ГАИ дьон хонтуруолугар эрэнэр

17.05.2017
Бөлөххө киир:

Тимир көлө ахсаана сыл аайы элбии турара биллэр. Аны туран, халлаан сылыйан, кыһын тоҥон турбут массыыналар тахсан, кырдьык, тимир көлө өссө элбээбиккэ дылы. Уруулга олорор киһини ардыгар «бөрөстүүпүнньүк» курдук көрөллөр. Эмиэ даҕаны сөп. Биир кыра даҕаны сыыһа туттуу улахан алдьархайга тиэрдиэн сөп. Массыынаны ыыта сылдьар киһи олус болҕомтолоох, сэрэхтээх буолуохтаах.  

[vc_text_separator title=»» i_icon_fontawesome=»fa fa-quote-right» color=»pink» add_icon=»true»] СӨ ИДьМ-тын Суолга куттал суох буолуутун судаарыстыбаннай иниспиэксийэтин управлениетын начаалынньыга, полиция полковнига Самсон Чупровтуун өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн суол быраабылатын кэһииттэн саҕалаан манна сыһыаннаах боппуруостарга анаан кэпсэттибит.

Видеорегистратор

Самсон Васильевич, өрөспүүбүлүкэҕэ суол быраабылатын кэһиигэ, бүгүҥҥү туругунан, балаһыанньа хайдаҕый? Урукку сыллары кытары тэҥнээтэххэ, быраабыланы кэһии, саахал тахсыыта аҕыйаата дуо?

– 2016 сылы ылан көрдөххө, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн киһи эчэйиилээх 988 суол быһылаана бэлиэтэнэн, 100 киһи суорума суолламмыта. Оттон 2015 сылга – 119 киһи саахалга түбэһэн өлбүтэ. Статистика сыыппараларын сыымайдаатахха, саахал тахсыыта арыый да аҕыйаата. Ол эрээри оҕо өлүүтэ элбээтэ. Былырыын 8 оҕо өлбүтэ. Мантан биир түбэлтэҕэ оҕо бэйэтэ буруйдаах. Икки түбэлтэҕэ төрөппүттэрэ, аймахтара итирик туруктаах айаннаан иһэн саахал тахсыбыта. Төрөппүттэр оҕолорун массыынаҕа олордон баран курунан баайбаттарыттан, анал олбохторо суоҕуттан иэдээн тахсар.

Арыгы иһэн баран уруулга олорор дьон ахсаана элбии турар. Маннык дьону эппиэтинэскэ тардыы кытаатта. Урут ыстараап кээмэйэ, миэрэ ылыыта төһө эмит кыра, улахан суолтата суох этэ. Арыгы иһэн баран уруулга олорон, медицинскэй бэрэбиэркэттэн аккаастаммыт, итиэннэ итирик туруктаах сылдьан суол быһылаанын таһаарбыт суоппар иккистээн түбэстэҕинэ, РФ Холуобунай кодексатыгар олоҕуран, холуобунай дьыала тэриллэр буолла. Суут дьыаланы көрүүтэ кытаатта. Урут уопуттаах, быыһы-хайаҕаһы билэр албакааттар үлэлээннэр, дьыала тохтоон хаалар этэ.

Иккиһинэн, видеорегистратор туһата улаатта. Дьэ, абыраллаах тэрил! Сүрдээх улахан көмө буолла. Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сүүстэн тахса видеорегистраторынан хааччыйан олоробут.

Суол быраабылатын хаста даҕаны төхтүрүйэн кэһэр дьоҥҥо ыстараап кээмэйин үрдэттэххэ, баҕар, өйдөнүөхтэрэ дуо?

– Мин саныахпар, ирдэбил күүһүрүөн наада. Белоруссияҕа бииргэ үөрэммит табаарыстарым бааллар. Олорбун кытары куруук сибээстэһэбин. Онно бэйэм эмиэ бара сылдьыбытым. Холобур, суол быраабылатын иккистээн кэһэр буоллахтарына, массыынатын конфискациялыыллар. Онтуларын балансовай сыанатынан атыылаан баран, харчытын массыыналаах хаһаайыҥҥа биэрэллэр. Биһиэхэ оннук суох. Баҕар сокуон кытааттаҕына, син тардыныа эбиттэрэ буолуо.

Суол быһылаана нэһилиэнньэлээх пууннарга тахсар дуу, биитэр федеральнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах суолларга дуу?

–   Ордук региональнай уонна федеральнай суолталаах суолларга тахсар. Биһиги сыл ахсын ону ырытан көрөбүт. Үгүс өттүгэр айан тэтимин тутуспаттарыттан уонна утарыта тахсыыттан тахсар. Кыһыҥҥы өттүгэр туман, хаар, сайынын буор мэһэйдиир. Ити сүрүн биричиинэлэр диэм этэ. Дьиҥэр, суоппар бэйэтэ эмиэ буруйдаах. Туманнаах, буордаах кэмҥэ сэрэнэн сылдьыахтаах. «Өлүөнэ» федеральнай суолга 16 киһи суорума суолламмыта. Аны федеральнай суолларбыт оҥоһуллан, тупсан тураллар. Дьэ онно суоппардар «үктээн» кэбиһэллэр. Суолларбыт уһуна бэрт. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит сиринэн-уотунан 3600 килэмиэтир кэриҥэ уһуннаах федеральнай суол ааһар. Маннык уһун суол ханнык да региоҥҥа суох. Атын регионнарга муҥутуур улааппыта 300 – 400 килэмиэтир буолуо. «Бүлүү», «Халыма» өттүгэр быһылаан тахсыыта арыый намыһах.

