Дьонун-сэргэтин, дойдутун туһугар бэриниилээхтик ис сүрэҕиттэн үлэлээбит киһини норуот умнубат, өрүү махтана ахтар. “Саха Саарына, Киһи киэнэ килбиэннээҕэ” диэн, сүгүрүйэ ааттыыр, уос номоҕо оҥостон, кэнчээри ыччакка кэпсиир.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр биир оннук киһинэн Гавриил Иосифович Чиряев буолар. Кини ССРС компартиятын Саха уобаластааҕы кэмитиэтин бастакы сэкирэтээринэн 1965-1982 сс. таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Саха АССР бэһис-онус ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан, ССРС сэттис-онус ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан, 23-24-с сийиэстэрин ССКП сийиэһин дэлэгээтинэн талыллыбыта. ССКП 23-с сийиэһигэр ССКП КК чилиэҥҥэ хандьыдаатынан, 24-26-с сийиэстэргэ чилиэнинэн буолбута.
Гавриил Иосифович 1925 муус устар 4 күнүгэр Бүлүү оройуонугар Кыадаҥда сиригэр төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ – холкуос туруу үлэһит дьоно. Онон Ганя кыра эрдэҕитэн күүстээх үлэҕэ эриллэн, буспут-хаппыт. Оччотооҕу Бүлүү оройуонун “Холкуос суола” хаһыат биир нүөмэригэр “Чиряев Ганя – 12 саастаах оскуола оҕото холкуос үлэтиттэн олох арахсыбат, нуорматын 200% толорор” диэн суруллубут.
Үөрэххэ, сырдыкка тардыһар уол төрөөбүт өтөҕүттэн, Ураһалаахтан, Чочу оскуолатыгар диэри, быһа холуйан, 5 биэрэстэлээх сиргэ сатыы сылдьан үөрэммит эбит. Ураты дьоҕурдаах буолан, бастыҥ үөрэнээччилэр ахсааннарыгар сылдьыбыт. Былатыан Ойуунускай 47 строкалаах хоһоонун бэрт түргэнник өйгө үөрэтэн, доҕотторун сөхтөрбүт түгэннээҕэ. Учуутала сорох күн, Ганянан алын кылаас оҕолорун үөрэттэрэр эбит. Чиҥ билиилээх, салайар дьоҕурдаах буолан, маннык эрэлгэ киирдэҕэ. Үрдүкү кылааска үөрэнэригэр оскуола комсомольскай тэрилтэтин солбуйааччы сэкирэтээринэн талыллан үлэлээбит. Учуутала В.Березкин: “Чиряев Ганя олус да серьезнай киһи, хайаан да Обкуом бастакы сэкирэтээрэ буолара буолуо”, – диэн кэскиллээх сыана быспыт.
Аҕа дойду Улуу сэриитин бастакы сылларыгар оскуолатыгар физика уонна байыаннай дьыала биридимиэттэрин үөрэппит. Эбии араадьыйа кэмитиэтигэр дииктэрдээбит.
1943 с. Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллан 17-с Забайкальскай фронт 284-с стрелковай дивизиятыгар, 1047-с пуолкатыгар, автоматнай ротаҕа сулууспалаабыт.
1950 с. доруобуйатын туругунан сыыйыллан, старшай лейтенант сыбаанньалаах дойдутугар эргиллэр. Аармыйаттан атааралларыгар, начаалынньыга генерал-майор Кулагин: “Эн, арааһа, дойдугар миниистир буоларыҥ буолуо”, – диэн, эрэллээхтик эппит.
1951-1953 сс. САССР Үөрэҕириитин министиэристибэтин каадырга управлениетын начаалынньыгынан, миниистири солбуйааччынан үлэлээбит. Онтон бартыыйынай үлэҕэ уһуннук үлэлээн, салайааччы быһыытынан уһаарыллан, 1965 с. алтынньытыгар САССР Обкомун бастакы сэкирэтээринэн талыллан, 1982 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр диэри Саха Өрөспүүбүлүкэтин салайбыта.
Оччотооҕу үлэһиттэр бэлиэтииллэринэн, Г.И.Чиряев салайбыт сылларыгар өрөспүүбүлүкэбит экэниэмикэтэ бөҕө туруктаах, бары ыытыллар хайысхаларга былааннаах, ситиһиилээх үлэни ыыппыта. Ол туоһутунан 1965-1982 сылларга бырамыысыланнас производственнай пуондата 8 төгүл улааппыт, оҥорон таһаарыы кээмэйэ 3,1 төгүл улааппыт.
Кини ырааҕы ырыҥалыыр салайааччы буолан, сүрүн болҕомтотун бырамыысыланнас сайдыытыгар уурбута. Тапталлаах Сахабыт сирэ “баай ампаар” эрэ курдук буолбакка, бырамыысыланнас сайдыбыт баай эрэгийиэнэ буолуон баҕарара. Тирээн турар соруктары, моһоллору быһаараары, элбэх научнай литератураны үөрэтэрэ, анал идэлээх дьону кытта сүбэлэһэрэ. Бэйэтэ кэлин экэнэмиичэскэй наука хандьыдаата буолбута.
Гавриил Чиряев салайыытынан, өрөспүүбүлүкэҕэ көмүс хостуур бириискэлэр, алмаас хостуур фабрикалар тиһиктээхтик үлэлээбиттэрэ. Оччотооҕу салайар уорганнар үлэлэрин биир сүрүн хайысхатынан, энэргиэтикэни сайыннарыы, гаас ситимин салгыы тардыы, чох, хорҕолдьун хостонорун элбэтии буолбута. Бүлүүтэҕи ГЭС, Дьокуускайдааҕы ГРЭС, Дьабарыкы Хайа, Сангаар таас чоҕу хостуур шахталара таһаарыылаахтык үлэлииллэрэ. Бу барыта дойду экэниэмикэтэ сайдарыгар туһуланара.
БАМ – Беркакит тимир суолу тутууну Гавриил Иосифович ССКП 25 сийиэһин уурааҕар бэрт сыранан киллэртэрэн, тутуу күргүөмнээхтик барбыта. Өрөспүүбүлүҕэ биир үөрүүлээх түгэнинэн, 1975 сылга саҥа бырамыысыланнай куорат – Нерюнгри үөскээбитэ буолар.
Бу далааһыннаах, күргүөмнээх үлэлэр элбэх толкуйу, сыраны, үгүс докумуоннары толорууну ирдииллэрэ. Чиряев салайар кэмигэр араас таһымнаах инстанцияларга тыһыынчаттан тахса докумуоннары толорон ыыппыттар. Аҥаардас 1974 сыллаахха ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ А.Н.Косыгин Саха сиригэр кэлэригэр сүүсчэкэ докумуон толоруллан барбыт.
Гавриил Иосифович норуот олоҕо тупсарын туһугар күннэтэ кыһанара. Хамнаска хотугу эбии төлөбүр уонна оройуон кээписиэнэ быһаарылларыгар үгүс сыратын уурбута. Ол курдук, 1967 сыллаахха балаҕан ыйын 26 күнүгэр “О расширении льгот для лиц, работающих в районах Крайнего Севера и местностях, приравненных к районам Крайнего Севера” диэн билигин даҕаны олус туһалаах ыйаах тахсыбыта. Чиряев ССРС үлэҕэ уонна социальнай боппуруостарга судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ А.П.Волковы кытта ыкса үлэлэһэн, бу ыйаах тахсарын ситиспитэ.
Сахалар уутуйан олорор сирдэрэ, тыа сирэ хаһан да Гавриил Иосифович болҕомтотуттан туора турбатаҕа. Оройуоннарга саҥа тутуулар дьэндэйбиттэрэ, олох балысханнык сайдыбыта. 1965-1970-с сылларга өрөспүүбүлүкэ бары холкуостара холбоһон улахан сопхуостар тэриллэн, үлэ күөстүү оргуйбута. Тыа дьоно оробуочайдар курдук, судаарыстыба көмөтүнэн толору туһанар буолбуттара. Ол кэмҥэ тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыта 165% үрдээбитэ. Холобурга эттэххэ, 1981 сылга 92,5 тыһыынча туонна хортуоппуй хостоммут. 1 гааттан – 104 туонна хортуоппуйу хостоон урукку көрдөрүүнү быдан куоһарбыттар. Үрдук үүнүү үгүс үтүмэн үөрүүнү аҕалбыт.
Г.И.Чиряев үөрэҕи, билиини эмиэ өрө тутар этэ. Салайар аппараатын үлэһиттэрин таһымнарын үрдэтээри, өрүү араас үөрэххэ ыытара. Оскуола, орто анал, үрдүк үөрэх өрүү кини кыраҕы хараҕар сылдьаллара. Бу кэмҥэ, өрөспүүбүлүкэбитигэр 85,5 тыһыынча үөрэнээччигэ анаммыт 283 саҥа оскуола тутуллан үлэҕэ киирбит. Өссө эбии 14,5 тыһыынча миэстэлээх 38 оскуола тутуута саҕаланан, кэнчээри ыччаты кэрэ бэлэх күүтэрэ. Мусукаалынай училище, Саха судаарыстыбаннай университетын куорпуһа, тыа хаһаайыстыбатын уонна үп тиэхиньикумун устудьуоннарыгар ананан, саҥа үөрэнэр куорпустар тутуулара саҕаламмыттара.
1979 сыл көрдөрүүтүнэн, орто анал уонна үрдүк үөрэхтээх дьон ахсаана РСФСР үрдүнэн 1000 киһиэхэ 803 буоллаҕына, биһиэхэ 848 киһи этэ. 16 автономнай өрөспүүбүлүкэ ортотугар Саха сирэ бастакы миэстэҕэ тахсыбыта.
Омук баайа – кини духуобунай култуурата буолар. Маны өйдөөн, Г.И.Чиряев култуура, ускуустуба сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрбитэ.
Айар дьоҕурдаах, талааннаах дьону мэлдьи өйүүрэ, үлэлииллэригэр кыах биэрэрэ. Кини салалтатынан култуура, ускуустуба тэрилтэлэрин баазата биллэ бөҕөргөөбүтэ.
Дириҥ толкуйдаах, үрдүк култууралаах, айылҕаттан анаммыт ураты киһи Г.И. Чиряев олоҕун, билиитин-көрүүтүн барытын норуотун туһугар анаабыта. Ол иһин кини аата үйэлэргэ өлбөөдүйбэт.
Михаил Томскай,
Г.И. Чиряев мусуойун дириэктэрэ, РФ орто анал үөрэхтээһин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ орто анал үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ,
СӨ учууталларын учууталлара,
СР Томскайдар педагогическай династияларын баһылыг