Кэлин саха тылын “эмтиир” уолдьаста диэн элбэх киһи бэлиэтии көрөр. Сорохтор “тылы олус сахатытан, дьону тэйитэллэр” эбэтэр “мин эппитим сөп” диэччилэр бааллар. Онон саха тылыгар сыһыаннаах сүрүн боппуруостарга хоруйдары ылаары, дьэҥкэрдээри, саха тылын үйэлээх үгэһин илдьэ сылдьар дьону утумнааччылартан биирдэстэрин, тыл үөрэҕин билимин хандьыдаатын, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн дириэктэрэ Гаврил Торотоевы кытта сэһэргэһэбит.
Соҕотох үнүстүүт
— Гаврил Григорьевич, үрдүк үөрэх эйгэтигэр үлэлээбитиҥ быданнаата. Күн бүгүн үнүстүүккэ төһө элбэх киһи үөрэнэрий? Туох уратылааҕый?
— Бүгүҥҥү туругунан, үнүстүүккэ 886 устудьуон үөрэнэр. Үөрэхпит кыһатыгар 79 уһуйааччылаахпыт, ону таһынан, үөрэх үлэтин тэрийэр 14 үлэһиттээхпит.
Үнүстүүппүт сүрүн сыала-соруга – олохтоох омуктар тылларын уонна култуураларын харыстааһын уонна сайыннарыы. Ол курдук үөрэхпит кыһатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин 6 төрүт олохтоох омуктарын: сахалар, эбээннэр, эбэҥкилэр, дьүкээгирдэр, чукчалар, дулгааннар тылларын уонна култуураларын үөрэтэбит. Биһиэхэ төрүт тылларын үөрэтэ Чукуоккаттан, Амыр уобалаһыттан, Хабаарап кыраайыттан кытта кэлэр буоллулар. Тоҕо диэтэххэ, Саха сирэ – олохтоох омуктар уутуйан, түөлбэлээн олорор сирдэрэ. Итиэннэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит төрүт омуктар тылларын, култуураларын, бырааптарын көмүскээһиҥҥэ Арассыыйаҕа инники күөҥҥэ сылдьар. Ол да иһин биһиги үлэбит уопутун көрө-истэ, атын эрэгийиэннэртэн анаан-минээн кэлэллэр.
— Куонкурус төһө үрдүгүй? Туох идэлээх дьону бэлэмнээн таһаараҕыт?
— Биһиги кыһабыт бакалавриат, специалитет, магистратура, аспирантура таһымынан 9 хайысхаҕа үөрэтэр: Култуура үөрэҕэ (культурология), Тыл үөрэҕэ (филология), Лиҥкибиистикэ (лингвистика), Туур айан (туризм), Сиэрбис (сервис), Норуот уус-уран култуурата (народная художественная культура), Ыччаты кытта үлэни тэрийии (организация работы с молодежью), Литэрэтиирэ айар үлэтэ (литературное творчество), Учуутал үөрэҕэ (педагогическое образование). Ити хайысхалар, ааттарыттан көстөрүн да курдук, төрөөбүт тыл учууталларын, култуура үлэһиттэрин, бэчээт уонна литэрэтиирэ үлэһиттэрин, эдэр ыччат лиидэрдэрин, сиэрбис уонна туур айан эйгэтигэр үлэлиир идэлээхтэри бэлэмниибит. Үөрэххэ туттарсыы кэмигэр саамай үрдүк куоҥкурус кэлин ааттаабыт икки хайысхабар көстөр. Сорох сыл 1 миэстэҕэ 10-тан тахсалыы сайабылыанньа киирээччи.
100 % дьарыктаахтар
— Үөрэхтэрин бүтэрбит дьон идэлэринэн үлэ булбаттар дииллэр. Эн ити этиигэ сөпсөһөҕүн дуо?
