Галина Данчикова: «Саха сирин кытары куруук сибээскэ баарбын»

14.04.2021
Бөлөххө киир:

Дьокутаат үлэтин элбэх киһи синекура, ол эбэтэр элбэх хамнастаах, үлэтэ аҕыйах дии саныыллар. Галина Данчиковаҕа бу сыһыана суох. Кини Саха сирин кыһалҕаларын дойду парламеныгар билиһиннэрэригэр, бэйэтин кыһалҕаларын курдук этэр.

edersaas.ru

Галина Данчикова сүүрбэччэ сыл өрөспүүбүлүкэ арктическай улуустарыгар үлэлээбитэ. Аан бастаан үлэтин Өлөөн сэлиэнньэтигэр үп оройуоннааҕы отделыгар инспекторынан саҕалаабыта. Биэс сыл буолан баран, Дьааҥы улууһугар төннөн, уон биэс сыл устата үп структуратыгар үлэлээбитэ. Уопуттаах испэсэлииһи тута СӨ Үбүн миниистирин маҥнайгы солбуйааччытынан анаабыттара. Сотору кэминэн Галина Данчикованы вице-премьерынан, онтон аҕыйах сылынан, СӨ Бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлинэн анаабыттара.

Уһук Хоту устуоруйатыгар 2010 сылтан аан маҥнайгытын бырабыытылыстыбаны дьахтар салайар буолбута.

— Галина Иннокентьевна, эйигин соторутааҕыта Вячеслав Володин саамай көхтөөх дьокутаат диэн ааттаабыта. Ханнык кыһалҕалары туруорсубуккунуй?

-Госдуума спикерэ маннык сыанабылы биэрбитэ миэхэ соһуччу буолбута. Мин Үп уонна нолуок кэмитиэтигэр үлэм таһынан, Саха сирин кытары толору суукканы кытары сибээһи тутабын. Саха сирэ Москватааҕар алта чаас эрдэ турар буолан, үлэм күнэ сарсыарда 5 чаастан саҕаланар. Сарсыарда 7.30 мин номнуо Госдуумаҕа баар буолабын.

Ханна да үлэлээтэрбин, оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ, билигин дойду таһымыгар, наар үп-харчы ааҕыытыгар сылдьабын. Ким эрэ наар сыыппараны кытта үлэ салгытар, чуҥкук дии саныыра буолуо да, мин үп уонна нолуок сокуонугар үлэлиирбин астынабын. Сокуон ылыллыбытыттан биһиги хайдах олорорбут быһаччы тутулуктаах: ханнык биисинэс ордугуй, төһө көмөнү оҕолор эбэтэр аҕам саастаах дьон ылыахтарай, дьиэ-кэргэн бүддьүөтүн хайдах былаанныахха сөбүй бу да о.д.а. кыһалҕалар быһаарыллаллар.

Үлэбитигэр саамай инники күөҥҥэ тутар докумуоммут — РФ бэрэсидьиэнин федеральнай мунньаҕар суруга.

—Эн дьокутаат буолар үлэҕэр өрөспүүбүлүкэ кыһалҕаларын быһаарар сорудах киирэр дуо? Ханнык боппуруостары маҥнайгы уочаракка көрүөххэ нааданый?

— Түргэнник быһаарыллыахтаах сорудах олус элбэх. Ол эрэгийиэн ыраах сытарыттан, кыһыҥҥы суол турарыттан, сааскы халаан туругуттан уонна да атын төрүөттэртэн тутулуктаах.

Мин хоту улуустарга таһаҕас тиэйиитин куруук салайааччыбын. Билигин Госдуума дьокутаата буолан олорон, бу кыһалҕаны эмиэ туруорсабын. Бары билэрбит курдук, хоту улуустарга сыана наһаа ыарахан. Холобура, банан биир киилэтэ – 300 cолкуобай. Тиэйиллэн кэлэр ас-таҥас сыанатын түһэрэргэ үлэ ыытыллар.

Өссө биир сытыы кыһалҕа – хаарбах дьиэттэн көһөрүү. Бу боппуруос Арассыыйа бары эрэгийиэннэригэр туһуланар. Оттон Саха сиригэр бу кыһалҕа өссө сытыытык турар. Ордук, Алдан, Нерюнгри, Мииринэй, оройуоннарыгар. Тоҕо диэтэр, бу улуустарга БАМ тутуутугар сылдьыбыт аҕам саастаах дьон уонна көмүс, алмаас хостооһунун бэтэрээннэрэ олороллор. Кинилэр өрөспүүбүлүкэттэн барар кыахтара суох.

Бу кыһалҕа атын өттүлээх буолан таҕыста. Кэнники кэмҥэ сорох дьон хаарбах туруктаах дьиэлэри бэйэлэригэр атыылаһаллар эбэтэр атыыга диэн ылар буоллуллар. Онон 2019 сыл ахсынньытыгар дьиэ-уот кодексыгар уларыйыы киирбитэ. Ол эрээри, саҥа сокуон, дьиҥнээхтии олорор дьон, соҕотох дьиэлэрин көмүскээбэт этэ. Онон, манна эмиэ уларытыыны киллэриэхпит.

Өссө биир сытыы кыһалҕа киһи доҕоругар – ыкка сытар. Хоту, ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар питомнигы тутар олус ыарахан. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо сокуоҥҥа бэйэ быһаарыныыны ылынарга уларытыыны киллэрин диэн көрдөһөллөр.

Саха сирэ ыраах сытара олохтоохторго куруук кыһалҕаны үөскэтэр. Онон, чэпчэтиилээх билиэттэри сыл устата устудьуоннар, биэнсийэлээхтэр, элбэх оҕолоох ыаллар туттуохтарын сөбүн туруорустубут.

Ирина Овечкина.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0