Саха филологиятын уонна култууратын бакылтыатын сүүһүнэн бүтэрбит дьон, өрөспүүбүлүкэни ааһан, Арассыыйа араас муннугар, тас дойдуларга тиийэ үлэлии-хамныы сылдьаллар. “Эн ФЯФиКкын дуо? Мин эмиэ. Эн хаһан бүтэрбиккиний?”, — диэн өрдөөҕүттэн билсэр дьоннуу уопсай тиэмэ булан кэпсэппитинэн бараллар.
edersaas.ru
Кинилэри барыларын М.К.Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай университетын Саха фиологиятын уонна култууратын бакылтыата (кылгатан ФЯФиК), билиҥҥинэн Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Арассыыйа Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын института ситимниир. Олунньу 26 күнүгэр институт туллар тутааҕа, ытык киһибит, преподавательбыт Гаврил Гаврильевич Филиппов 75 сааһын туолла. “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр РФ педагогикаҕа уонна социальнай билимнэргэ академияларын дьиҥнээх чилиэнин, РФ үөрэҕириитин туйгунун, РФ үрдүк үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитин, Арассыыйа Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун бочуоттаах дириэктэрин, тыл үөрэҕин дуоктарын, бэрэпиэссэр Гаврил Гаврильевич Филипповы чиэстиир үөрүүлээх тэрээһин буолла.
Кини көннөрү учуонай, преподаватель эрэ буолбатах. Саха тыла сайдарын туһугар туох баар сыратын уурбут, олоҕун бүүс-бүтүннүү анаабыт учуонай. Саха тылын чинчийииттэн ураты, литэрэтиирэ кириитигэ, саха тылын оскуолаҕа, университекка үөрэтии кинигэлэрин, ыйынньыктарын, 450-тан тахса ыстатыйа ааптардара.
1991 сыллаахха кэлиэгэлэрэ саха тылын уонна литэрэтиирэтин хаапыдыратын сэбиэдэссийинэн талаллар. Эһиилигэр Гаврил Гаврильевич туруорсуутунан, сыратынан саха салааата саха филологиятын уонна култууратын бакылтыата буолар. Кини манна бастакы деканынан ананар уонна 2010 сыллаахха бакылтыат Арассыыйа Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтугар кубулуйуор диэри үлэлиир, онтон институт дириэктэринэн (2010-2015) таһаарыылаахтык үлэлиир.
Аны университетынан эрэ муҥурдаммакка, 1992 сыллаахха Бүлүүтээҕи педагогическай кэллиэскэ (оччолорго училище) саха салаатын арыйыы туһунан этии киллэрэр. Онон кини идиэйэтинэн тустаах учуутал кыһатыгар саха тылын учууталларын бэлэмнээн бараллар.
Бэрэпиэссэр Гаврил Филиппов биир улахан ситиһиитинэн, 1996 сылтан учуонай Сэбиэт быһаарыытынан саха тыла университет бары бакылтыаттарыгар уонна институттарыгар үөрэтиллэр буолбута. Бу кини хаһан даҕаны суоруллубат улахан кылаатын институт бүгүҥҥү дириэктэрэ Гаврил Торотоев: “Үрдүк үөрэх кыһатыгар устудьуон аймах идэтиттэн уонна омугуттан тутулуга суох саха тылын үөрэтэр кыахтаммыта. Ити саха тыла чахчы иккис судаарыстыбаннай тыл буоларын билинии итиэннэ омук дьонун сомоҕолуур үтүө көстүү”, — диэн бэлиэтээн эттэ.
Билигин институт идэлээх үлэһиттэри 9 хайысханан бэлэмниир, 700-тэн тахса устудьуон уонна магистр үөрэнэр. Университет биир кэскиллээх салаата буола үүннэ.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын Дьаһалтатын Тыл сайдыытыгар боппуруостарын сүрүннүүр управление салайааччыта Римма Жиркова, Ил Түмэн билимҥэ, үөрэххэ, култуураҕа, иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэҕэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева, СӨ инновация, цифровой сайдыы уонна иһитиннэрии, алтыһыы технологияларын миниистирин солбуйааччы Чокуур Гаврильев, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет ректорын эбээһинэһин толорооччу Евгения Михайлова, Бүлүү улууһун Тылгыны нэһилиэгин баһылыга Егор Иванов, “Ийэ тыл” түмсүү аатыттан Егор Жирков, “Бичик” кинигэ кыһатын дириэктэрэ Август Егоров, о.д.а. баҕа санааларын, эҕэрдэлэрин эттилэр.
Олоҕун олуга
Гаврил Гаврильевич Филиппов
1944 с. олунньу 26 күнүгэр Бүлүү оройуонун Тиэрбэс сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ
1962 с. Үгүлээт орто оскуолатыттан учууталынан үлэтин саҕалаабыта
1973 с. М.К.Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай университетын кыһыл дипломунан бүтэрбитэ
1973 с. Бүлүү оройуонун Тылгыны аҕыс кылаастаах оскуолатыгар саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан үлэтин саҕалаабыта
1974 с. Саха судаарыстыбаннай университетыгар саха тылын уонна литэрэтиирэтин хаапыдыратыгар старшай преподаватель быһыытынан наукаҕа уонна педагогикаҕа үлэҕэ ылсыбыта
1987 с. Алма-Ата куоракка ситиһиилээхтик кандидатскай диссертациятын көмүскээбитэ
1991 с. СГУ саха тылын уонна литэрэтиирэтин хаапыдыратын сэбиэдэссэйинэн талыллыбыта
1992 с. саха салаата саха филологиятын уонна култууратын бакылтыата буолар. Манна Г.Г.Филиппов бастакы деканынан ананар.
1999 с. Дьокуускай куоракка докторскай диссертациятын көмүскээбитэ
2010 с. Саха судаарыстыбаннай университета Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет аатын сүкпүтүгэр, бакылтыат биир бастакынан институкка кубулуйар. Итиэннэ РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын института диэн ааттанар. Гаврил Гаврильевич институт бастакы дириэктэринэн ананар (2010-2015 сс.)
Г.Г.Филиппов 450-тан тахса ыстатыйа, ол иһигэр 200-тэн тахса научнай үлэ, уонунан кинигэ, монография ааптара.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Мичил ЯКОВЛЕВ (ХИФУ) хаартыскаҕа түһэриилэрэ.