Гаврил Николаев сүрэххэ сөҥмүт ырыалара

30.11.2016
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһугар СӨ култууратын туйгуна, «Туймаада» ансаамбыл сүрүн солиһа Гаврил Николаев аатынан вокалистар бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустара ыытыллар. Ону сэргэ «Туймаадалар» ахсынньы 24 күнүттэн нэһилиэктэри кэрийэн гастроллаан, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылаллар. Сарсын, ахсынньы 1 күнүгэр куонкурус тэрээһинэ саҕаланар.

Доҕордорун үйэтиттилэр

Куорат олохтоохторо кырыа кыһыҥҥа киириэх иннинэ элбэх үтүө түгэнтэн истиҥ иэйиигэ ыллардыбыт, дууһалыын долгуйдубут. Ол курдук, куорат тыйаатырдарын сезоннара аһылынна. Үгүс ахсааннаах кэнсиэртэртэн бүгүн «Туймаада» судаарыстыбаннай вокальнай ансаамбылга эһиги болҕомтоҕутун туһаайыахпын баҕарабын.

Бастатан туран, «Туймаада» судаарыстыбаннай вокальнай ансаамбыл Ийэ күнүн бырааһынньыктааһын чэрчитинэн Саха тыйаатырыгар «Ийэбэр аныыбын» кэнсиэри туруорда. Бу күн өссө сэтинньи 12 күнүгэр Опера уонна балет тыйаатырыгар «Сибэккилэр түһүүллэр» диэн кинилэр истиҥ доҕордоро Гаврил Николаев үтүө өйдөбүлүгэр кэнсиэр буолуохтааҕын, онно киирбит харчы сорҕото Гаврил дьиэ кэргэнин уонна вокалистар Г.Николаев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарын өйөөһүҥҥэ ыытылларын туһунан иһитиннэрбиттэрэ. «Сөбүлээн истэр ырыаһыттарбыт төһө да талааннаахтарын, көрөөччүгэ биһирэнэллэрин иһин, Гаврил куолаһын аны кэлэн ким хатылыай, кини бэйэтэ баарын курдук кэнсиэр буолуо дуо?» диэн курус санааҕа ылларан ылбытым.

Сэтинньи 12 күнүгэр Суорун Омоллоон аатынан киэҥ уораҕайга эрдэ кэлэн, сцена быыһын көрө олорон, былырыын Гаврил Николаев Үөһээ Бүлүү национальнай оркестрын кытары кэлэн бу сценаҕа кэнсиэртээбитин санаан кэлбитим. Оо, онно Гаврил барахсан талаана өссө атын өттүнэн арыллыбыта, национальнай оркестры кытары сатаан дьүөрэлээн ыллыыра сөхтөрбүтэ. Кылгастык да буоллар, инники былааннарын быктаран аһарбыта. Оччолорго ким билиэ баарай – норуот таптыыр ырыаһыта, СӨ култууратын туйгуна Гаврил Николаев улахан сценаҕа бүтэһик кэнсиэрэ буоларын?… (Ити кэнсиэргэ сылдьыбакка хаалбытыттан хомойбут дьону күн бүгүҥҥэ диэри истэбин).

tujmaada-p

Ол гынан баран, кэнсиэр хара саҕаланыаҕыттан илдьэ кэлбит настарыанньам сыыйа-баайа сүтэн-симэлийэн, этэргэ дылы, ырыа алыптаах эйгэтигэр куустарбыппын бэйэм да билбэккэ хаалбытым. Ыытааччы Мария Соболева: «Гаврил Николаев уостан түспэт ырыаларын толорорбутун, кинини манна баар курдук саныырбытын көҥүллээҥ. «Туймаадалыын» ыллаабыт, ылласпыт ырыаларын эһиэхэ аныыбыт, утары уунабыт», – диэтин кытары саала иһэ итини эрэ кэтэһэн олорбуттуу, ытыс тыаһынан хабылла түспүтэ. Хас биирдии көрөөччү бу түгэҥҥэ кини килбиктик, сэрэммиттии туттан, сценаҕа тахсан кыратык иҥнэччи туттан, хараҕын симэн ыллыырын хараҕар көрдөҕө.

Артыыстар хас биирдии толорууларыгар доҕордорун талааныгар сүгүрүйэллэрин, кини аттыларыгар баарын курдук турукка киирэн туран ыллаатылар. Кырдьыга да, «Туймаада» уолаттара кинини мэлдьи идеал, канон курдук көрөллөрө.

