Документалист-суруйааччы Дмитрий Гаврильев төрөөбүтэ 80 сыла буолар

22.08.2018
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэhитэ, документалист-суруйааччы, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууhун чилиэнэ, Таатта улууhун Баайаҕа уонна Амма улууhун Абаҕа, Амма-Наахара нэhилиэктэрин, Амма улууhун бочуоттаах олохтооҕо, Бүтүн Арассыыйатааҕы “России верные сыны” куонкурус лауреата мэтээллээх, “Үтүөнү үйэтитээччи” номинация лауреата Дмитрий Николаевич Гаврильев төрөөбүтэ 80 сыла буолар. Кини Амма оройуонун Амма-Наахара нэһилиэгин Өнньүөс нэһилиэгэр 1938 сыллаахха атырдьах ыйын 24 күнүгэр төрөөбүтэ. Оттон олохтон барбыта хайыы үйэ аҕыс сыл буолла…

Дмитрий Николаевич «Олоҕум тухары кырдьык иһин охсуһуом!» диэн санаанан, биир күн сынньаммакка, хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри остуолуттан өндөйбөккө үлэлиир этэ. Олоҕум аргыһыныын 48 сыл дьоллоох олоҕу олорон, тулаайах үөскээбит киһи, бэйэбэр дьылҕам бэлэҕинэн сыаналыыбын. Киһиттэн ураты бэрээдэгинэн, үтүө сыһыанынан, оҕолоругар аламаҕайынан холобур буолара. Мин суруйар идэлээх буолбатахпын, ол гынан баран 80 сааһын туоларын бэлиэтээн дьон убаастаан, ордук Ким Дмитриевич Дьячковскай хаһыакка тахсыбыт суруйууларын мунньан, оҕобор Сардаана Дмитриевнаҕа бэлэхтээбитэ. Онтон быһа тардан суруйа олоробун. Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет доцена Ким Дмитриевич Дьячковскай-Анаарар улаханнык убаастыырын сыаналыыбын. 2013 сыллаахха «Саха сирэ» хаһыакка «Саха саарыннара» балаһаҕа «Сырдык санаалаах киһиэхэ сүгүрүйэбин» диэн улахан сыанабылы биэрэн, бэлиэтээн суруйбут ыстатыйата баар, онтон быһа тардан суруйабын:

«Ааҕааччылар, бу аҕалбыт бэрт дьоҕус холобурдарбыттан Дмитрий Николаевич Гаврильев олох оҕо, эдэр эрдэҕиттэн суруйар, ааҕар дьоҕурдааҕын, бука, сэрэйдэххит буолуо. Кырдьыга да оннук. «Аҕаа, эн тускар…» диэн кэргэнэ Анна Федосеевна, оҕолоро Сардаана, Мария, Дмитрий уонна кийиитэ, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ суруйбут («Саха Сирэ», 03.02.2011 с.) ахтыыларыгар аҕаларын этиитин суруйаллар. Сэрии историятын биирдии киһинэн үөрэтиллиэхтээх диэн суруйаллар диэн бигэ санаалаах буолан, аатын-суолун толору чинчийэн, ханан кыргыспытын, сэрии толоонугар охтубут буоллаҕына, ханан көмүллүбүтүн, сураҕа суох сүппүт буоллаҕына, хонуу почтатын нүөмэринэн ханнык дивизияҕа, полкаҕа кыргыспытын ааҕан-суоттаан таһаарара. Дьэ, онтон Москва, Ленинград, Смоленскай, Подольскай, Иркутскай, Курскай, Харьков, Ржев, Екатеринбург, Златоуст уо.д.а. куораттар, Калининскай уобалас байыаннай архыыптарыттан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Москватааҕы Куттал суох буолуутун министиэристибэтин архыыбыттан сэрии саҕанааҕы докумуоннары, о.д.а. архыыптары, анал суруйуулары хасыһан, дьаныардаахтык үлэлээбитэ, суруйбута. Саха сирин сүүрбэттэн тахса улууһун буойуннарын туһунан элбэх эрдэ биллибэтэх дааннайдары булан, ааттарын үйэтиппитэ. Уопсайа, 24 кинигэни суруйан хаалларбыта. Ону таһынан, үгүс докумуоннары куоппуйалаан, хаартыскаҕа түһэрэн, сүүһүнэн киһини кытта кэпсэтэн, быһаарсан, чуолкайдаһан барытын систиэмэлээбитин, үксүн бэчээккэ бэлэмнээбитин ахталлар. Бу ахтыыларыгар дьоно Дмитрий Николаевич өссө Саха сиригэр Гражданскай сэрии историятын үөрэтиигэ кылаатын, үгүс улуустар «Өйдөбүнньүк» кинигэлэрин сиһилии ырыппытын, репрессияҕа түбэспит: П.А. Ойуунускай, В.В.Никифоров, И.Д.Емельянов, А.М.Дексиляхов, А.Е.Кралин, З.А.Яковлев, о.д.а. сууттаммыт уонна реабилитацияламмыт (уопсайа 555 киһи) докумуоннарыгар олоҕуран суруйан-ырытан хаалларбытын тоһоҕолоон бэлиэтээтиллэр.

Өссө суруналыыс быһыытынан 1000 тиийэ ыстатыйаны таһаартарбыта, рационализатор быһыытынан үлэлэспитин («сылаас ойбон»), 1964 сылтан топонимиканан дьарыктаммытын, саха тылын уонна былыргы түүрдэр суруктарын научнай чинчийиилэрин о.д.а. дьоһун уонна кэскиллээх үлэтин, дьарыгын бэлиэтииллэр.

