Киһи туохтан соһуйбатаҕа, тугу сөхпөтөҕө баарай? Майаҕа гарааска тюльпан үүннэрэн атыылан эрэллэр эбит. Надежда, Вячеслав Санниковтар диэн икки оҕолоох эдэр ыал социальнай хантараакка киирсэн, анал тэрил ылан, бэйэ дьоҕус биисинэһин тэриммиттэр. Бүгүн кинилэри кытта кэпсэтиини билиһиннэрэбин. Надежда Майатааҕы «Кэнчээри” диэн оҕону сайыннарар уһуйаан иитээччитинэн үлэлиир, ыал аҕата Вячеслав — улуустааҕы эбии үөрэхтээһин киинин педагога.
Дьиэ кэргэни түмэр дьарыгы көрдөөбүппүт
— Биһиги урбаан эйгэтигэр сыста сатаабыппыт ыраатта, — диэн ыал аҕа баһылыга Вячеслав кэпсээнин саҕалаата. – тугу эрэ тэриммит, эбии дохуот булуммут киһи диэн саныырбыт. Пандемия кэмигэр наһаа олорон хааламмыт дэлби тууйуллубуппут. Барыах-кэлиэх, эбии дьарык наадатын өйдөөбүппүт. Билигин кэргэним социальнай ситим нөҥүө гипсэнэн сибэкки олордор кашполары оҥорон атыылыыр. Ити кини тус дьарыга. Оттон биһиги дьиэ кэргэммитин барытын хабар, умсугутар дьарыкка наадыйар этибит. Дьон бэйэтин баҕатынан араас ону-маны оҥоророрун көрөн ымсыырар, сэҥээрэр этибит. Итинник баҕаттан, туох эрэ дьарыктаах буолар туһуттан гараас туттарга санаммыппыт. Маҥнай гарааспар уһанан боруобалыырым дуу дии санаабытым. Ол эрээри уһанар буоллахха, эмиэ мин эрэ соҕотох дьарыгым буолан хаалар. Өссө туох баар эбитий диэн санааттан көрдөөн, сүбэлэһэн, дьиэ кэргэни барытын түмэр дьарыгы булбуппут, тюльпан үүннэрэргэ санаммыппыт.
Эрдэ социальнай хантараак туһунан истэр этибит. Интэриэһиргээн ыйыталаһан көрбүппүт да, дохуоппут үрдүк буолан маҥнай сатаан хапсыбат этибит. Арай кэргэним оҕолонон олорор кэмигэр дохуоппут биллэ намтаабыта. Бу ирдэбилгэ сөп түбэһэр буолан хаалбыппыт. Бырайыакпытын көмүскээммит социальнай хантараагынан 250 тыһыынча солкуобайы биэрбиттэригэр наһаа үөрбүппүт. Бу харчынан сибэкки үүннэрэр анал тэрил ылыммыппыт. Саха сиригэр кыһыҥҥы бириэмэҕэ сибэкки үүннэрэр уустук. Технологиятын анаан үөрэппиппит, гарааспытын бэлэмнээбиппит. Онтон, дьэ, күһүн Арассыыйа киин питомниктарыттан луковица сакаастаан олордубуппут. Улахан оҕобут номнуо бэйэтэ туспа эбээһинэстээх, сибэккилэргэ уу кутан көмөлөһөр. Бары дьарыктанар, ылсан үлэлиир буоламмыт интэриэһинэй.
Саха сирин тюльпана ураты кэрэ
Урут саҥа дьыл сынньалаҥнарыгар куоракка киирэн дьаарбайан, доҕоттору, аймахтары кытта алтыһар эбит буоллахпытына, билигин хамсык кэмигэр ити барыта уустук. Онон сөптөөхтүк дьаһаммыт эбиппит. Дьиэҕэ сыппакка киирэ-тахса сылдьабыт. Кыһыҥҥы ыйдарга наар маннык үлэлээтибит. Күүспүтүн-уохпутун барытын сибэккилэрбитигэр ууран, кыһыҥҥы тымныы ыйдары билбэккэ хааллыбыт. Тюльпан кыһынын үүнэр сибэкки буолан абыраллаах.
