Галина Давыдова таҥхаҕа анаан хаартысканан дьүһүйүүнү оҥордо

14.01.2020
Бөлөххө киир:

Тааттаттан сылдьар хаартыскаҕа түһэрээччи Галина Давыдова тымныыга тоҥмут инчэҕэй таҥастан Таҥха күннэрин баттаһа, хаартысканан дьүһүйүүнү оҥордо. 

«Бу санаа саҥа буолбатах. Оҕо сылдьан тымныыга тоҥмут инчэҕэй таҥаска араас быһыыны биэрэн көрөн баран дьиэбитигэр киллэрэр этибит. Саха сиригэр эрэ маннык тымныы баар буолан, таҥас начаас тоҥор. Манныгы оҥорон көрүөхпүн баҕарбытым ыраатта, ол эрээри саҥа олоххо киллэрдим», – диэн ааптар nvk-online.ru саайтка кэпсээтэ.

Бэлэмнэнии уонна хаартыскаҕа түһэрии уопсайа биир эрэ чаас курдук бириэмэни ылбыт. Галинаҕа дьүөгэтэ көмөлөспүт.

«Бу дьээбэ-хообо быһыылаах кыра кэпсээн. Таҥха кэмигэр араас барыта буолуон сөп», – диэн Галина Давыдова үллэстэр.

nvk-online.ru саайтан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0