Бүгүн, кулун тутар 8 күнүгэр, САССР уонна РСФСР үтүөлээх артыыһа, САССР норуодунай артыыһа, суруйааччы Гавриил Гаврилович Колесов төрөөбүтэ 90 сааһын туолар.
Б.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын артыыската, СӨ үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыската Прасковья Павловна Адамова биир идэлээҕэ Гавриил Колесов туһунан ахтыытын билиһиннэрэбит:
edersaas.ru
Айылҕа барахсан араас таһымнаах, дьоҕурдаах, талааннаах дьону айан эрдэҕэ. Сорохтор улахан талааннаах буолан баран сатаан сайыннарбакка, ускул-тэскил сылдьан, ол курдук умуллан, талааннарын, кыһыйыах иһин, буорга-сыыска тэпсэн, сүтэн-симэлийэн хаалаллар… Сорохтор кыра да кылап гынар дьоҕурдаах буоллахтарына сыа-сым курдук биэбэйдээн, сайыннаран, ситэн-силигилээн тахсаллар. Үрүҥ Аар тойоммут айыыта оннук эбитэ дуу, бэйэбит мэник-тэник улдьаа мэйиибит олоруута оннук эбитэ дуу?
Мин сахалартан киэн туттар, сүгүрүйэр дьоннорбуттан биирдэстэринэн Арассыыйа үтүөлээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, олоҥхоһут, артыыс, суруйааччы Гавриил Гаврильевич Колесов буолар. Кинилиин наһаа чугастык бодоруспатаҕым да иһин, миэхэ дууһатынан, киһи быһыытынан, талааннаах айар үлэһит уонна биир дойдулааҕым быһыытынан чугас киһи.
Гавриил Гаврильевич көрдөххө күлбүт-үөрбут курдук эрээри, көрсүбүт эрэ киһитин барытын кытта тоҕо-хоро кэпсэтээччитэ суох. Туттуна соҕус, дуоспуруннаахтык кэпсэтээччи. Мин кинини кытта төһө да өр бииргэ үлэлээтэрбин, толлор курдук этим. Кини — Улахан киһи буоларын, талаанын иһин. Мэлдьи тугу эрэ толкуйдуу, өйүгэр буһара сылдьара. Таах турар дуу диэн ардыгар кэлэн кэпсэтээри гыннаххына, киһиҥ олох атын эйгэҕэ ыраах баран турар буолааччы. Эн чугаһаабыккын өйдөөн да көрбөккө хаалааччы. Оччоҕо мэһэйдээбэккэ, оргууй туораан хааларым. Үлэтигэр наар сатыы сылдьара. «Тыҥабар үчүгэй, киһи чэбдигирэн кэлэр», — диэмэхтиирэ. Хайдах эрэ мэлдьи туохха эрэ ыксыыр, тугу эрэ эккирэтэр курдуга…
Опера уонна балет тыйаатырыгар өр кэмҥэ дьукаах олорбуппут. Онно эрэпэтииссийэлиир кыра саалалаах этибит. Гавриил Гаврильевич биһикки бу саалаҕа үксүн кэккэлэһэ олорооччубут. Онно, эрэпэтииссийэни көрөн олорон ардыгар: «Мин да үөрэҕим суоҕа, эһиги да үрдүк үөрэхтээххит туох да атына суох эбит», — дии-дии баттаҕын өрө анньыммахтыыра уонна күлэ-күлэ иэҕэҥнээн ылара. Мин онуоха: «Гавриил Гаврильевич, эн курдук киһи өтөрүнэн төрүө ыраах. Эн диэн «самородок» буоллаҕыҥ дии. Биһигини кытта бииргэ сылдьар буолаҥҥын улахан суолта биэрбэт курдукпут. Кэлин аатыҥ ааттаныа», — диэтэхпинэ: «Оо, дьэ ким билэр, ким билэр…», — дии-дии үөһээ-аллара
көрбөхтүурэ. Уонна наар этээччибин: «Убаай, таҥара көрөн да киһини айар эбит. Эйигин, уһун унуохтаабыта буоллар, бу орто дойдуга батан сылдьыа суох этиҥ», — диэтэхпинэ: «Дьэ, чахчыта, кырдьык” диэн баран уҥуоҕа кыратын да иһин, «успехтааҕын» туһунан күлэ- үөрэ сэһэргээн барара. Казахстаҥҥа сылдьан ат суүрдэн биир кыыһы ситэн ылан уураабытын туһунан наар астына кэпсиирэ.
