Гаврил Менкяров: Хас биирдии уобарас чугас

Ааптар: 
05.06.2022
Бөлөххө киир:

“Эйигин Дьулуур гыныахпын баҕардым, Дьулуур гынар эбиппин”, – диэбитигэр, маҥнай соһуйбутум. Бигэргэниллибит курдук этэ,  хайдах уларыйан хаалла дии санаабытым. Онтон кэпсэтии кэнниттэн икки өттүттэн сөпсөһөммүт, Дьулуур оруолун толорорго сөбүлэспитим уонна хаалбыт кылгас кэм иһигэр кини уобараһын толкуйдааһын саҕаламмыта…

Көрөөччү киэҥ араҥатыгар сахалар киэн туттар көрүҥмүт – мас тардыһыытын туһунан “Дьулуур” диэн уус-уран киинэ бүтүн Арассыыйа киинэ тыйаатырдарыгар көстөр. Бу киинэҕэ сүрүн оруолу саха киинэтигэр номнуо киэҥник биллэр, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа, СӨ култууратын туйгуна Гаврил Менкяров толордо. Бүгүн кинини кытта кэпсэтиини билиһиннэрэбит.

– Эн тыйаатыр, киинэ эйгэтигэр үлэлээбитиҥ син балачча буолла. Номнуо бэйэҥ суолгун-иискин булбут киһигин. Артыыс быһыытынан үгүс биллэр киинэлэргэ араас оруолларга оонньоотуҥ. Ити тула санааҥ.

– 2013 сыллаахха Аркти­ческай институту тыйаатыр уонна киинэ артыыһа идэлээх бүтэрбитим. Ол сыл Олоҥхо тыйаа­тырыгар үлэҕэ киирбитим. Ити иннинэ устудьуоннуу сылдьан Саха тыйаатырын сыанатыгар араас испэктээккэ быстах оруол­ларга кыттарым. Ол курдук киинэҕэ эмиэ кыралаан холонор этим. 2010 сыллаахха “ДетСАТ” айар бөлөх устубут «Көҥүл боотурдар” киинэҕэ кыттан турардаахпын. Олоҥхо тыйаатырыгар үлэлээбитим номнуо тохсус сыла буолла. Испэктээккэ уонна киинэҕэ оонньуур уратылаах. Майгыннаһар эмиэ өрүттээх. Киинэ диэн тыйаатыртан үөскээн тахсыбыт эйгэ буолар. Холобур, тыйаатырга условность диэн баар эбит буоллаҕына, киинэҕэ дьиҥ олоххо, бу буола турар быһыыга-майгыга ордук чугаһатыллыбыт буолар курдук. Тыйаатырга биир чымадааны тута сылдьан араас уобараһы оонньуохха сөп эбит буоллаҕына, киинэҕэ арыый атын. Ол курдук, артыыс үлэтигэр эмиэ оннук. Тыйаатырга биир көрүүнэн, биир хамнаныынан, үҥкүүнэн дуу киһи ис туругун тиэрдэр буоллахха, киинэҕэ оннук олуона соҕустук көстөр. Киинэҕэ хараххынан, мимикаҕынан ис туруккун тиэрдиэхтээххин. Хайата ордук чугаһый диир буоллахха, хайата да умсугутуулаах, киһини тардар эйгэлэр. Иккиэннэрин сөбүлүүбүн.

МИН КУРУУК ДОЛГУЙАБЫН

– “Дьулуур” киинэни көрө иликпин, ол эрээри быһа түһэн ыйытар буоллахха, киинэ Арассыыйа хас да куоратыгар сүрэхтэнэр. Төһө долгуйаҕын?

– Тыйаатырга даҕаны, киинэҕэ даҕаны үлэм тахсарыгар куруук долгуйабын. Онон,  бэс ыйын 2 күнүгэр Саха сирин бары киинэ тыйаатырдарыгар, ону сэргэ Арассыыйа үрдүнэн отуттан тахса куоракка сүрүн оруолу толорбут киинэм тахсарыттан астына-долгуйа сылдьабын.

«ЭЙИГИН ДЬУЛУУР ГЫНАР ЭБИППИН» ДИЭБИТИГЭР БАСТААН СОҺУЙБУТУМ

– Бу киинэҕэ мас тардыһааччы уол оруолун толордуҥ. Сүрүн оруолу толороргор эрдэттэн бэлэмнэммитиҥ дуо? Туох уустуктары көрүстүҥ?

