Галина Данчикова бүгүн 65 сааһын туолла

Ааптар: 
13.08.2019
Бөлөххө киир:

Галина Иннокентьевна Данчикова атырдьай ыйын 13 күнүгэр 1954 сыллаахха Иркутскай уобалас Хайрюзовка сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ.

1972 сыллаахха Дьокуускайдааҕы үп-кредитнэй техникумун бүтэрбитэ. 1985 сыллаахха Бүтүн Сойуустааҕы кэтэхтэн үөрэтэр юридическай институкка үөрэммитэ.

2001 сыллаахха РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн Россия академиятын судаарыстыбаннай сулууспатыгар “Реформирование межбюджетных отношений в Российской Федерации (Региональный аспект)” диссертациятын көмүскээбитэ. Экономика наукатын кандидата.

1972-1974 сс. Өлөөҥҥо оройуоннааҕы үп отделын бүддьүөккэ ыстаарсай иниспиэктэрэ.

1975-1977 сс. Иркутскай куорат Ленинскэйдээҕи райфинотделын бүддьүөккэ ыстаарскай иниспиэктэрэ.

1978-1979 сс. Дьааҥы оройуонун үпкэ отделын экономиһа.

1979-1989 сс. Бүддьүөккэ иниспиэксийэ начаалынньыга – Дьааҥы оройуонун үпкэ отделын сэбиэдиссэйин солбуйааччы.

1991-1992 сс. Дьааҥы оройуоннааҕы сэбиэтин Президиумун бэрэссэдээтэлэ.

1992-1993 сс. Дьааҥы оройуонугар дьаһалта баһылыгын солбуйааччы.

1993-2002 сс. СӨ Үп миниистирин солбуйааччы, бастакы солбуйааччы, миниистир эбээһинэһин толорооччу.

2002-2007 сс. СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлн солбуйааччы – РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн СӨ Бастайааннай бэрэстэбиитэлин солбуйааччы.

2007-2010 сс. СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы.

2010-2016 сс. СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ.

05.10.2016 сылтан РФ Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутаата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0