Кэнсиэркэ ырыаһыт сахалыы иэйиилээх ырыаларын эрэ буолбакка, омук (сүрүннээн Италия) ырыаларын соҕотоҕун уонна ансаамбыл ырыаһыттарыныын толоруутун улахан экраҥҥа көрдөрүүлэрэ олус киэргэттэ, ситэрэн-хоторон биэрдэ. Кини опера «ийэтинэн-аҕатынан» сураҕырбыт Италияҕа баран үөрэммитэ олоҕор, идэтигэр умнуллубат суолу хаалларбыта. Италияҕа баран үөрэнэр чиэс-бочуот ылбычча ырыаһыкка тиксибэт дьол. 2002 с. Саха тыйаатырыгар ансаамбыл сүрүн артыыската Лина Акимовалыын «Таптал аптаах хонуутугар» диэн театрализованнай дьүһүйүүттэн, Гаврил бастакы сольнай кэнсиэриттэн быһа тардыылар көрдөрүү оччотооҕу үтүө кэмнэргэ төнүннэрэн ыллылар.

Экраҥҥа Гаврил олоҕун көрдөрөр каадырдар кини киһи быһыытынан ыраас санаалааҕын, үөрүнньэҥ дууһалааҕын туоһулаатылар. Өссө 1995 c. саха радиотыгар биэрбит интервьютун истэ олорон, аан бастаан ханнык ырыаны толорбутун, «Туймаадаларга» бастакы хардыыларын, ис сүрэхтэн иэйэн туран толоруллар бытаан матыыптаах ырыалары ордорорун, куруук да дойду ахтылҕаныгар куустарарын уо.д.а. киһи быһыытынан үтүө хаачыстыбаларын биллибит.

Онон экраҥҥа көстүү уонна кэнсиэр бырагыраамата сатабыллаахтык аттарыллыбыт. Тыйаатыр сценатыгар уот-күөс, экран, артыыстар толоруулара тэҥҥэ дьүөрэлэһэн, кэнсиэр көрөөччүлэргэ тиийдэ.

Ханна да тиийдэр, лауреат үрдүк аатын сүгэрэ

Ганя оскуолаҕа үөрэнэ сырыттаҕына: «Аҕаҥ олус үчүгэйдик ыллыыр, эн да ыллыыр буолуохтааххын» диэн сценаҕа таһаарбыттара. Уолчаан аҕата ыллыыр Валерий Ноев «Хатыҥчааным барахсан» диэн ырыатын олус сөбүлүүр буолан, иһигэр ыллаан киҥинэйэ сылдьыбыт кэмэ этэ. Онон сценаҕа ыллаабыт бастакы ырыатынан «Хатыҥчааным барахсан» буолбута. Онтон ыла уус-уран самодеятельность кэнсиэрэ буолла да, Ганята суох табыллыбат буолбута. Оскуоланы бүтэрэн баран, биир саастыылаахтарын курдук, киин куоракка таласпатаҕа. Икки сыл тырахтарыыстаан, сопхуос араас үлэтигэр сылдьан баран, кулуупка уус-уран салайааччынан үлэҕэ киирбитэ. Улууска ыытыллар «Хотун Бүлүү», «Үрүҥ түүн» уо.д.а. кэнсиэртэргэ кыттан гран-при, лауреат ааттарын ылан бастакы ситиһиилэр сиэттиспитинэн кэлбиттэрэ. 1994 с. Үөһээ Бүлүү оркестрыгар солист быһыытынан ылыллыбыта. 1995 с. «Дьокуускай-95”, 1997 с. Туой Хайаҕа («Киэһээҥи Бүлүү» ырыатынан) куонкурустарга лауреат буолбута. Туой Хайаҕа лауреат буолбут күнүгэр Дьокуускайга кэлэн, М.Жирков аатынан музыкальнай училищеҕа туттарсыбыта. 1998 с. күһүн «Туймаада» ансаамбылга вокалиһынан кэлбитэ.

Ансаамбылга кииирэн баран, «Олоҥхо дойдута ыллыыр», «Мин дойдубун – өрөспүүбүлүкэбин туойабын» өрөспүүбүлүкэтэҕи куонкурустарга «Сааскыга», «Экчи тыл» уонна «Махтал эйиэхэ, Сахам сирэ» ырыаларынан эмиэ лауреат үрдүк аатын сүкпүтэ.

2002 с. Гаврил СӨ Үрдүкү музыкальнай оскуолатыгар вокальнай факультетыгар үөрэҕин үрдэтинэ киирбитэ. Салгыы 2004 с. Италияҕа баран опера биллиилээх преподавателларыгар вокалга үөрэммитэ.

