Гаврил Чемоханов: «Ыарыы да мээнэҕэ бэриллибэт эбит»

20.09.2018
Бөлөххө киир:

Ыарахан ыарыы киһи олоҕун икки аҥы араарар. Ыарыы эрэй-муҥ, сор аргыстаах курдук эрээри, үөһэттэн мээнэҕэ бэриллибэт быһыылаах. Сороҕор киһи олоххо аналын толорбот, сыыһа олорор, элбэх сыыһаны оҥорор буоллаҕына, ыарыы сэрэтии курдук кэлэр. Ону өйдөөн, элбэх ыараханы туораан, олохторун, өйдөрүн-санааларын тосту уларытан, өлүүнү кыайбыт, ыарыыны үтэйбит, иккистээн төрөөбүт дьон биһиги ортобутугар бааллар.

Оннук дьонтон биирдэстэринэн Гаврил Чемоханов буолар. Кини туһунан дьон сүрүннээн “Битва блогеров” күрэс кэнниттэн биллэ. Күрэс кыайыылааҕа сүүйбүт бирииһин – 1 хостоох кыбартыыраны диализка сылдьар ыарыһахтарга биэрэрин туһунан хаһыаттар, сайтар элбэхтик суруйдулар.

Кини кимий, туох дьонноох-сэргэлээх, дьиэ кэргэннээх киһиний?

Бииргэ төрөөбүттэрэ.

Элбэх оҕолоох Чемохановтарга

Гаврил Дьааҥы куоратыгар 7 оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Аҕата Александр Васильевич  олох-дьаһах хаһаайыстыбатыгар, ийэтэ Александра Гаврильевна буостаҕа үйэлэрин-саастарын тухары үлэлээбиттэрэ. Улахан уол буолан, балыс­тарын, бырааттарын көрсөн, дьиэ ис-тас үлэтин барытын үлэлээн, бултаан-балыктаан улааппыта. Спордунан дьарыктанара, тустууну сөбүлүүрэ. Төрөппүттэрэ оҕолорун элбэх кинигэни ааҕарга, сыыһаны-сөбү араарарга үөрэтэллэрэ.

Уол аармыйаҕа сылдьан баран, Санкт-Петербурдааҕы Лесгафт аатынан физкултуура институгар киирбитэ. Кини Лебедев, Рассадин тренердэрэ Иван Дмитриевкэ дьарыктаммыта. Ону тэҥэ бастакы тренерэ Петр Портнягиҥҥа махтана саныыр – туруоруммут сыалы ситиһэргэ, ыарахаттартан чаҕыйбат буоларга такайбыта, спортивнай майгыны кини хатарбыта.

Үөрэх кэнниттэн үлэлээн-хамсаан, ыал буолан, уол оҕолонон, дьон сиэринэн олорон испитэ. Ол эрэн, биир күн ыарахан ыарыы кини олоҕун икки аҥы араарбыта.

Диалиһынан кэмнэнэр олох

 

2013 с. Гаврил бүөрэ аккаастаан, өлөр-тиллэр икки ардыгар буола түспүтэ. Үс балыыһаҕа аккаастаабыттарын кэннит­тэн, хата, биир балыыһаҕа ылан, эм­­тээ­биттэрэ. Реанимацияҕа күн аайы аттыгар сытар дьоно өлөллөрө, ол буолуохтааҕын курдук этэ. Доп-доруобай, сүүрэ-көтө сылдьыбыт киһи эмискэ суорҕан-­тэллэх иччитэ буола түһээт, санаата улаханнык түспүтэ. Өлбүт аҕата түүлүгэр көстөрө. Чугас дьонугар адаҕа буолбат туһуттан, күн сириттэн күрэнэр туһунан толкуйдар бааллара. Бу курдук хамсаабакка сытан, ыарыыны кытары иккиэйэҕин эрэ хаалан баран, олох-өлүү туһунан элбэхтик толкуйдаабыта. Өлө сыһан баран, иккистээн төрөөбүт курдук буолбута.

Балыыһаттан тахсан баран, диализка сылдьан барбыта. Бүөр аккаастаатаҕына, иик кыайан тахсыбакка, эккэ-сииҥҥэ иҥэр, хааны киртитэр. Манныкка киһи уһаабат. Ол иһин тыыннааҕын тухары нэдиэлэҕэ үстэ диализка сылдьыан наада. Диализка киһи хаанын сүүрдэн, аппараакка ыраас­таан баран, төттөрү куталлар. Манна киһи биэс чаас устата сытар, ол кэннэ хаанын баттааһына түһэр, киһи эмискэ мөлтүүр, сылайар. Суукка аҥара сытан, чөлүгэр түһүөн наада.