– “Дьулуур” киинэҕэ оонньуурбар сыл аҥаарын инниттэн дьарыктанан саҕалаабытым. Маҥнай атын оруолга бэлэмнэнэ сылдьыбытым. Денис Джураев диэн Дьулуур спарринг-партнера, атааннаһар, антагонист уобарас буолуохтаах этим. Дьэ, бу киинэҕэ спортсмен уобараһын, кини быччыҥнаах этин-сиинин көрдөрөр туһуттан успуордунан дьарыктанан, аспын туттунан бүтүн  15 кг түһэрбитим, 80 кг ыйааһыннаах киһи  65 киилэлээх буолбутум. Ол кэннэ быччыҥ эбэн, 67-68 кг тэҥнэспитим. Григорий Мочкин диэн ти­­риэньэргэ, кини кэнниттэн Рустам Мубараковка, онтон салгыы Василий Протопоповка мас тардыһыытыгар дьарыктаммытым.

Киинэ уһуллара олох чугаһаабытын кэнниттэн киинэбит режиссера Валентин Макаров Дьулуур оруолун толоруоҥ дуо диэн ыйыппыта. “Эйигин Дьулуур гыныахпын баҕардым, Дьулуур гынар эбиппин”, – диэбитигэр маҥнай соһуйбутум. Бигэргэниллибит курдук этэ,  хайдах уларыйан хаалла дии санаабытым. Онтон кэпсэтии кэнниттэн икки өттүттэн сөпсөһөммүт, Дьулуур оруолун толорорго сөбүлэспитим уонна хаалбыт кылгас кэм иһигэр кини уобараһын толкуйдааһын саҕаламмыта.

Мэҥэ Хаҥалас Ороссо­луодатыгар киинэбитин устаары сылдьан Валентиҥҥа, Дьулууру кэлэҕэй гынабыт дуо диэн тыл көтөхпүтүм. Онуоха кини,  сүрүн дьоруой кэлэҕэй буолара соччото суох буолуо диэн маҥнай утаа сөбүлэспэтэҕэ. Оттон мин санаабар, Дьулуур кэлэҕэй буолара сөп буолуох курдуга. Тоҕо диэтэххэ, олох араас ыарахаттарын, кыһалҕаларын оҕо эрдэҕиттэн көрбүт, уйулҕа өттүнэн оҕус­тарыылаах оҕо итинник буолуон сөп диэн санаалааҕым. Дьулуур олоххо көрсөр араас кыһалҕаларыгар  сөпкөэппиэттэһэн испэтэ.  Дьону кытта улаханнык кэпсэппэтэ, бэйэтин иһигэр бүгэн тууйулла сылдьара кэлэҕэйиттэн буолуон сөбүн Валентиҥҥа быһаарбытым. Ол кэннэ дьэ, кини сөбүлэспитэ. Дьулуур Гоголев кэлэҕэй уол хатан майгытыгар барсар буолан биэрбитэ.  

ХАС БИИРДИИ УОБАРАС ЧУГАС…

– Успуордунан дьарыктанар, аны кэлэҕэй уол оруолун толорорго бэйэҥ ис туруккун хайдах бэлэмнээбиккиний?

– Биэс сыл артыыс идэтигэр үөрэнэр кэммэр учууталларбыт Ефим Николаевич Степанов, Александра Гаврильевна Мучина, Мария Маркеловна Маркова, Андрей Саввич Борисов, Галина Саввична Платонова бары бу идэ кистэлэҥнэригэр, араас өрүттэри, артыыс хайдах бэйэтин ис туругун бэлэмниэхтээҕэр тиийэ  үөрэппиттэрэ. Ол үөрэх сүнньүнэн бэйэбин өй-санаа өттүнэн бэлэмниибин. Бастаан оруолбун сиһилии үөрэтэбин. Ол кэннэ кини хайдах киһи буолуохтааҕын, туох үчүгэй, куһаҕан өрүттээҕин ырытабын. Киинэҕэ онто көстөр дуу, суох дуу, дьону кытта хайдах сыһыаннааҕын, пластикалааҕын, хайдах тутта-хапта сылдьарын үөрэтэбин, дьэ, ол кэннэ бүтүн уобарас оҥоһуллан тахсар.

