Гаврил Угаров: «Өйөөччүлэр ахсааннара күнтэн күн үксээн иһэр»

02.03.2022
Бөлөххө киир:

Сир түннүгэ ытык-мааны киһибит, Эһээ Дьылбыт, биология наукатын дуоктара, профессор, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Сургуулук нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, суруйааччы, суруналыыс Гаврил Угаров  Арассыыйа уонна Украина сыһыаннаһыыларыгар санаатын маннык үллэһиннэ:

—Владимир Путины өйөөччүлэр ахсааннара үксээн иһэр. Ол өйдөнөр. Тоҕо диэтэххэ,  Владимир Путин Донецкай уонна Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэри билинэр, онтон ити өрөспүүбүлүкэлэр салалталара ыҥырыыларынан кинилэр нэһилиэнньэлэрин куорҕаллааччылартан көмүскүүргэ,  Украинаны национализмтан, милитаризмтан ыраастыырга ылыммыт быһаарыныыта саамай сөптөөх. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Владимир Путин дьаһалын биир аан бастакынан өйөөбүт эрэгийиэнинэн буолар.   Биһиги  Донецкай   өрөспүүбүлүкэтин 1500 олохтооҕун олордуох, үлэнэн хааччыйыах буоллубут. Итиннэ даҕатан эттэххэ,  Бурятия 400 киһини ылар. Донецкайтан дьон кэлэн эрэллэр. Кинилэргэ анаан гуманитарнай көмө хомуйар анал пууннар тэрилиннилэр.

АХШ, Арҕааҥы дойдулар саҥа санкциянан куттаабыттара ыраатта. Онон билигин оҥорон эрэр санкциялара ол урут былааннаммыт санкцияларыттан лаппа кэҥээбит эрэ буолуохтаах.

Санкциялары киллэрэн Арҕааҥылар уонна АХШ норуот олоҕун ыаратан, аччыктатан РФ билиҥҥи салалтатын утары туруоруон, былааһы түөрэҥнэтиэн баҕарар. Ити кинилэр историяны, Арассыыйа норуоттара эттэригэр-хааннарыгар иҥэриммит Ийэ дойдуга бэриниилээхтэрин билбэттэриттэн тахсар. Хаһан баҕарар Арассыыйа норуота ыарахан түгэннэргэ былаастарын тула ордук ыга түмсэр, ыкса сомоҕолоһор, түмүгэр онон кыайыылаах тахсар үгэстээҕин учуоттаабаттар.

Билигин биһиги дойдубут атаҕар турбут кэмэ, онон олус иэдэйэр гына эмсэҕэлиэхпит суоҕа. Хата, Арҕаа дойдуларга бэрт сотору кэминэн ылыммыт санкцияларыттан бэйэлэрэ улаханнык ночоотураннар ар-бур дэһиилэрэ, норуот бууна буолан, санкцияны сымнатан киирэн барыахтара.

Билигин хас биирдии саха киһитэ баар кыахпытынан үлэлиэхтээхпит,  олохтоох аһынан-үөлүнэн, ордук оҕуруот аһынан хааччынарга, түргэнник ситэр көтөрү, хоруолугу, сибииньэни иитиигэ болҕомтобутун ууруохтаахпыт. Айылҕа биэрэр аһын-үөлүн, үүнээйитин күүскэ хомуйан, балыктаан, бултаан-астаан эбинэр туһунан толкуйдуохтаахпыт.

Билигин социальнай ситимнэргэ араас сымыйа, куһаҕан сурах-садьык  олус элбээтэ. Ону ыраас мууска ылан итэҕэйбэккэ, тарҕаппакка холкутук олорорго дьулуһуохтаахпыт. Сымыйа сурахтары күүскэ тарҕатааччылары уодьуганнаан иһиэххэ наада. Туох барыта бүтэр үһүктаах. Бу да ыарахан кэм сотору ааһыаҕа, онно күүскэ эрэниэххэ, итэҕэйиэххэ, былааспыт, салалтабыт тула өссө ыкса түмсүөххэ.

Александр ТАРАСОВ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0