— Үнүбэрситиэппит үөрэхтэрин бүтэрбит дьон үлэ төһө булалларын кэтээн көрөр анал кииннээх (“Центр карьеры СВФУ”). Бу киин үлэ булбакка сылдьар оҕолорго быһаччы көмөлөһөр. Кэлиҥҥи сылларга улуустар салалталарын кытта көрсүһүү үтүө үгэскэ кубулуйда. Биһиги кыһабытын бүтэрбит оҕолор бары 100% дьарыктаахтар. 65% идэлэринэн үлэлии бараллар, онтон атыттар үксүлэрэ салҕыы маҕыстыратыыраҕа үөрэнэ киирэллэр, сорохтор оҕолоноллор, ким аармыйаҕа сулууспалыы барар. Бүддьүөт тэрилтэтигэр үлэ миэстэтэ, биллэн турар, кэмчи. Сорох оҕолорбут урбаанньыт буолан, бэйэлэрэ үлэ миэстэтин таһаараллар. Аныгы тэтимнээх үйэҕэ киһи ханнык да харгыска хаайтарбакка, сыта-тура толкуйдаан, дьоһуннаахтык дьаһанан, тус суолун бэйэтэ тобуларын курдук иитэ-үөрэтэ сатыыбыт.
“Уол оҕоҕо эр киһилии иитии наада”
— Эр дьон учуутал тоҕо аҕыйаата дии саныыгын?
— 1960-1970-с сыллартан оскуолаҕа дьахтар учуутал ахсаана биллэрдик эбиллибитэ. Саҥа үйэҕэ үктэммиппит кэннэ эр дьон учууталлар, сүнньүнэн, үлэ уруога, эти-хааны чэбдигирдэр култуура, информатика курдук биридимиэттэргэ эрэ баһыйар ахсааннаахтара. Онон оскуоланы бүтэрэн эрэр уолаттар ортолоругар сорох биридимиэти дьахтар эрэ учуутал үөрэтэр диэн саба быраҕан сыаналааһын (стереотип) үөскүүр буолуон сөп. Ол иһин учуутал идэтин талалларыгар эр киһи идэтэ, дьахтар идэтэ диэн араараллар. Холобур, билигин уол оҕо уһуйаан иитээччитэ эбэтэр алын кылаас учуутала буолартан кыбыстар.
Билиҥҥи үөрэх тиһигэ, уопсайынан, кыыс оҕону иитиигэ ордук сөп түбэһэр. Биир курдук, үгүс дьахтар учуутал уол оҕо уйулҕатын ситэ учуоттаабат, онон кинини кытта биир тылы булбат. Уол оҕоҕо арыый атын сыһыан, эр киһилии иитии наада. Кыыс оҕо айылҕатынан көрсүө-сэмэй, тулуурдаах-тэһиирдээх, олохтоммут бэрээдэги ылынымтыа, ол иһин үөрэҕэр эрдэттэн кыһаллар, онтун суотугар үгүһү ситиһэр. Биир кэлим эксээмэнин үрдүк баалга туттарар, онон үрдүк үөрэххэ киирэр кыаҕа эмиэ улаатар.
Тас дойдуттан тиийэ кэлэн үөрэнэллэр
— Арассыыйа атын эрэгийиэннэриттэн, тас дойдулартан кэлэллэр дуо? Туох интэриэстээхтэрий?
— Үнүбэрситиэккэ 300-тэн тахса омук устудьуона үөрэнэр. Ааспыт үөрэх дьылыгар биһиги үнүстүүппүтүгэр тас дойдуттан сылдьар 11 омук устудьуона (Германия, Кытай, Казахстан, Таджикистан, Кыргызстан) баара. Рыскулов Марат уонна Бахыткызы Молдир (хаһаахтар), Мартин-Гинриш Кунцендорф (ньиэмэс) тыл үөрэҕин маҕыыстыра истиэпэнин ситиһиилээхтик көмүскээтилэр. Бу сайын өссө 2 омук устудьуона туттарсан киирдэ. Арассыыйа атын эрэгийиэннэриттэн, сүнньүнэн, Туур айан, Сиэрбис, Култуура үөрэҕэ, Тыл үөрэҕэ (хотугу тыллар) хайысхалар идэтийиилэригэр үөрэнэллэр. Биһиги иллээх-эйэлээх кэлэктииппитигэр ити курдук араас омук бэрэстэбиитэлэ баар.
Саха тылын Туурак дойдутугар үөрэтэллэр
— Оттон саха тылын өрөспүүбүлүкэ таһыгар төһө үөрэтэллэрий?
