Гавриил Адамов: Тыа сиригэр дьиҥнээх хаһаайыны иитии дьиэ кэргэнтэн тутулуктаах

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Тыа сиригэр дьону хайдах угуйабыт, хайдах туруу үтүө үлэһит дьону иитэн таһаарабыт? Хайдах ыччат, үүнэр көлүөнэ төрөөбүт дойдутугар дьиҥнээх хаһаайын буолар усулуобуйатын тэрийэбит? Дьиэ кэргэн, оскуола, былаас хайдах бииргэ үлэлиэхтээҕий? Бу туһунан  “Сэмсэ санаа” биэриигэ “Саха сирэ” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Чокуур Гаврильев  суруйааччы, «Дэриэбин дьылҕата — норуот дьылҕата» диэн бырайыак ааптарын Гавриил Адамовтыын кэпсэттэ. 

Интервьюттан быһа тардыылары көрүҥ. Гавриил Иннокентьевич этэринэн, тыа сиригэр дьиҥнээх хаһаайыны иитии дьиэ кэргэнтэн тутулуктаах.

Бырайыак ааптара сүөһүлээх, сылгылаах, сирдээх-уоттаах, тыа хаһаайыстыбатын ханнык эмит көрүҥүнэн дьарыктанар ыалы өрө тутуохтаахпыт диэн санаалаах.

Кэпсэтии чэппиэргэ «Саха сиригэр» тахсыаҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0