2008 сыллаахха буолбут “Азия оҕолоро” спортивнай оонньуу арыллыытыгар бэлэмнэнэ сылдьан биир кыыстыын билсибитим. Көрөн-истэн, күлэн-үөрэн, оҕолору кытта тута биир тылы булан, бэркэ тапсан үлэлэспиппит. Түөрт сыл ааспытын кэнниттэн ол кыыспын “Арай биирдэ” киинэҕэ сүрүн оруолу оонньуу сылдьарын көрөн олус үөрбүтүм. Онтон ыла “сүрүн оруолга Галина Тихонова оонньуур” диэн суруктаах киинэни даҕаны, испэктээкили даҕаны хаста даҕаны көрдүм. Киинэ уонна Олоҥхо тыйаатырын эдэр артыыһа Галина Тихонова ыалдьыттыыр:
— Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан тыйаатыр куруһуогар дьарыктаммытым. Чопчу артыыс буолабын диэн быһаарыммакка эрэ, үөрэххэ туттарсан көрөн, боруобаланарга санаммытым. Дьиҥэ, хореограф буолар ыралааҕым. Ярославльга, Барнаулга, Москвага устудьуоннар фестивалларыгар кыттыбыппытын, өйдөөн хаалбыппын. Үөрэҕим кэнниттэн саҥа тэриллибит Олоҥхо тыйаатырыгар үлэлии киирбитим. Онно киирэн эрэ баран идэбэр сыыйа ылларан, “бу миэнэ” эбит дии санаабытым.
— Киинэ чугас дуу, тыйаатыр дуу?
— Иккиэннэрэ чугастар… Олонхобут Тыйаатыра сайдарын туһугар артыыстар баһы кыһаллан үлэлиибит. Сорох дьон артыыс идэтин күлүү-элэк курдук саныыр, быһа кими эрэ үтүктэ, оонньуу сылдьар курдук толкуйдуур. Оннук буолбатах. Ис-иһигэр киирдэххэ уустуктардаах, туспа тутуллардаах үлэ. Үлэбин наһаа таптыыбын.
— Киинэҕэ бастакы холонууҥ хайдах этэй?
— “Арай биирдэ” диэн “Detsat” айар бөлөх устар киинэтигэр сүрүн оруолу оонньообутум. “Маннык оруол баар, оонньоо”, — диэбиттэригэр тута сүбэлэспитим. Камераҕа саҥарарбын билиҥҥээҥҥэ диэри ыарырҕатабын, сатыырбын да сатаабат, үөрэппит тылбын да сатаан эппэт буолан хаалыахпын сөп. Бу киинэҕэ уһулларбар “Айаал баар дуу?” диэни сатаан саҥарбаккабын, хаста да устубуппутун өйдүүбүн.
— Уһуллубут киинэлэриҥ бары кэриэтэ ситиһиилэнэллэр. “Муммуттар” уонна “Сайсары күөлгэ…” киинэлэр фестиваль, куонкурус бөҕөтүгэр үрдүктүк сыаналаналлар. Бу кистэлэҥэ туохха дии саныыгыный?
— Сүрүн оруолу толорбут киһи итэҕэтиилээхтик оонньоото даҕаны киинэ табыллар диэн буолбатах. Киинэ бүтүн устар састаап бары күүстэрин түмэн оҥорбут үлэлэрин түмүгэ буолар. Оруолу толорор киһи — артыыс манна көмөлөһөөччү. Артыыстан кими баҕарар оҥорон таһаарыахха сөп. Оттон сүрүнэ режиссер үлэтэ. Холобур, “Сайсары күөлгэ…” киинэни бары биир санаалаах, үлэһит дьон түмсэн усталлара тута биллэр этэ. Уһулла сылдьаммын, “кырдьык, саха киинэтигэр маннык дьон үлэлээтэхтэринэ барыта сатаныыһы дии санаабытым, тыас таһаарыыһыкпыт», — диэн санаабыттааҕым.
— Араас жанрдаах киинэлэргэ оонньоотуҥ. Ханнык жанрга артыыс быһыытынан быдан табыллар, арыллар эбиппин дии санаатыҥ?