— Саха тылын Туурак дойдутугар түүр тылын чинчийэр үнүбэрситиэттэргэ барыларыгар үөрэтэллэр. Саха тыла билимҥэ түүр тылларыттан саамай дириҥник үөрэтиллибит түҥ былыргы тыл диэн биллэр. Ол курдук түүр тылын үөрэхтээхтэрэ хайаан да Отто Бетлингк “О языке якутов” (1851), Сергей Ястремскай “Грамматика якутского языка” (1900), Эдуард Пекарскай “Словарь якутского языка” (1907-1930), о.д.а. үлэлэригэр сигэнэллэр. Саха тылыгар интэриэс түүр тыллаах өрөспүүбүлүкэлэргэ улахан. Холобур, Аль-Фараби аатынан Хаһаах нассынаалынай үнүбэрситиэтэ кэнэҕэһин саха тылын хаапыдыратын арыйар былааннаах. Икки нэдиэлэ анараа өттүгэр Илиҥҥи тыллары үөрэтэр бакылтыат салалтатын кытта, куйаар ситиминэн быһа сибээскэ тахсан, инникитин бииргэ үлэлиир туһунан ирэ-хоро кэпсэппиппит. Кыттыгас кэмпириэнсийэ ыытыахтаахпыт, тылы үөрэтэр анал куурустары тэрийиэхтээхпит.
Саха тылын көмпүүтэргэ киллэрии
— Саха тылын көмпүүтэргэ киллэрии хайдаҕый? Эһиги үнүстүүккүт итиннэ туох үлэни ыытарый?
— “Яндекс. Переводчик” тылбаасчытыгар саха тылын киллэрэр бырайыагы 2016 сыллаахха бэлэмнээн баран, 2017 сыллаахха СӨ бырабыыталыстыбатыгар киллэрбиппит. Бу бырайыак салалта өйөбүлүн ылан, билигин үлэлии турар, нууччалыыттан сахалыы тылбааһа күнтэн күн тупсан иһэр. Яндекс хампаанньа көмпүүтэри үүннүүр-тэһиинниир идэлээх үлэһиттэрэ тобулбут ньымаларынан массыына бэйэтэ бэйэтин үөрэтэр: билиитин хаҥатынар, толкуйун сайыннарар. Көмпүүтэр бырагыраамата куйаар ситимигэр аһаҕас туттууга киирбит, сахалыы суруллубут тиэкистэри ааҕар, онно олоҕуран тылын-өһүн, этиитин чочуйар. Биһиги кыһабыт көмпүүтэр ааҕар сахалыы тиэкиһэ элбиирин туһугар СИА ааҕыныстыбаны кытта “Билим” альманаҕы таһаара турар. Сахалыы тыллаах тиэкис ахсаана үксүүрүгэр edersaas.ru, Сахалыы Бикипиэдьийэ, kyym.ru саайтар төһүү буолаллар. Манна инникитин кинигэ кыһалара, бибилэтиэкэ тэрилтэлэрэ күүскэ кыттыһыахтара диэн эрэнэбит. Былыр да, быйыл да тахсыбыт кинигэлэргэ сыттаҕа дии тылбыт сүөгэйэ-сүмэтэ. Интэриниэт ситимигэр, сорохтор ааҕалларынан, билигин сахалыы суруллубут 12 мөлүйүөн кэриҥэ “тылы туттуу” (словоупотребление) баар. Бу көрдөрүү күн ахсын уларыйа турар. Ыстатыйа суруйан уктахпыт аайы тылы туттуу эбиллэн иһэр. Холобура, нуучча тылын куорпуһугар 2018 сыллаахха 600 мөлүйүөнтэн тахса тылы туттуу баара, билигин миллиард иһэ-таһа буоллаҕа буолуо.
“Индексированные словоизменительные аффиксы языка саха” диэн саха тылыгар баар тылы уларытар сыһыарыылар болдьох бэлиэлэрин тиһигин оҥордубут. Ити хомуйбут чахчыларбытын чинчийээччи айан таһаарбыт бас билиитин быһыытынан Москубаҕа бигэргэттибит. Онно олоҕуран, “Морфологический анализатор для электронного корпуса языка саха” (Леонтьев Нь.А.), “Морфонологический анализатор языка саха” (Бочкарев В.В.) диэн көмпүүтэр бырагыраамалара оҥоһулуннулар. Ол эрээри ити бырагыраамалар билигин чочуйуу уонна холоон көрүү таһымыгар сылдьаллар. Мин тус бэйэм Татарстан Билим Акадьыамыйатын “Тюркская морфема” портал эспиэрэ буолабын. Түүр тылларын көмпүүтэр эйгэтигэр киллэриигэ туһуламмыт «TurkLang» норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэ тосхолун торумнуур сүрүн кэмитиэккэ баарбын. Онон уруулуу омуктарбытыгар бу эйгэҕэ туох хамсааһын бара турарын балачча билэбин диэххэ сөп.
“Халтай олорон биэримиэҕиҥ”
— Бэрт сонун эбит. Кэлин көмпүүтэргэ, тиэхиньикэҕэ сыһыаннаах тиэрмин хото киирэр. Итини тылбаастыыр, сахатытар ирдэнэр дуо?
— Омук тыла араас хайысханан күннээҕи олохпутугар харса-хабыра суох ааҥныы-күөнтүү турар. Манна туох да миэрэни ылыммакка, халтай олорон биэрдэхпитинэ, тылбыт бастаан утаа булкаас тылга (“а так журналистары президент да, правительство да жестко поддержкалыыр”) кубулуйуо. Онтон сотору кэминэн ыччат нууччалыыта да, сахалыыта да биллибэт тиэрэ-маары саҥаны-иҥэни истэ сылдьан, төрөөбүт тылы билэр туох да туһата-көдьүүһэ суох диэн (судургу суолу талан!), атын тылга көһүө. Оччоҕо тылбыт, чахчы, эстэр суолга үктэниэн сөп. Эстибит тыллар устуоруйаларын көрдөххө, бастаан булкаас тылга (креол тыла) кубулуйаллар, онтон сыыйа-баайа туттууттан туорууллар. Тыл туттуллубат буоллаҕына – өлөр, оттон тыл өллөҕүнэ – омук сүтэрин бары бэркэ диэн билэбит. Дьэ, ол иһин тылбыт үрүҥ сүнньүн – дорҕоон дьүөрэлэһиитин харыстаан, атын омук тылларын сороҕун тылбаастаан (падеж – түһүк, указатель – ыйынньык), солбук булан (урудуйуу (приспособление), чэчик (цветы) – Алтан Сарынныы, сир арыыта (нефть), торҕо (ткань) – Күндэлии), сорох тиэрмин дорҕоонун дьүөрэлээн, тылбыт сокуонугар бас бэриннэрэн, ол эбэтэр сахатытан (тийээтир, успуорт – Ойуунускайдыы, дыраама, ускуустуба – Алампалыы, чонуобунньук, борокуруор – Өксөкүлээхтии), тылбытын хаҥатыах, байытыах тустаахпыт. Саҥа тиэрминнэри (наука – билим, музей – түмэл, предпринимательство – урбаан, интернет – куйаар ситимэ) айар, олохсутар, тэнитэр үлэбит түмүктээх буоларын туһугар тиһиктээх үлэ барыахтаах.
Саха тыла – сүтэр кутталлаах
— Саха тылын сүтэр туруктаах тыллар кэккэлэригэр киллэрэллэр. Эн итиннэ туох санаалааххын?
— ЮНЕСКО саха тылын (эбээн, эбэҥки, дьүкээгир, чукча, дулгаан тылларын сэргэ) сүтэр кутталлаах тыллар кэккэлэригэр киллэрэр. Аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар тылларын кытта тэҥнээтэххэ, биһиги тылбыт, судаарыстыба тыла да буоларын быһыытынан, таһыччы таһымнаах. Саха тыла олохпут бары эйгэтигэр туттуллар. Ханна эрэ киэҥник, ханна эрэ кыараҕастык. Сайдыылаах литэрэтиирэлээхпит, бэчээттээхпит, тэлэбиидэнньэлээхпит, араадьыйалаахпыт, ырыалаахпыт-тойуктаахпыт… Ол эрээри манан уоскуйар сатаммат. Саха тыла билим уонна дьыала эйгэтигэр толору үлэлиир тыл буолуохтаах. Тылбыт инники дьылҕата бу билиҥҥи салалтаттан, ситэриилээх былаастан, дьон-сэргэ тылыгар хайдах сыһыаннаһарыттан быһаччы тутулуктаах. Ону тэҥэ оҕо төрөөбүт тылын баһылыырыгар ийэ-аҕа, эһэ-эбэ ордук суолталаахтар, быһаарар оруоллаахтар.