«Аҕабыт мөлтөөбүт кэмигэр «хомуйбут, булбут матырыйаалым сороҕо эрэ бэчээккэ таҕыста, үлэлээбит үлэм аҥаарыттан эрэ ордугун ситэрдим» диэбитэ. «Үрүҥ күн анныгар сүрэҕим сылааһын, санаам ырааһын бүтүннүү олоххо, бар дьоммор аныыбын» диэн кини бэйэтэ суруйан хаалларбыт тыллара ыччаттарын, алтыспыт да, алтыспатах да дьонун сүрэхтэригэр тыллан, аҕабыт сүрэҕин сылааһа, өйүн-санаатын ырааһа өссө да салгыы таптыыр бар дьонугар тиийэ турарын туһугар үлэлэһэр, туруулаһар дьон көстөн иһиэхтэрэ дии саныыбыт…», диэн истин-иһирэх тылларынан түмүктээбиттэригэр кыттыһан туран, дьоно бу эрэллэрин аныгы ыччат дьон олоххо киллэриэхтэрэ диэн эрэнэн, саха биир чулуу саарынын, дэгиттэр дьоҕурдаах, норуотум туһа диэн бэйэтин харыстаммакка үлэлээбит сэмэй, кэрэ киһи Дмитрий Николаевич Гаврильев туһунан өссө төгүл өйдөөн-санаан, талааныгар сүгүрүйэн ылбыппын түмүктүүбүн уонна икки этиилээхпин. Бастакы этиим: Д.Н. Гаврильев архыыбын, бэчээттэнэ илик үлэлэрин таһаарар буоллар, норуоппутугар, ордук ыччаппытын иитиигэ (бастатан туран, патриотизм тыыныгар иитэргэ) сүҥкэн суолталаах буолуо этэ. Иккис этиим: Кыайыы болуоссатыгар Д.Н.Гаврильевка, о.д.а. сэрии историятын, бэтэрээннэрин үйэтитиигэ киллэрбит кылааттарын сыаналаан, өйдөбүнньүк тутар наадалаах. Бу этиилэрим Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх сылын көрсө олоххо киирэллэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын уонна онно эрэнэбин».

Үтүө киһи Ким Дмитриевич Дьячковскай ити сыанабылын иһин биһиги – сиэннэрэ, оҕолоро, кэргэнэ махтанабыт, сүгүрүйэбит. Ити барыта кырдьыгы өйдөөн-сыаналаан этиитэ буолар.

Биһиги дьиэ кэргэн өттүттэн аҕабыт сырдык аатын үйэтитиигэ суруйан хаалларбыт «Ытыктабыл» кинигэтин ситэрэн бэчээккэ кыргыттара Мария уонна Сардаана таһаарбыттара. Амма улууһун дьаһалтата, оччолорго салайааччылар – Михайлов Петр Александрович, Захаров Михаил Васильевич аҕабыт Дмитрий Николаевич Гаврильев үлэтин чахчы сыаналаан, уһаайбалаах дьиэ бэлэхтээбиттэрэ. Ол дьиэбитигэр олорон, мин бэчээттэһэммин, хас да кинигэ сотору-сотору тахсыбыта, ол курдук – «Старшай лейтенант Г.М.Андросов», «Кралин А.Е.: 1893-1974 сс.», «Амма оройуонун үөрэҕин управлениета» о.д.а. Кэлин доруобуйабыт мөлтөөн, оҕолорбутугар куоракка киирбиппит, онно да ыалдьа сытан этэн биэрбитин бэчээттэһэн кэнники кинигэлэр тахсыбыттара — «Буойуннар», «Амма„ совхоз: 1930-2000 сс.», «Үлэ дьоруойа П.И.Яковлев», «Амма улууһун «Өйдөбүнньүк» кинигэтэ: 1941-1945 сыллардааҕы Аҕа дойду Улуу сэриититтэн эргиллибит буойуннар», «Амма оройуонун үөрэҕин управлениета» о.д.а. Орто дойдуттан арахсыбытын кэннэ кыра кыыһа Мария тэрийэн, бэлэх дьиэбит таһыгар өйдөбүнньүк дуосканы ыйаабыппыт.

Аҕатын кэнниттэн, бастакы оҕобут Сардаана докторскай үлэтин көмүскүөхтээх ыйыгар ыарахан ыарыыттан күн сириттэн күрэммитэ биһиги дьиэ кэргэҥҥэ ыарахан сүтүк буолбута. Сардаана Дмитриевна Егинова — филологическай наука кандидата, доцент, Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтугар тыл кафедратын сибиэдиссэйэ. Кини быйыл алтынньы ый 25 күнүгэр 55 сааһын туолуохтааҕа, Дьылҕа Хаан оҥоһуута кытаанах…

Олох салҕанар. Барыта күнтэн күн салҕанар, үтүө киһи үлэҕэ-үөрэххэ түбүгүрэр. Оҕолорбун, сиэннэрбин, хос сиэннэрбин кытта эҥэрдэһэн солом суох курдук. Кинилэр – үлэ-үөрэх дьоно этэҥҥэ, доруобайдык сырыттахтарына, мин дьоллонобун.

Анна Федосеевна Гаврильева,

үлэ бэтэрээнэ, сэрии тулаайаҕа.

Дьокуускай куорат,

атырдьах ыйа, 2018 сыл.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0