Оттон “Дьулуур” киинэ туһунан этэр буоллахха, бу соторутааҕыта буолбут пресс-көрдөрүүгэ киинэни толору дьэ, саҥа көрбүтүм.  Онно киинэ саҕаламмытыгар бэйэм хайдах эрэ атыҥыраабытым, таах сибиэ кэлэҕэй гыммыппын дуу эҥин диэн санаабытым. Баҕар, көрөөччүлэр сүрүн дьоруой кэлэҕэйиттэн мэһэйдэтиэхтэрин эмиэ сөп. Онтон киинэ көрө олорон киһи үөрэнэн барар эбит.

– Гаврил, үгүс киинэлэргэ сүрүн оруоллары толорбутуҥ.  Эйиэхэ ханнык оруол ордук чугас этэй. Бу тыйаатырга да, киинэҕэ да сыһыаннаан ыйытабын.

– Ханнык эрэ ордорор оруо­лум суох курдук.  Тоҕо диэтэххэ, киһи хас биирдии оруолга бэ­­йэтин толкуйун, сыратын ууран оҥорбут уобараһа чугас буолар, оонньообут оруолларын үчүгэйдик саныыр. Сороҕор соһуччу киинэҕэ уста  ыҥыраллар. «Ол оруолга оонньуугун да, ким эрэ кэлбэтэ, ыалдьан хаалла эбэтэр ыраах айаҥҥа баран хаалла” диэн. Итинник солбуйуу оруол­ларга киһи ситэри толкуйдаабакка, аҥаардас тылын-өһүн эрэ үөрэтэн баран оонньуур. Дьэ, итинниккэ киһи астыммат түгэннэрэ баар буолааччылар. Оттон сыралаһан, дууһаҕын барытын ууран, өйгүнэн-санаа­ҕынан, эккинэн-хааҥҥынан ылынан киирэн туран оҥорбут уобараскын син биир чугастык саныыгын.

“КИИНЭҔЭ – АЙЫЫ УОЛА, ТЫЙААТЫРГА –  АБААҺЫ УОЛА»

Киинэҕэ кэрэхсэбиллээх, үчүгэй оруоллары толороҕун. Оттон тыйаатырга абааһы уолун толорбутуҥ баара. Итиннэ тус санааҥ.

– Олоҥхо тыйаатырыгар үлэҕэ киирэн баран маҥнайгы толорбут оруолум Степанида Борисова туруорбут “Удаҕан кыргыттар” испэктээгэр абаа­һы уола. Тыйаатырга режиссер эйиэхэ оруолу анаатаҕына, ону оонньуохтааххын. Режиссер бэйэтэ эйигиттэн аккаастаныар диэри оонньуу сатыахтааххын. Оттон киинэҕэ уһуллар этиилэр киирдэхтэринэ, киһи талыан, аккаастаныан сөп. “Удаҕан кыргыттар” испэктээккэ абааһыны оонньообуппун дьон-сэргэ сөбүлээбитэ, сэргээбитэ аҕай. Бэл диэтэр, “Кыһыл көмүс мааскаҕа”  тиийэ сырыттахпытына, кириитиктэр бэлиэтээн эппиттэрэ, хайҕаабыттара. Ити оруолу оонньуом иннинэ Степанида Ильинична миэхэ “Эн туйахтаах, муостаах, биир харахтаах, биир илиилээх абааһыны  оонньуу сатаама, син биир оннук буолан хаалбаккын. Дьон куһаҕан өрүтүн, куһаҕан хаачыс­тыбатын көрдөрө, дьон ортотугар баар абааһыны оонньоо”, – диэбитэ. Ити уобараһы, аныгылыы эттэххэ, маньяк диэххэ  сөбө эбитэ дуу. Андрей Саввич кытта хайдах эрэ күлэн, дьээ­бэлээн: «Киинэҕэ – Айыы уола, тыйаатырга – абааһы уола”, – диэн этэн турардаах. Ол саҕана “Айыы Уола” киинэ киэҥ эйгэҕэ тахса сылдьар кэмэ этэ.

НЬУРБА ТЫЙААТЫРА КҮҮСТЭЭХ ДЬАЙЫЫНЫ ОҤОРБУТА

– Хас биирдии киһиэхэ оҕо саастан умнуллубат түгэн баар буолар. Оҕо саастан быһа тардан кэпсиэҥ дуо?