Ол иһин диализка сылдьар дьон куоракка көһөн кэлэргэ күһэллэллэр. Миэстэ тиийбэт, олорор сир суох, харчы тиийбэт, дьон кырыы хараҕынан көрөр – кинилэр элбэх кыһалҕаны көрсөллөр, ол иһин үксүгэр уһаабаттар.

Түөрт сыл диализка сылдьыбытын кэнниттэн, былырыын атын киһи бүөрүн олордубуттара (трансплантология). Бу улахан табыллыы этэ, сорох диализниктар манныкка тиксибэккэ, өлөөхтүүллэр.

Онтон Польшаҕа буолбут Европейскай Национальнай трансплантационнай оонньууларга Арассыыйаттан соҕотоҕун баран, төһө да мөлтөх соҕус буоллар, икки кыһыл көмүс, түөрт үрүҥ көмүс, биир боруонса мэтээли ылбыта. Бу күрэхтэһиигэ диализтаах ыарыһахтар уонна уорганнарын уларыппыт дьон кытталлар. Кинилэри паралимпиадаҕа кытыннарбат буоланнар, бэйэлэрэ туспа күрэхтэһии тэрийэллэр.

Хоту дойду хоһуун кыыһа

Марияны кытары эрэстэрээҥҥэ үлэлии сылдьан, балтараа сыллааҕыта билсибиттэрэ. Сытыы-хотуу, элэккэй майгылаах кыыс арт-дириэктэринэн үлэлиирэ. Доҕордоспуттара эрээри, Гаврил бэйэтэ кэпсииринэн, диализ кэнниттэн ыран-быстан, харааран хаалбыт, ыарыһах, инбэлиит киһи улахаҥҥа санаммат да этэ. Ол да буоллар, ыкса билсэн, таптаһан, бииргэ олорон барбыттара.

Трансплантология кэнниттэн, Гаврил алта ыйы быһа балыыһаҕа сыппыта. Антибиотиктартан былчыҥнара букатын хамсаабат буолан хаалбыттара. Мария сытар киһини көрөн-харайан, кыра оҕолуу бүөбэйдээн, сууйан-тараан, саҥаттан хаамарга үөрэтэн, атаҕар туруорбута.

Ол кэнниттэн көрбүттэрэ, арай, киһилэрин сирэйэ сырдаан хаалбыт. Ол аата саҥа бүөрэ үчүгэйдик олохсуйан, үлэлээн барбыт. “Бай, олох да маҥан эбиккин дии”, — диэн кэргэнэ соһуйбутун санаан, билигин күлэн ылар.

— Эн кинини ханнык хаачыстыбаларын сөбүлүүгүн?

— Машам Муоматтан сылдьар буолан, хотугулуу майгылаах. Аһыныгас, күүс­тээх санаалаах, көнөтүнэн этэр, толкуйдаабытын олоххо киллэрэр, туохтан да толлон турбат. Кини миигин барытыгар өйүүр, мин доруобуйам туһугар миигиннээҕэр ордук кыһаллар. Ол иһин киниэхэ махталым муҥура суох. Билигин хамсаабат баай агентствотын арыйан үлэлэтэр. Бэйэ-бэйэбитин үчүгэйдик билсэн-көрсөн баран, сокуонунан ыал буоларга, дьэ, ситтибит диэххэ сөп. Ыал буолан, оҕолонон, алаһа дьиэни тэринэн, аал уоту оттуохпутун баҕарабыт, — диэн Гаврил кэпсиир.

“Сыалым – кыһалҕаны сырдатыы этэ”

“Битва блогеров” олус тыҥааһыннаахтык барбыта. Хас да ыйы быһа араас сорудахтары толорбуттара, бүтэһигэр норуот куоластааһына быһаарбыта. Бу кэмҥэ киниэхэ чугас дьоно, биир дойдулаахтара, спортсменнар, “Аар айыы итэҕэл”, “Үс” түмсүү, “Аҕалар лигалара”, о.д.а. өйөбүл, күүс-көмө буолбуттара.