Кини биһиги тыйаатырбытыгар ордук бодоруспут, уопсай тылы булбут киһитинэн тыйаатыр артыыската Матрена Седельникова буолар. Мотя маҥнайгы балетмейстер, балет артыыһа, педагог, саха хореографиятын чинчийээччи Иннокентий Дмитриевич Христофоров кыыһа буолар. Иннокентий Дмитриевич Гавриил Гаврильевич тапталлаах кэргэнин Нинаны үөрэппит эбит. Уонна оччотооҕуга саха устуудьуйатын сүумэрдээн арыйбыт. Онно Александра Дмитриеваны, Михаил Николаевиһы, Федот Федотовиһы, Илья Находкины кытары Гавриил Гаврильевиһы ылан үөрэппит.
Мотя бу курдук кэпсиир:
«Урут биһиги Петр Алексеев аатынан уулуссаҕа бары бииргэ олорбуппут. Испэктээкил кэнниттэн наар аргыстаһар этибит. Суолу быһа урут олоҥхону хайдах туруорбуттарын туһунан кэпсээн тахсара. «Чугдаан бухатыыр алдьархайдаах киһи буоллаҕа дии», — диэмэхтиирэ. «Улуу Кудаҥсаны» бэлэмниир этибит. Улуу Кудаҥса оруолун Спиридон Игнатьев оонньообута. Улан-Удэҕэ үөрэнэ сырыттахпытына суруйсар этибит. Уфанан, Чебоксарынан гостуруолга сылдьар кэммитигэр кини кинигэ суруйа сылдьара. Гавриил Гаврильевич миэхэ үчүгэйдик сыһыаннаһара. Космонавт Николаев төрөөбүт дэриэбинэтигэр экскурсияҕа бара сылдьыбыппыт. Онно биир дьиибэ баҕайы дьахтар баара. Кини экстрасенс эбит. Гавриил Гаврильевич кинилиин көрсөөт тута өйдөспүттэрэ, элбэҕи кэпсэппиттэрэ. Миэхэ эппитэ: «Доор, миэхэ бэйэтэ кэлэ сылдьыах буолта. Кырдьык, гостиницаҕа түун суруйа олордохпуна, аан аһылла түстэ да киирэн кэллэ, тохтуу түһээт аан сабылынна. Ол курдук кэлэн барбыта. Дьэ, дьикти», — диэн, кырдьык да дьиибэргээбитэ сүрдээх этэ. 1991 сыллаахха Уфаҕа ыытыллыбыт «Туганлык» диэн түүр тыллаах норуоттар тыйаатырдарын бэстибээлигэр мин эмиэ сылдьыбытым. Бу дэриэбинэҕэ барыыга эмиэ баар этим. Онон, ити түгэннэри үчүгэйдик өйдүүбүн. Маҥнайгы «Ньургун Боотур» опера үҥкүүтүн 1947 сыллаахха аҕам туруорбут. Аҕам архыыбын илдьэн көрдөрбүппэр: «Кимиэхэ да көрдөрүмэ, биэримэ. Биһиги диэн бэҕэһээҥҥи бэтэнээскилэр буоллахпыт дии. Кини дьиҥнээх сахалартан бастакы. Эдэр сылдьан ырыган, ыарыһах этэ. Сааһыран баран уойбут дии», — диэмэхтээбитэ, хаартыскатын көрө-көрө. «Эһиги, таатталар, уолаттаргыт биир- биир тахсан иһиэхтэрэ, кытаатыҥ», — диэн эбэн эппитэ. Таатталар Гавриил Гаврильевиһы наһаа өйүүллэр этэ. Соҕотоҕун гостуруоллуу таҕыстаҕына барытынан хааччыйаллара, көмөлөһөллөрө. Ойуунускай аатынан бириэмийэҕэ таатталар түһэрбиттэрэ…».
