Гаврил Андросов “Чолбон” сурунаал сүрүн эрэдээктэринэн ананна

08.07.2020
Бөлөххө киир:

2020 сыл от ыйын 2 күнүттэн «Чолбон» уус-уран литературнай уонна уопсастыбаннай-политическай сурунаал сүрүн эрэдээктэринэн Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын сэкирэтээрэ Гаврил Гаврильевич Андросов ананна. Ол туһунан “Сахабэчээт” ГАУ Генеральнай дириэктэрин бирикээһэ таҕыста.

Гаврил Андросов 1985 сыллаахха Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 2007 сыллаахха М.К. Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай университетын Саха тылын уонна культурологиятын факультетын үөрэнэн бүтэрэн, саха тылын уонна литературатын учууталын сэргэ литература эрэдээктэрэ уонна кириитигэ идэни ылбыта.  2007-2015 сылларга «Саха сирэ» хаһыат «Эдэр саас» сыһыарыытын, Норуот духуобунай барҕарыытын кыһалҕаларын салаатын кэрэспэдьиэнинэн, устуоруйаҕа уонна духуобунай сайдыыга анаарааччынан айымньылаахтык үлэлээбитэ. 2015 сыл ыам ыйыттан “Чолбон” сурунаал сүрүн эрэдээктэрин солбуйааччынан  үлэлээн кэллэ.

Эдэр талааннаах суруйааччы Эйэни уонна норуоттар доҕордоһууларын бөҕөргөтүү иһин СӨ бочуоттаах бэлиэтинэн, Лев Гумилев аатынан Казахстан Евразиятааҕы национальнай университетын мэтээлинэн наҕараадаламмыта. СӨ култууратын туйгуна. Кини Намжил Нимбуев аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы поэзия турнирын призера (2009),  «Кыһыл көмүс бөрүө» СӨ Суруналыыстарын сойууһун бириэмийэтин лауреата (2012), «Сахабыт тылын кэскилин туруулаһарыҥ иһин» уопсастыбаннай бириэмийэ лауреата (2019). Гаврил Андросов үс хоһоон, үс кыраайы үөрэтии уонна публицистика кинигэлэрин ааптара.

1926 сылтан саҕалаан тиһигин быспакка бэчээттэнэр «Чолбон» сурунаал сахалыы бэчээти сайыннарар, дьоҥҥо-норуокка сонуну тиэрдэр, үйэлээххэ, өбүгэ тыыныгар уһуйар. Сурунаалга араас кэмнэргэ Алампа, Былатыан Ойуунускай, Күндэ, Эллэй, Николай Якутскай, Софрон Данилов, Эрчимэн, Василий Яковлев, Далан, Иван Федосеев, Петр Аввакумов, уо.д.а. курдук саха саарыннара, киэн туттар дьоммут өйдөрүн-санааларын түмэн, үлэлээбиттэрэ.

Оттон биһиги бүгүн биир идэлээхпитин Гаврил Андросовы бу саҥа ананыытынан, саха тыллаах сөбүлээн ааҕар “Чолбон”  сурунаал сүрүн эрэдээктэринэн буолбутунан истиҥник эҕэрдэлээн туран, Улуу убайдарбыт үтүө үгэстэрин дьоһуннаахтык салҕаан, саха духуобунай култууратын туһугар айымньылаах үлэтигэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ!

Татьяна МАРКОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0