрээһиннэр үүнэр көлүөнэни үтүөҕэ ииппэттэрэ чахчы. Саха сириттэн ыраах сылдьаллара ордук.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0