Оттон бэйэҕит?

Иниспиэктэрдэр бэйэлэрэ сокуону, бэрээдэги кэһиилэрэ тахсар дуо?

– Баар. Кистэл суох. Биир иниспиэктэр саахал оҥорон турар. Боротокуол оҥорон, миэрэҕэ тардыбыппыт. Управление иһинэн анал отделлаахпыт. Олор бэйэбит испитигэр бэрээдэги көрүүгэ үлэлэһэллэр. Иниспиэктэрдэр бары курдарын баана сылдьаллар.

Массыынаҕа олордоххуна кургун баанаҕын дуо?

–   Эбэһээт курданабын. Үлэм массыынатыгар да буоллун, бэйэм да массыынабар олордорбун, хайаан даҕаны курданабын. Солбуйааччыларым эмиэ курданаллар. Итинтэн олоҕуран бэрээдэк баар буолар.

Оҕолору массыынанан таһыыга ирдэбил кытаатан турар. Аны оскуола оҕолоро араас күрэхтэһиилэргэ, тэрээһиннэргэ элбэхтик айанныыллар…

– Оҕо – биһиги инники кэскилбит. Былырыын Ханты-Мансийскайга улахан саахал буолбутун өйдүүргүт буолуо. Бу кэнниттэн ирдэбил өссө кытаатан, уураах ылан тураллар. Айаҥҥа турунуохтарын иннинэ, ГИБДД эрдэттэн сэрэтиэхтэрин, сурук түһэриэхтэрин наада. Ити биирэ. Иккиһинэн, оскуола оптуобуһа олох атын буолар. Собуокка анаан атыннык оҥоһуллар. Инньэ гынан, оҕолору атын тырааныспарынан онно-манна илдьээри гыннахтарына, сорох түгэҥҥэ аккаастыыбыт. Төрөппүттэр ардыгар улахаҥҥа уурбаттар. Бу соторутааҕыта Тааттаҕа 13 оҕону олордон испит УАЗ массыына саахалланан, тренер кыыска уонна суоппарга дьыала тэрилиннэ.

Ирдэбил быһыытынан, оҕолору арыаллыыр икки улахан киһи, медик, икки суоппар, баран иһэн аһыылларыгар астаах, уулаах буолуохтаахтар. Түүҥҥү өттүгэр суоппар айанныыра көҥүллэммэт. Түгэнинэн туһанан, СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтигэр махтаныа этим. Ол курдук «Бүлүү» суолунан айанныыр оҕолор Бүлүүгэ, Горнайга сынньанан, өрөөн ааһар сирдэннилэр. Алдаҥҥа эмиэ баар.

  Самсон Васильевич, суолга куттал суох буолуутун хонтуруоллааһыҥҥа нэһилиэнньэ кыттыытын тэрийии Саха сиригэр быйылгыттан саҕаланна. Ити дьыалаҕа төһө ылсан эрэҕит?

  Суолга куттал суох буолуутугар «Норуот хонтуруола» элбэҕи оҥоруо диэн эрэнэбит. Төһө кыалларынан, дьоҥҥо маннык хонтуруол баар диэн күүскэ иһитиннэриэхпитин, кэпсиэхпитин наада. Билиҥҥи туругунан, араас иһитиннэриилэри, ол курдук, ханнык тимир көлө суол быраабылатын кэспитин батсаап көмөтүнэн ыытыы элбэх. Мантан инньэ тустаах портал көмөтүн туһаныахтарын наада. Билигин, хомойуох иһин, уруулга итирик олоруу олус элбээтэ. Иккиһинэн, аһара түргэнник айанныыллар. Маннык ньүдьү-балай дьону норуот кыраҕытык кэтиэхтээх.

Дьон видеотын туһанабыт

–  Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 222 тыһыынчаттан тахса тиэхиньикэ баар. Сыл аайы атын регионнартан 5 тыһыынчаттан тахса киирэр. Аҥаардас Дьокуускайга 122 тыһыынчаттан тахса баар. Иниспиэктэрбит ахсаана аҕыйах. Сарбыйыы бара турар. Сорох оройуоннарга олох аҕыйаатылар. Онон дьон видеорегистраторга устан баран сайтка угар. Суол быраабылатын кэспит массыынаны тута булан, ыҥыран ылабыт уонна видеоҕа уһуллубуту көрдөрөбүт. Билигин маҕаһыыннарга, сапараапкалыыр станцияларга 600-тэн тахса көмөлөһөөччүлэрдээхпит. Инньэ гынан, үс ый түмүгүнэн 284 суоппары кинилэр көмөлөрүнэн ГИБДД иниспиэктэрдэрэ туттулар.

Анивера АКИМОВА, Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0