Эр дьонтон ордук мин кэргэммин Савва Адамовы кытары тото-хана сэһэргэһэрэ. Сэһэнэ үксэ күннээҕи олох, булт-алт туһунан буолара. Савва Алекссеевич бу курдук ахтар:
«Гавриил Гаврильевич — аан бастаан истибит олоҥхоһутум, ырыаһытым. Гавриил Гаврильевиһы кытары уһуннук сэһэргэстэххинэ, киһини бэйэтигэр тардара, умсугутара. Кэпсээтэҕинэ улам дириҥээн иһэр, олох кини эйгэтигэр киирэн хаалаҕын».
Кини тиэннискэ үчүгэйдик оонньуура. Гостуруолга сылдьан тиэнниһи пропагандалыыра.
Гавриил Гаврильевич айылҕаҕа чугас киһи этэ. Ойуун төрүттээхпин, диэн кэпсиирэ. Биирдэ саалаҕа олорон, мин сыанаҕа сырыттахпына, ыҥыран ылбыта уонна: «Эйигин кыайан туһаммакка, хойутаары гыннылар. Билигин эйиэхэ удаҕан оруолун оонньотуохха наада», — диэбитэ уонна тоҕо эрэ кытаанах баҕайытык көрүтэлээбитэ. Убайым барахсан бэйэтэ санаалаах, толкуйдаах буоллаҕа.
Гавриил Гаврильевич артыыс быһыытынан сыанаҕа олох ананан төрөөбүт киһи. Кини хаһан да сыанаҕа мэнээх көтөн түспэтэ. Киириэн иннинэ үчүгэйдик хомуллара, бэлэмнэнэрэ, баттаҕын өрүтэ анньыммахтыыра, таҥаһын-сабын көннөрбөхтүүрэ, биллэрэллэрин кытта хараҕа уоттана түһэр, үөрэн сирэйдиин сырдаат, ууга умсар курдук арыый умса туттан, сценаҕа умсан хаалара… Кини кэнсиэртэргэ ыллыы-туойа, хамсыы-имсии, көрө-истэ турара харахпар олох бу баар курдук. Куолаһын туһунан этэ да барыллыбат. Ыллаатаҕын аайы өссө чөллөрүйэн, тупсан иһэр.
Хомойуох иһин, Гавриил Колесов дыраамаҕа оонньуурун аҕыйахтык көрөн хаалбыппын. Наара суох оруолун эдэр эрдэҕиттэн сааһырыар диэри оонньообута. Кини бу оруолугар олох сөтүөлүүрэ. Ханнык баҕарар кыраасканы хаһан баҕарар эбии киллэрэн биэрэрэ. Сорохтор: «Самодеятельность, наигрыш», — дииллэрэ гынан баран, «Наара суох» диэн аатыгар да баар, Наара суох уобарас омуннааһынын, күлэрин, үгэргээһинин таба тайанан арыйара, толороро. Бэйэтиттэн бэйэтэ тэбиэһирэн барара, бу оруолу оонньуу сылдьарыттан бэйэтэ да астынар быһыылааҕа. «Улуу Кудаҥсаҕа» Чачыгыр Таас ойууну оонньообута. «Миэхэ Андрей Саввич улахан оруолу биэрдэ», — диэн ойуун оруолун ылан сүрдээҕин үөрбүт этэ.
Кини хас оонньообут оруоллара бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспат этилэр. Кини дүҥүрү сатаан туһанара, охсуутун күүһэ имэҥнээх буолара. «Дойду оҕото Дорогуунап Ньукулай» испэктээкилгэ бэрт кыратык киирэн тахсар, ыһыаҕы аһар тойуксут оруолугар дуоһуйан туран ыллыыра сырдык өйдөбүлү, астыныыны хаалларар.