— Элбэх киһи өйөбүлүн биллэрэрэ, махтанара киһиэхэ күүһү-уоҕу биэрэр. Мин бастааҥҥыттан да күрэскэ кыттарбар диализтаах ыарыһахтар кыһалҕаларыгар уопсастыба болҕомтотун туһаайар сыаллаах этим. Бу кыһалҕаны Арассыыйаҕа үгүс дьон билбэт. Мин Трансплантационнай, диализнай пациеннар түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ буоларбынан, эмтэнии, дьиэ-­уот, сынньаныы, спордунан дьарыктаныы, уопсастыбаҕа киирии, о.д.а. кыһалҕаларын өссө күүскэ туруорсуом, салгыы үлэлиэхпит. Олох сыала киэҥ, улахан.

“Олоҕу, дьэ, сыаналаатым”

— Эн бэйэҥ дьиэҥ суох (кэргэнин дьиэтигэр олороллор – аапт.), бу кыбартыыраҕын атын дьоҥҥо биэрэргэр чугас дьонуҥ сөбүлэһэллэр дуо?

— Кинилэр ким-хайа иннинэ өйдүүллэр, кыһалҕа баарын. Кинилэргэ махталым улахан. Саамай сүрүнэ, доруобуйаҥ үчүгэй буоллун, дьоҥҥо үтүөнү оҥоруу үтүөнэн дьайыа дииллэр. Атын дьон дьиибэргээбиттэрин этэллэр. Киһи бу дойдуга байаары-тайаары эрэ кэлбэт ээ. Бэйэтин кэнниттэн тугу хаалларыай? Анараа дойдуга үтүө дьыалаҕын эрэ илдьэ бараҕын, кэннигиттэн үтүө аатыҥ эрэ хаалар.

Диализка сылдьар киһи олоҕо кылгыыр. Хас биирдии күн олус күндү курдук буолар. Сарсыарда уһуктубутуҥ, киһи сиэринэн хамсанарыҥ, аһыырыҥ, үрүҥ күнү, сибэккини көрөрүҥ, аттыгар таптыыр дьонуҥ бааллара – барыта күндү, сыаналаах. Ол иһин олоҕу сыаналыыр буолаҕын. Онно баайы, ситиһиини эккирэтии, күннээҕи сүпсүлгэн, сыала суох мээнэ олоруу, дуона суохтан кыыһырсыы, дьону буруйдааһын кэнники миэстэҕэ тэбиллэр.

Олоххо, дьоҥҥо таптал, итэҕэл, үтүөнү тарҕатыы ордук суолталанар. Оннооҕор ууну иһэ олорон, уу суолтатын дириҥник өйдүүгүн. Бу хаалбыт хаарыан бириэмэҕин кыыһырсыыга, бэйэ-бэйэни буруйдаһыыга ыытыаххын баҕарбаккын, ол иһин олоҕуҥ уларыйар. Ол иһин буруйдуур, үөҕэр дьоҥҥо мин билигин кыһаммаппын.

33 сааспар диэри мээнэ олорбутум. Ыарыы да мээнэ бэриллибэт эбит, ону өйдүөххэ наада. Төһө да олуонатык иһилиннэр, барыта маннык буолбутугар дьылҕабар махтанабын. Мин билигин чыҥха атын киһибин.

Итини өйдүүргэ итэҕэл үөрэтэр. Саха дьонугар саха итэҕэлэ ханнык да итэҕэллэртэн чугас, хааныгар баар, ону уһугуннарыахха наада. Алгыс күүһүн эппинэн-хааммынан билбитим. Бэйэм оскуолаҕа нууччалыы үөрэммитим, сахалыы сатаан суруйбап­пын, ол эрээри итинник түмүккэ кэллим, — диир кини.

Түмүккэ

 

Бу  күннэргэ Гаврил ити кыбартыыра күлүүһүн ыллаҕына, “Гемодиализ пациеннара” түмсүү бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Стручковка туттарыахтаах. Кыбартыыраны атыылаан баран, ол харчытынан гемодиализнай киин аттыгар, Гимеиҥҥэ сир атыылаһан, ыарыһахтар олорор, дьарыктанар кииннэрин тутуохтарын баҕараллар. Элбэх киһи санаата түмүлүннэҕинэ, уопсастыба туора турбатаҕына, былаас өйөөтөҕүнэ, ити былаан табыллыан сөп.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0