Ансаамбылга тенор куоластаах, кыраһыабай тембрдээх уонна вокалга күүстээх тиэхиньикэлээх Ганя кыраһыабай бэйэлээх куолаһынан сүрүн партиялары толороро. Онтон соҕотоҕун толорор ырыаларыгар кини ырыатын бүтэһик нуоталарын уһатан эбэтэр күүһүрдэн биэрэн, дьүрүһүтэр куолаһын, киэҥ диапазонун, ураты маастарыстыбатын көҥүлгэ көтүтэрэ. Ону махталлаах көрөөччүлэр ардыгар ситэ истибэккэ, ытыспытын таһынан көмүс мүнүүтэлэри мүччү тутан кэбиһэрбит.

Гаврил Светлана Павловна Иванова, Анегина Егоровна Ильина, Мария Евсеевна Николаева курдук Арассыыйа үрдүкү музыкальнай үөрэхтэригэр уһуйуллубут, сүдү музыканнары кытары алтыспыт, дойдуларыгар төннөн норуоттарын талаанын аһарга өр сылларга туруулаһан үлэлэспит дьоҥҥо уһуйуллубута. Ити барыта кини талаана арылларыгар улаханнык көмөлөспүтэ. Гаврил Арассыыйаҕа да, омук да сиригэр тиийдэҕинэ, кини айылҕаттан бэриллибит талаанын, үрдүк таһымнааҕын, үчүгэй музыкальнай дьоҕурдааҕын эндэппэккэ билэллэрэ, тута бэлиэтииллэрэ. Арассыыйа култууратын академията тэрийэр «Арассыыйа ырыалара» фестивальга, Кириэмил Судаарыстыбаннай дыбарыаһыгар, Арассыыйа үгүс куораттарыгар саха уолун дьиктилээхэй куолаһа көрөөччүлэри долгуппута.

2015 сыл от ыйын 24 күнүгэр биһиги тапталлаах ырыаһыппыт, көмүс куолас Гаврил Николаев олоҕо хомолтолоохтук быстан, элбэх киһини хараҕын уутунан сууннарбыта, сүрэҕин ытаппыта.

Күһүөрү мин үлэлиир кэбиньиэппэр төлөпүөн тыаһаабыта. Улан Удэттэн эрийэн соһуппуттара. Бурятия биир суруналыыһа тута кутурҕанын биллэрбитэ уонна чугас дьоно сөбүлэһэр буоллахтарына, мин суруналыыс чинчийиитин ыытабын диэн төлөпүөннэрин көрдөөбүтэ. Ити курдук, биһиги Гаврилбыт соһуччу суох буолуута дойду араас муннугар олорор сүгүрүйээччилэрин аймаабыт этэ…

Талааннар суох буолбатахтар

Сахалар дьолбутугар, «Туймаада» ансаамбыллаах буоламмыт, Гаврил Николаев сырдык өйдөбүлэ хаһан да өйбүтүттэн-сүрэхпититтэн сүтүө суоҕа. Манна сыһыаран эттэххэ, ханнык баҕарар кэнсиэргэ эр дьон бөлөҕүнэн толоруулара биир киһи ыллыырынааҕар көрөөччүгэ ордук тиийимтиэ буолар. «Туймаада» ансаамбыл аан бастакыттан дьахталлар ансаамбылларын быһыытынан тэриллибит, эр дьон сыыйа-баайа ансаамбылга киирбит буоланнар, уолаттар иккис оруолга сылдьар курдуктар. Оттон Кавказ дойдуларыгар, улахан норуоттарга эр дьон ансаамбыллара бастакы күөҥҥэ сылдьаллар, өрө тутуллаллар. Биһиэхэ оннук буолуон эмиэ сөбө. Талааннар суох буолбатахтар. «Туймаада» уолаттара ыллыыр култууралара, үөрэхтэрэ үрдээн, сайдан иһэллэрин кинилэри хас биирдии кэнсиэркэ атыннык көрөрүҥ, арыйарыҥ да туоһулуур. Ол да иһин, салайааччылара, кэлэктиип убаастаан «ийэбит» диэн ааттыыр Светлана Иванова өссө күүстээх эр дьон ансаамбылын тэрийэр кэм кэлбитин бэлиэтиир. СӨ Култуураҕа министиэристибэтиттэн уолаттарга анаан икки-үс вокалист ыстаатын көрдөспүтэ сылтан ордон эрэр. Үлэтинэн-хамнаһынан өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа биһирэнэр Светлана Павловна баҕа санаата олоххо киирэрэ буоллар, Саха сирин музыкальнай олоҕор өссө биир сүдү хардыы оҥоһуллуо, өссө үрдүк таһымҥа тахсарга олохтоох олук ууруллуо этэ.

Надежда ЕГОРОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0