Табыгастаах кэми мүччү тутумуоҕуҥ
— Билигин нууччалыы-сахалыы бутуйан саҥарар дьон элбэх. Кинилэри сиилиир наада дуо? Олус сахатытан дьону тэйитии эмиэ баар диэн этэллэр. Ити этиигэ төһө сөпсөһөҕүн?
— Ийэ тыл дьиэ кэргэҥҥэ уйаланар. Сорох төрөппүт оҕотун кэлэр кэскилин бэйэлээх бэйэтин илиитинэн сарбыйар. Ити оҕону төрөөбүт тылларыттан тэйитэллэрин этэбин. Оччотугар бу оҕо улаатан баран эрэй бөҕөтүн көрөр. Урууларын-аймахтарын кытта, бэл, эһэлээҕин-эбэлээҕин кытта ситэ өйдөспөт, онтон сылтаан соччо бодоруспат-алтыспат да буолан хаалар (“чужой среди своих”). Аны атын омуктар ортолоругар киирдэҕинэ, төрүт култууратын букатын билбэт, омугун ситиһиитин кыайан сырдаппат, чулуу дьонун туһунан сатаан кэпсээбэт, ол эбэтэр ньүдьү-балай киһи (маргинал) курдук туора көрүллэр. Дьиҥэр, бу – кини буруйа буолбатах, төрөппүт буруйа. Нууччалыы иитиилээх киһи кэлин ийэ тылыгар төннөрө олус уустук. Онон маннык дьону туора көрбөккө, көмөлөһүөх, өйүөх эрэ кэриҥнээхпит. Кинилэр саамай нүөл кэмнэрин, оҕо сылдьан ийэ тылларын улгумнук-кэбэҕэстик иҥэриниэхтээх кэмнэрин, хомойуох иһин, төрөппүттэрэ мүччү туппуттар.
Омук тылын хайдах ылыныахтаахпыт туһунан инники этэн аһарбытым. Сахатытан (транскрипция ньымата), таҥнарытын, оҕолорбутун тылбытыгар ордук чугаһатабыт дии саныыбын. Чэ, холобур, оҕолор кэлин бэйэлэрэ сахалыы ааттаналлара (Дорҕоон Дохсун, Добун, Эрхаан) эбэтэр нууччалыы ааттарын сахатыталлара (Дьаакып, Болуодьа, Бүөккэ) да буоллун. Аныгы ыччат араас омук тылын үөрэтэр буолан, итини улгумнук ылынар. Итэҕэтиилээхтик холобурдаатахха (Россия – ааҥыллыы Раша, кытайдыы Элосы, боронтуустуу Ҕуси, хаһаахтыы Ресей, сахалыы Арассыыйа), бу хайа баҕарар тылга баар көстүү эбит диэн өйдүүр. Таарыйа этэн аһардахха, тылыттан тэйбит киһи ити биһиги тылы сахатытарбытыгар да, сайыннара сатыырбытыгар да отой кыһаммат. Онон кинилэр усках санааларын куоһур оҥостор сатаммат.
“Чөчөгөй, иэдьэгэй, сүөгэй…”
— Таҥаска-сапка, аска-үөлгэ… сахалыы даҕаны суруллуон сөптөөх тыллары нууччалыы суруйаллар. “Бу тыл хайдах сурулларый?” – диэн биирдиилээн дьон, тэрилтэлэр сүбэ ылаллар дуу?
