«Газпром» Саха сиригэр үс физкультурнай-чэбдигирдэр комплексы дьэндэтиэҕэ

Ааптар: 
26.07.2018
Бөлөххө киир:

Аҕыйах хонуктааҕыта Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын эбээһинэһин толорооччу Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай-култуурунай аналлаах үс саҥа эбийиэк тутуллар сирдэрин быһаарар дьаһалга илии баттаата. Бу туһунан Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Бу докумуоҥҥа олоҕуран, Алдан куоракка, Нерюнгри улууһун Чульман бөһүөлэгэр уонна Дьокуускай куорат Марха микро-оройуонугар физкультурнай-чэбдигирдэр комплекстары тутууга сир учаастактара ананыахтара. Бу эбийиэктэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна “Газпром” ПАО бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэһиилэригэр олоҕуран “Газпром – оҕолорго” бырагырааманан тутуллуохтара.

Алдаҥҥа улахан дьоҥҥо уонна оҕолорго туспа сөтүөлүүр сирдээх уопсайа 3 150 кв. м иэннээх физкультурнай-чэбдигирдэр комплекс тутуллуоҕа. Чульмаҥҥа хаҥкылыыр сирдээх 3 350 кв. м иэннээх комплекс дьэндэйиэҕэ. Мархаҕа улахан дьоҥҥо уонна оҕолорго туспа сөтүөлүүр уонна хаҥкылыыр сирдээх физкультурнай-чэбдигирдэр комплекс баар буолуоҕа.

Эбийиэктэри тутуу 2019 сылтан саҕаланара уонна Саха сирин автономиятын 100 сылын көрсө түмүктэнэрэ былааннанар. Эрдэ иһитиннэриллибитин курдук, бу үс улахан эбийиэги дьэндэтиигэ 1,7 млрд солкуобай туттуллуоҕа.

Роман Попов, «Саха сирэ» хаhыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0