Саха сиригэр ыраахтан тиэллэн кэлэр сибэкки туруга мөлтөх. Тюльпан уһуннук биир хоппо иһигэр сытыа суохтаах. Атыылааччылар ону ууга туруоран чөлүгэр түһэрэ сатыыллар. Биһиги тюльпаммыт манна миэстэтигэр үүнэр буолан, ханна да ыраах айаннаабат. Атыылаһааччылар биһиэхэ кэлэн, үүнэ турар лотуоктары кытта сибэккилэри силистэри баҕастары илдьэ бараллар. Онон кинилэр дьиэлэригэр сип-сибиэһэй сибэкки үүнэн дыргыйан турар буолар. Аны Саха сиригэр үүммүт сибэкки диэн саныырга да үчүгэй. Дьон да астынар. Бэлэхтиирбитигэр суолтата да улахан дэһэллэр. Бастакы сибэккилэрбитин Сибэтиэй Балантыын күнүгэр атыылаан саҕалаабыппыт.
Арассыыйаҕа ситиһиилэрбит
Билигин Майаҕа атыылыы олоробут. Куоракка сакаас аҕыйах. Киирэн боруобалаан көрбүппүт даҕаны табыгаһа суох курдук.
Дьон кэлэн ыйыталаһан, көрүөн-истиэн баҕарар. Сибэккилэрбит ситэллэрин саҕана, дьону ыҥыран көрдөрбүппүт. Олохтоохтор наһаа үөрбүттэрэ, көрөн астыммыттара.
Бу биисинэспит атыы-эргиэн эрэ хайысхалаах буолбатах. Мин оҕолору биисинэс эйгэтигэр уһуйабын. Бу хайысхаҕа оҕолор үлэлээн, суоттаан-учуоттаан, хайдах үлэлиэххэ сөбүй, төһө дохуот киирэр эбитий диэн дакылаат суруйан көмүскээбиттэрэ. Бу аҕыйах хонуктааҕыта Бүтүн Арассыыйатааҕы Ларионов ааҕыыларыгар «Саха сиригэр тюльпан үүннэриитэ” диэн тиэмэҕэ кыттаннар бастакы истиэпэннээх дипломант аатын ыллылар. Бэйэм оҕолору үөрэтэр уопуппун кэпсээммин бүтүн арассыыйатааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ педагогтар ортолоругар лауреат аатын ылбытым.
Биһиги Сахабы сирэ тымныы тыйыс килиимэттээх. Сибэкки үүннэриитигэр халбаҥнаабат биир кэлим температурнай эрэсиим туруохтаах. Тюльпан сөрүүн сири сөбүлүүр, ол эрээри салгын киириэхтээх. Кыра да кыраадыс уларыйарын кини билэр. Саха сиригэр тэпилииссэҕэ үүннэрии кыһыҥҥы өттүгэр ороскуота улахан.
Уутун-хаарын таһыы — саамай сүрүн күүс үлэтэ. Автоматизированнай ууну кутууну тэриниэхпитин баҕарабыт. Онно эмиэ үп-харчы эрэйиллэр. Маннык хайысхаҕа тыа хаһаайыстыбатын салаатынан “Агростартап” нөҥүө кыттан көрүө этибит.
Саха сиригэр тюльпан үүннэрэри оҕолорго үөрэтэр анал былаһаакка оҥорон кэҥиэхпитин эмиэ былаанныыбыт. Сибэкки үүннэрии технологиятын, микрокилиимэти тэрийиини үөрэтиэхпит этэ. Былааммыт элбэх. Билиҥҥи үйэҕэ барытын үп-харчы уонна күүстээх санаа быһаарар. Тюльпан үүннэриитэ — сезоннай үлэ. Сайыҥҥы өттүгэр Саха сиригэр үүнүөн сөптөөх отонноох мастары үүннэрэн боруобалыахпытын баҕарабыт. Оччотугар хас биирдии ыал талан, олбуоругар олордоругар табыгастаах буолуо этэ. Биһиги тюльпаннарбыт Майа сэлиэнньэтигэр атыылана тураллар. Атыылаһар дьоҥҥо дьиэҕэ тиэрдэн биэрии өҥөтүн оҥоробут. Куоракка кууһунан атыылаһар тэрилтэлэргэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэбит.
Ульяна ЗАХАРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru