Галина Лыткина: «Эпос уонна ускуустуба Арктическай киинэ тутуллара сөптөөх»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр тутулла турар Эпос уонна ускуустуба Арктическай киинэ 2024 сыл бүтэһигэр үлэҕэ киириэхтээх. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы А.Д. Макарова аатынан култуура уонна искусство кэллиэһин преподавателэ, СӨ култууратын туйгуна Галина Лыткина санаатын үллэһиннэ:

— Мин санаабар, Арктикатааҕы Эпос уонна ускуустуба киинэ тутуллара наадалаах. Билиҥҥи кэмҥэ сайдыы тэтимигэр сөп түбэһэр, онно эппиэттиир култуура кииннэрэ хайаатар да баар буолуохтаахтар. Ыччат, уопсайынан, дьон-сэргэ духуобунас өттүнэн, өй-санаа өттүнэн сайдыытыгар улахан суолталаах буолуо этэ.

Бары да бэркэ билэ-көрө олоробут Судаарыстыбаннай  филармония, Олоҥхо тыйаатыра дьиэлэрэ-уоттара суох, Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра хаарбах туруктаах дьиэҕэ үлэлии-хамсыы олороллор. Айар-тутар үлэлээх дьоҥҥо толору хааччыллыылаах, үлэ ирдэбилигэр сөп түбэһэр тэрилтэҕэ үлэлиир, биллэн турар,  улахан оруолу ылар. Холобур, ити Арктикатааҕы киин тутуллар түгэнигэр үгүс култуура тэрилтэлэрэ бэйэлэрэ дьиэлэнэллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0