Гавриил Гаврильевич сахатын тылыгар элбэхтик үлэлиирэ даҕаны, билэрэ даҕаны. Чахчы да, биһигиттэн таһыччы турар киһи. Саха классиктарын хас биирдиилэрин олоҕун үчүгэйдик билэрэ, таптыыра уонна кинилэргэ сүгүрүйэрэ, кинилэринэн киэн туттара. Дэлэҕэ да соҕотоҕун, тыйаатыр электригин Гоголев Викторы кытта Ойуунускайы, Алампаны, Неустроевы агитациялыы ыйы-ыйдаан айаҥҥа турунуо дуо?! Эдэр ыччат соччо интэриэһиргээбэтин, билэ сатаабатын сөрү диэн сөҕөрө. Өрөспүүбүлүкэни барытын кэрийбитэ. Аны бэйэтэ анал массыыната суох, оройуон баһылыктарыгар тирэҕирэрэ.
Кини дэгиттэр талааннааҕа, суруйааччы бэрдэ этэ. Тыла-өһө киһиэхэ дөбөҥнүк киирэрэ, өйдөнөрө. Тойуксут бэрдэ, артыыс ааттааҕа, оһуохай этэн, сүһүөхтэрин босхо ыытан хоҥкулдьуйан бардаҕына, көрүөҥ этэ. Олоҥхону хайдах толорорун туһунан этэ да барыллыбат. Кини курдук үрдүк таһымнаахтык толорооччу суоҕун кэриэтэ. Олоҥхолоон бардаҕына өссө киэҥирэн, тыына уһаан, олох атын эйгэҕэ киирэрэ. Олоҥхо олоҕунан олороро, хараҕар олоҥхо хас биирдии дьоруойдарын олох илэ чахчы көрөр курдуга. Хайдах эрэ киһи тохтоттоҕуна даҕаны, кыайан тохтуо суох курдук буолара. Ол курдук, кини олоҥхону күүскэ таптыыра. Хомойуох иһин, тыыннааҕар П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэни ылбатаҕа.
Айылҕаттан чахчы да айдарыылаах киһи Гавриил Гаврильевич Колесов дьаныардаах үлэтинэн, дьулуурунан элбэҕи ситиспитэ. Кини аата ааттанна. Кэлэр көлүөнэ ыччаттарга баай кылааты хаалларда. Саха тыйаатырын саҥа дьиэтэ тутуллан бүтэн, үлэҕэ киирэрин биһиги бары долгуйа күүппүппүт. Гавриил Гаврильевич тыйаатыр аһыллыытыгар кыайан тиийбэтэҕэ. Тиийбитэ буоллар, төһөлөөх сөҕүө-махтайыа, үөрүө-көтүө этэй?…
Билигин биһиги тыйаатырбытыгар анал «Олоҥхо» саалата баар. Онно улуу олоҥхоһуттары сэргэ Гавриил Гаврильевич Колесов аата үйэлэргэ сурулунна.
БЫҺААРЫЫ:
Гаврил Колесов 1932 сыл кулун тутар 8 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун II Баатара нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
1950 с. Саха сиринээҕи араадьыйа кэмитиэтин хоругар ылыллыбыта. 1958 сылтан П.Ойуунускай аатынан дыраама тыйаатырыгар үлэлээбитэ. 1954 сыллаахха «Ньургун Боотур» олоҥхону араадьыйаҕа аан бастаан толорбута. 1961 сыллаахха Сергей Васильев «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхотунан грампластинката тахсыбыта. 1968 сыллаахха «Ньургун Боотур» олоҥхото Москваҕа уһуллубута, онтон 1982 с. «Мелодия» фирмаҕа грампластинка буолан тахсыбыта, кэлин компакт-диискэҕэ үйэтитиллибитэ.
1961 сылтан бэчээттэнэн барбыта. «Булчут сиэнэ» диэн бастакы кинигэтэ 1961 с. күн сирин көрбүтэ. Документалист-суруйааччы быһыытынан «Кэскил», «Үс абыраабат абылаҥнарым» уо.д.а. кинигэлэрэ бэчээттэммиттэрэ.
Гавриил Колесов 1997 с. күн сириттэн күрэммитэ.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru