“Гарри Поттер” салгыытын устуохтара

Ааптар: 
09.09.2016
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта дьүөгэм аптаах дьон оскуолата Хогвардс туһунан «Фантастические твари и где они обитают» диэн Джоан Роулинг кинигэтин бэлэхтээтэ. Сарсыныгар киинэ театрыгар олордохпуна, аны, трейлерэ көһүннэ. Оҕо сааспыт “доҕоро” – Гарри Поттер туһунан санаабатаҕым ырааппыт эбит.

Бу ый 31 күнүгэр аптаах Гарри Поттер туһунан Джоан Роулинг суруйбут саҥа кинигэтэ күн сирин көрүөхтээх. “Российская газета” кэпсииринэн, “Гарри Поттер и проклятое дитя” диэн икки чаастаах пьеса Гарри, Рон уонна Гермиона улааппыт кэмнэрин кэпсиир — Волан-де-Морту кыайбыттарын кэннэ 19 сыл ааспыт. Роннаах Гермиона, Джиннилаах Гарри ыал буолбуттар, оҕоломмуттар. Гарри Магия министиэристибэтигэр үлэлиир. Оҕолор Хогвардска үөрэнэллэр.

Кинигэ тахсыан биир күн иннинэ Лондоҥҥа испэктээкил туруохтаах эбит. Сүрүн оруолларга Эмма Уотсон, Руперт Грин уонна Дэниэл Рэдклиф оонньууллар. Дэниэл Рэдклиф Гарри Поттеры кытта бырастыыластым – диэбитэ даҕаны, оруолуттан арахсар санаата суох быһыылаах. Сөп ээ, “Иллюзия обмана” иккис чааһыгар, “Женщина в черном” киинэлэргэ киһи атыҥырыыр.

Пьеса ис хоһоонунан Warner Bros. хампаанньа «Гарри Поттер и проклятое дитя» диэн киинэ устар санаалаах эбит. Маны таһынан, эмиэ Роулинг суруйбут «Фантастические твари и где они обитают» кинигэтинэн үс киинэни таһаарар былааннаах. Гарри Поттер туһунан барыта холбоон аҕыс киинэ оҥоһуллубута. Түмүктүүр чааһа 2011 сыллаахха тахсыбыта. Аптаах уол туһунан киинэлэртэн барыта холбоон 7,7 миллиард доллар киирбит.

“Гарри Поттер и философский камень” диэн Джоан Роулинг бастакы кинигэтэ 1997 сыллаахха тахсыбыта, оттон бүтэһигэ “Гарри Поттер и Дары смерти” — 2007 сыллаахха. Уон сыл устата аан дойду поттерманиянан олорбута. Аҕыйах кэм иһигэр оҕо айымньыта бестселлер буолан, 64 омук тылынан 300 мөл. тахса тирааһынан тарҕаммыта. “Поттерманнар” диэн бүтүн көлүөнэ улааппыта. Айымньы аһыныгас, үтүө санаалаах, тулуурдаах буоларга, доҕордоһууну сыаналыырга, эриирдээх-мускуурдаах олох очурдарыгар бэриммэккэ, сыалы ситиһэргэ үөрэтэр.

Мин бэйэм эмиэ Гарри Поттеры утаппыттыы ааҕан, көрөн улааппытым. Утуйары умнан туран кинигэ ааҕары, кинигэттэн ытыыры билбитим. Гарри Поттертан сиэттэрэн Англия литературатыгар умсугуйбутум, уопсайынан, литератураны, ааҕыыны таптаабытым. Оҕолор Гриффиндор мантиятын бүрүнэллэрэ, былааҕын хосторугар ыйыыллара, сувенирдары мунньаллара, Лондоҥҥа баран Поттер музейыгар сылдьаллара. Элбэх киһи Хогвардстан сургучтаах сурук кэлэрин хойукка диэри күүппүт буолуохтаах…

Литература биллэр дьоруойдара Тарзан, Шерлок Холмс, Том Сойер, Д’Артаньян туһунан айымньылар иккис тыыннаммыттара, уонунан сылларга салҕаммыттара. Билигин Гарри Поттер эпохата иккистээн эргийэн эрэргэ дылы. Поттерманнар күүтэбит.

Надежда САМСОНОВА.

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0