— Элбэх жанрга холонон көрбүт эбиппин. Ол эрээри, арт-хаус жанрдаах киинэҕэ табыллабын дии саныыбын. Маннык киинэлэр туспа философиялаах буолаллар, киһини толкуйдаталлар. Михаил Лукачевскай “Суол” диэн арт-хаус киинэтигэр оонньообутум, билигин ол киинэни көрдөхпүнэ олус табыллыбыт эбит диэн сыаналыыбын. Билиҥҥи турукпунан, уопуппунан ити киинэҕэ уһулларым буоллар, олох атыннык оонньуом этэ. Комедия жанрдаах киинэҕэ уһуллуохпун эмиэ олус багарабын , төһө баҕарар уһуллуом, оонньуом этэ.
— Оттон ханнык киинэҕэ уһулларгын ыарырҕаппыккыный?
— Хайа баҕар оруол ыарахаттардаах буолар. Онтон киһи үөрэнэр, бэйэтигэр саҥаны арыйар. Ыарахаттары ааһаргар бэйэҕиттэн туох эрэ саҥа “төрүүр”, сайдар. Киинэҕэ уһулларга артыыс маастарыстыбата наада. Режиссер эттэ даҕаны, бу оруолга киирэргэ кыһаллыахтаапыт. “Хара дьайга” дэриэтинньиги оонньуу сылдьан олус элбэҕи билбитим. Киинэни хайдах усталларын иһин-таһын үөрэппитим. Икки күн эрэ уһулуннарбын, режиссер Степан Бурнашев ыйан-кэрдэн, көрдөрөн-иһитиннэрэн, элбэххэ үөрэппитэ.
— Россия таһымнаах “Белый ягель” киинэҕэ сүрүн оруолу толорбутуҥ. Устуу хайдах ааспытай?
— Кастинг ааһан, бэһиэ буоламмыт соҕуруу уһулла көппүппүт. Киинэ устар састааба маннааҕылартан биллэ үрдүк этэ. Уот-күөс, киһи бөҕөтө, кэлии-барыы… Ол сылдьан “устан бүттүбүт” диэн, киинэни ортотуттан тохтотон кэбиспиттэрэ. Аны сэттэ ый ааспытын кэнниттэн “устар буоллбут, төттөрү кэлиҥ” диэн ыҥырбыттара. Манна сыл аҥаара ааспытын кэнниттэн төттөрү ол кэмҥэ эргиллэр, ол оруолга киирэр олус уустук этэ.
— Артыыс быһыытынан сайдаргар туох көмөлөһөрүй, тугу гынаҕын
— Кинигэ ааҕабын, айылҕаҕа сылдьабын, дьоммун кытта кэпсэтэбин. Онтон ордук туох да наадата суох. Дьонум итэҕэллэрин, миэхэ эрэллэрин түһэн биэрбэт буоларга кыһаллабын.
— “Истиҥ иэйии” киинэҕэ сценарий суруйбутуҥ. Киинэ, тыйаатыр эйгэтин атын идэтигэр көһүөххүн, холонон көрүөххүн баҕарбаккын дуо?
— Оннук толкуйдар киирэ сылдьыбыттара. Билиҥҥитэ инникибин артыыс эрэ быһыытынан көрөбүн.
— Саха киинэтэ сайдарыгар туох наада дии саныыгын?
— Киинэ устар баҕа наада. Оннук дьон биһиэхэ бааллар. Оттон баҕа баар буоллаҕына барыта табыллар диэччилэр. Оттон харчы? Харчы үчүгэй хаачыстыбалаах киинэни устарга наада. Биһиэхэ харчы аҕыйаҕа даҕаны үчүгэй курдук. Баҕалаах дьон бэйэлэрин күүстэринэн сайдаллар, үүнэллэр. Кинилэр харчы мунньан, булан-талан биир хаачыстыбалаах, үчүгэй киинэни усталлар. Арай харчы элбэҕэ, ыһылла сытара буоллар, иэмэ-дьаама биллибэт, устубут эрэ киһи диэн устар киинэ буолунай буолуо этэ.
— Оттон киинэ, испэктээкил бөҕөтүгэр оонньообут кыыһы дьон уулуссаҕа көрөн билэр дуо?
— Билээччилэр, “эйигин ханна эрэ көрбүтүм” диэччилэр даҕаны бааллар. Онуоха мин дьээбэлээхтик: “Мин эйигин эмиэ!”-диэн хардарааччыбын (күлэр).
Айтана АММОСОВА