–Оҕо сааска чаҕылхай түгэн элбэх буоллаҕа. Кэпсэтии тиэмэтинэн сиэттэрэн, тыйаатыр­га сыһыаннаах түгэни кэп­сээн, санаан ааһыахха сөп. Кыра кылааска үөрэнэ сырыттахпына, Ньурба тыйаатыра кэлэн гостуруоллаан ааспыта. Онно халы-мааргы майгылаах, сиэрэ суох быһыылаах булчуттар тустарынан испэктээги көрдөрбүттэрэ. Бултуу тиийэн баран арыгылаан, айдааран, киһи уҥуо­ҕун ыһан, маһын оттон, айбардаан аҕай бараары сырыттахтарына, иччи тахсан ол дьону куттаталаан, ким өлөн, ким өйүттэн тахсан суорума суолламмыттара. Ону оҕо сылдьан бу дьиҥ олоххо баар курдук итэҕэтиилээхтик оонньуулларыттан, режиссер туруоруута күүскэ дьайарыттан улаханнык долгуйбутум. Оччолорго нэһилиэгим кулуубугар дьиэм курдук сылдьар киһи, кыра бэйэм толлубакка, испэктээк бүппүтүн кэннэ сыана кэннигэр тиийэн оонньообут артыыс­тартан режиссер кимин сураспытым, бэйэм эмиэ драмкуруһуокка сылдьарбын кэпсээн, өссө оҕо оруолугар үлэ миэстэтэ суох дуо диэн  ыйыталаһан турардаахпын. Онуоха миигин “алдьархай чобуо киһи баар эбит” диэбиттэрэ. Режиссербут Юра Макаров диэбиттэрэ. Ону мин хайдах эрэ олус эдэр, оҕо киһини ааттаатылар дии санаабытым, онтон үөрэнэ кэлэн, тыйаатыр эйгэтигэр сыстан баран билбитим, Юрий Алексеевич Макаров эбит.

АРТЫЫС ДЬОЛО

– Олоххо тутуһар са­­­­­­на­­аҥ.

– Мин оҕо эрдэхпиттэн  сахалыы эйгэҕэ улааппыт киһи буолабын. Ийэм, аҕам бэйэлэрэ култуураҕа, сахалыы сиэргэ-туомҥа чугас дьон буоланнар, аҕам, эһээм оһуохайдьыт, үс хос эһээм олоҥхоһут буолан саха култууратыгар, уус-­уран айымньыларга сыһыарыллан иитиллибит оҕобун. Уһуйааҥҥа сылдьар сааспыттан сыанаҕа тахсан чабырҕахтыыр, оруол­лары да оонньуур, ыллыыр, үҥкүүлүүр, хо­­һоон ааҕар этим. Иккис кылааска сылдьан артыыс буолуом диэн быһаарыммытым. Ити санаабын халбарыппакка, Москваҕа үөрэнэ барарга быһаа­рына сылдьан, Дьокуускайга Арктическай институт баарын билэн үөрэххэ киирээри докумуоммун биэрэрим туһунан дьоммор эппитим. Онуоха дьонум, «өскөтүн идэҕин сөбүлүүр, дуоһуйа-астына үлэлиэм, хамнастанан аһыам диир буоллаххына,  үөрэн” диэбиттэрэ. Онон төрөппүттэрбэр махталым улахан. Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйи бүтэрбитим. Онно оскуолам дириэктэрэ  Иван Иванович Шамаев элбэхтэ толкуйга киллэрэр кэпсэтиини тэрийэрэ. Артыыс идэтэ сүрдээх ыарахан, хамнаһыҥ кыра буолуо, ыал буоллаххына, дьиэ кэргэҥҥин иитэргэр уустуктардаах буолуоҕа диэн этэрэ, тыл өттүгэр бар диэн сүбэлиирэ. Оттон мин төрөппүттэрим эппиттэрин курдук, сүрэҕим сытар идэтин талбытым. Дьоммор-сэргэбэр, дойдубар, норуоппар туһалааҕы оҥорор баҕаттан артыыс идэтигэр киирбитим. Кэлин Иван Ивановичтыын көрсөн, оҕотук санаабар, баҕар, эҕэлээх да соҕустук буолуо, “тыл идэтин тал диириҥ” диэн санаппытым. Ону кини, уопуттаах учуутал, киһи уйулҕатын билэрэ бэрт буолан «мин итинник этэн-ыйан эйигин бэлэмнээбитим” диэбитин  билиҥҥээҥҥэ диэри умнубаппын, сылаастык саныыбын.  

Үөрэхпин бүтэрэн Олоҥхо тыйаатырыгар үлэҕэ киирэн баран, өбүгэлэрбит илдьэ кэлбит сиэрдэрэ-туомнара, култууралара, тыллара-өстөрө, олоҥхолоро биһиги кэммитигэр кэлэн сүтүө суохтаах, сайдан иһиэхтээх диэн бигэтик өйдөөбүтүм. Ол туһугар үлэлиэхтээхпит-хамсыахтаахпыт диэн. Тыйаатырга, киинэҕэ, атын да бырайыактарга үлэҕэ саха сахатынан кэрэ диэн санаанан салайтарабын.

– Артыыс дьоло туохханый?

– Сыанаҕа тахсан умсугутуулаахтык үлэлиирэ, бу оруо­лу оонньоон ааптар суруйбутун бэйэтин нөҥүө аһаран көрөөччүгэ тиэрдэн, ол санааны атын киһи өйүгэр-санаатыгар киллэрэн туох эрэ өйдөбүлгэ, сайдыы таһымыгар тиэрдиитэ, арааһа, дьол буолуо дии саныыбын. Холобур, Алампа эппитин курдук, тыйаатыр киһи утуйбут уйулҕатын, санаатын уһугуннарар эйгэ. Артыыс көрөөччү утуйбут уйулҕатын кутун уһугуннардаҕына, ситиһиилээхпин диэн сананыан сөп. Устудьуоннуур кэмнэрбэр  нуучча, тас дойду артыыстара оонньуур оруолларын көрөн, оо, бу оруолу оонньуом этэ, оонньуохпун баҕарабын диэн санаалар бааллара. Тоҕо эрэ билигин бириэмэ тиийбэт дуу, хайдах дуу, оннук санаабат, баҕарбат буолан хаалбыппын. Ол эрээри, Олоҥхо ты­­йаатырыгар үлэлиирим быһыытынан, биир баҕа санаалаахпын – олоҥхону толору ып-ыраастык толоруу.  Олоҥхоҕо араас уобарас, оруол барыта баар. Эн онно бухатыыр да, абааһы да уола, Айыы да, сорук-боллур да уол, симэхсин эмээхсин да буолуоххун сөп.

ДЬИЭ КЭРГЭНИМ

– Дьиэ кэргэниҥ үтүө үгэс­тэрэ.

– Үс оҕолоох дьиэ кэргэн аҕата буолабын. Улахан кыыспыт Мичийэ бастакы кылаа­һы бүтэрдэ. Кыыстаах уол игирэ­лээхпит, уһуйааҥҥа сылдьаллар. Кэргэним тыл үөрэхтээҕэ, Мария Петровна Менкярова диэн. Үөһээ Бүлүү улууһуттан төрүттээх. Дьиэ кэргэммитинэн үгэстэрдээхпит. Биир үтүө үгэс­пит – кэргэним игирэлэрин күүтэн Перинатальнай кииҥҥэ сыттаҕына, улахан кыыһым Мичийэлиин утуйуохпут иннинэ «Свинка-Пеппа» диэн мультигы сахалыы саҥардар этибит. Онтубут Инстаграм ситимигэр баар. Ол үгэспит атын хайыс­хаҕа сайдыбыта. Сербияҕа олорор Лугиновтар диэн  дьиэ кэргэн оҕолоро саха оҕолоругар анаан мультик оҥороллор. Сахалыы сиэргэ-туомҥа, дорҕооҥ­ҥо үөрэтэр мультиктарын сахалыы саҥардыаххыт дуо диэбиттэригэр, сөбүлэһэн оҥорон, ол ютуб ханаалга угуллан дьон биһирэбилин ылбыта. Онон ханнык баҕарар үтүө үгэс сайдан улахан бырайыакка кубулуйуон сөп.  

– Кэпсээниҥ иһин махтанабын. Айар үлэҕэр сити­һиилэри!

Ульяна Захарова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар — Гаврил Менкяров тус архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0