— Биһиэхэ араас улуустан тэрилтэ сурукка киирэр аатын тылбаастыырга көмөлөһүҥ диэн көрдөһөллөр. Ону баччааҥҥа диэри быһа гыммакка тылбаастаан кэллибит. Сакаас элбээбитинэн сибээстээн, мантан инньэ ити өҥөнү төлөбүрдээх оҥоруохпут. Биир улахан хампаанньа табаарын хаҕар баар сурук-бичик сыыһа бэчээттэнэ сылдьарын көрөн көннөттөрбүппүт. Оптуобус тохтобулларын аатын сыыһа тылбаастаабыттарын көннөрөр үлэҕэ эмиэ кыттыбыппыт. Аны туран, саҥа тэрилтэлэр аат көрдөнөр кэмнэригэр үгүстүк сүбэ-ама буолбуппут.
Уопсайынан, табаар таһа сахалыы суруллуохтаах. Ити табаары оҥорон таһаарааччыга да, туһанааччыга да бары өттүнэн барыстаах. Саха киһитэ сахалыыны ордук чугастык ылынар, онон табаар хамаҕатык атыыланар буолуон сөп. Аны туран, табаар сахалыы ааттаах буоллаҕына, ыччат төрөөбүт тылыгар чугаһыыр. Холобур, маҕаһыыҥҥа тахсарыгар “чөчөгөй, иэдьэгэй, сүөгэй, тоҥ күөрчэх, тоҥ эт ыла бардым” диэҕэ. Ол аата сахалыы ааттаах табаары оҥорон таһаарар тэрилтэ саха тыла сайдарыгар тус кылаатын киллэрдэ диэн өйдүүбүт. Киэҥ эйгэҕэ тахсан эрэр түгэммин туһанан, табаары оҥорооччуларга туһаайан, манныгы этиэм этэ: ”Оҥоһуккут, аскыт-үөлгүт, о.д.а. табааргыт аатын, суругун-бичигин, быһаарыытын мантан инньэ хайаан да нууччалыы-сахалыы суруйуҥ. Ити эбии үбү эрэйбэт үтүө дьыала буолар”.
“Өлбүт [ҥ] дорҕооҥҥо өйдөбүнньүк турбатар ханнык”
— Мурун [й] дорҕоон сүппүтүн курдук¸ [ҥ] дорҕоон симэлийэн эрэр. Ити төрүөтэ тугуй? Хайдах гынан төнүннэрэбит?
— [ҥ] дорҕооммут туруга киин уонна илин эҥээр улуустарга ордук мөлтөөтө. Олохтоохтор [н] уонна [ҥ] дорҕоон тыл кэннигэр туттуллуутун араарбат буолан эрэллэр. Ити төрүөтүн субу диэн этэр кыаҕым суох. Мин бу кыһалҕа туһунан “Кыым” хаһыакка да, “Билим” сурунаалга (СИА) да суруйан турабын. Кэтээн көрдөххө, Бүлүү сүнньүн улуустарыгар тоҕо эрэ маннык кыһалҕа турбат. Дьиҥэр, маҥнайгы кылаассык суруйааччыларбыт Тааттаттан төрүттээх дьон дии. Кинилэр айар үлэлэригэр [ҥ] дорҕоону сөпкө туһаналлара. Аҕа дойду Улуу сэриитин саҕанааҕы саллааттар суруктарыгар “аҕан”, “ийэн”, “олорун” диэн суруйуулар көстөллөр. Онон тыл кэннинээҕи [ҥ] дорҕоон мөлтөөһүнэ оччолортон саҕаламмыт быһыылаах диэн сэрэйиэхпин эрэ сөп.
Олохпутугар куйаар ситимэ, бассаап киирэн, тылы сөпкө туттуу кыһалҕата өссө сытыырхайда. Саха дьоно бүтүннүү, эмэниттэн эдэригэр тиийэ, [ҥ] дорҕоону сөпкө саҥарарга-суруйарга дьулуһуохтаахпыт. Сыыһа саҥарартан сылтаан этиибит ис хоһооно түҥ-таҥ өйдөнөр. Маны көннөрөр туһугар учуонайдар, учууталлар эрэ буолбакка, салайааччылар, суруналыыстар, ырыаһыттар, о.д.а. идэлээх дьон бары бииргэ турунуохтаахпыт. Өлбүт [ҥ] дорҕооҥҥо өйдөбүнньүк турбатар ханнык.
— Гаврил Григорьевич, хоруйуҥ иһин махтал.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru