«Гагарин планетата» — ураты быыстапка

Ааптар: 
12.04.2017
Бөлөххө киир:

Бүгүн Космонавтика күнүгэр Емельян Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр мусуойга аан дойдутааҕы «Гагарин планетата» диэн арт-бырайыак кыттыылаахтара, уран тарбахтаах иистэнньэҥнэр кыбытыгынан тигии быыстапкатын арыйдылар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

2010 с. биһиги, Саха сирин иистэнньэҥнэрэ, «Лоскутный путь» диэн Арассыыйатааҕы кыбытык тигии маастардарын ассоциациятын быыстапкатыгар бастакы космонавт быраатын кыыһын Наталья Гагаринаны кытта билсибиппит. Кини Белоруссия Минск куоратыгар олорор, туристическай фирма салайааччыта. Наталья Борисовна былырыын Юрий Гагарин космоска көппүтэ 55 сылыгар «Гагарин планетата» диэн норуот оҥоһугун быыстапкатын тэрийии бырайыага олоххо киирэн эрэрин уонна онно саха маастардара кыбытык тигиинэн бу арт-бырайыакка кыттарбытыгар этии киллэрбитэ. Биһиги үөрүүнэн сөбүлэспиппит. «Гагарин планетата» диэн интэриниэт нөҥүө аан бастакы виртуальнай куонкуруска Саха сириттэн 9 маастар үлэтэ, Гатчина куораттан 6 маастар үлэтэ бэлиэтэммиттэрэ. Виртуальнай быыстапка кыайыылаахтара үлэбитин бастаан Москва таһынааҕы куораттарга билиһиннэрэн баран, күһүн Германия Эрфурт куоратыгар буолбут норуот оҥоһугун быыстапкатыгар кыттыбыппыт. Онон Саха сирэ уонна космос сибээһин кэрэһилиир быыстапканы аны бэйэбит сахабыт дьонугар көрдөрүөххэ диэн санааттан, бу бүгүн өрөспүүбүлүкэ саамай улахан мусуойугар быыстапка тэрийдибит. «Гагарин планетата» диэн быыстапкаҕа кыайыылаах үлэлэр ааптардара аан дойдуну кэрийэн баран, төрөөбүт дойдуларын дьонугар билиһиннэрэр түмүктүүр быыстапкабыт буолар, — диэн быыстапканы тэрийээччи, норуот маастара, Дьокуускай куорат 33 №-дээх оскуолатын учуутала Людмила Жиркова кэпсиир.

Космоһы уонна бастакы космонавт Юрий Гагарины кытта Саха сирин ыкса сибээстээбит киһинэн саха биллиилээх скульптора Эдуард Пахомов буолар. Кини Юрий Гагарин ийэтэ Анна Тимофеевна өйдөбүнньүгүн оҥорон, Саха сирин аар-саарга аатырдыбыта.

Эдуард Пахомов мин бииргэ төрөөбүт убайым. Икки сыллааҕыта Францияттан төннөн иһэн, гидпит: «Биһиги эбээбит Анна Тимофеевна өйдөбүнньүгүн  саха скульптора оҥорбута. Хомойуох иһин, ол киһи аатын билбэппит», — диэн кэпсээбитэ. Ол  гид космонавт Юрий Гагарин быраатын кыыһа Наталья Гагарина эбит этэ. Миигин бииргэ сылдьар дьонум киммин билэр буолан, Наталья Борисовнаны кытта анаан билиһиннэрбиттэрэ. Ити курдук, киһи итэҕэйимиэн курдук, кыл түгэн иһигэр, маннык эрэ буолуо диэбэккэ сылдьан, аатырбыт өйдөбүнньүк ааптарын чугас аймаҕа буоларым биллэн турардаах. Итинэн сибээстээн, миигин 2016 сыллаахха Юрий Гагарин төрөөбүт күнүгэр — кулун тутар 9 күнүгэр сыл аайы космонавтар тэрийэр научнай-практическай кэмпириэнсийэлэригэр ыҥырбыттара. Мин убайым Юрий Гагарин ийэтин өйдөбүнньүгүн хайдах оҥорбутун көрүөхпүн баҕарарым бэрт буолан, сөбүлэспитим. Миигин кытта «Симэхтэн» 4 иистэнньэҥ, кыбытыынан тигиигэ норуот маастардара бэйэлэрин үлэлэрин илдьэ тиийбиттэрэ, — диэн кэпсиир скульптор балта Розалия Федорова.

Эдуард Пахомов 2015 с. от ыйыгар олохтон букатыннаахтык барбыта. Интэриэһинэйэ баар, скульптор тыыннааҕар биир да быыстапканы оҥорботох. Ол иһин да буолуо, чугас аймахтара талааннаах убайдарын үйэтитэр соруктаах кини үлэлэрин түмэр бэртээхэй кинигэни бэлэмнээн таһаарбыттар. Хомойуох иһин, скульптор үгүс үлэлэрэ олоххо киирбэккэ, макет эрэ быһыытынан хаалбыттар. Саха норуотун ааттатар үлэлэри түмэн, кини кэргэнэ Лариса Пахомова искусствовед Зинаида Унарованы кытта кэпсэтэн, олус дириҥ ис хоһоонноох 500 экземплярдаах «Эдуард Пахомов «диэн кинигэни бэлэмнээн таһаарда. 2015 с. кулун тутар 6 күнүгэр Эдуард Пахомов 65 сааһын туолуохтаах эбит. Бу суолталаах бэлиэ күҥҥэ анаан чугас аймахтара быыстапка тэрийбиттэр уонна кинигэ таһаарбыттар.

2001 с. Юрий Гагарин ийэтин оҥорбутугар бастакы космонавт балтылара: «Эбээбит аттыгар аны эһээбит турар өйдөбүнньүгэ баара буоллар, кини «соҕотохсуйан» олоруо суоҕа этэ.  Кэлэн билсиэҥ дуо?», — диэн санааларын эппиттэригэр, Юрий Гагарин аймахтарын көрсөн кэлбитэ. Уонна бу Анна Тимофеевна кэргэнин өйдөбүнньүгүн эбэн биэрбит макетын оҥорбута. Бу макеты Эдуард Пахомов Улан-Удэҕэ «Солдаты Туймаады»  өйдөбүнньүккэ үлэлии сылдьан оҥорон аҕалбыт, — кэпсиир скульптор балта Розалия Федорова.

  Космонавтика мусуойун төрүттээбит Иван Данилович уонна Анна Петровна Жирковтар бииргэ үөрэммит дьонум. Бу быыстапка буоларын араадьыйаттан истибитим. Космонавтика күнүгэр анаан кыбытык тигии буолар диэбиттэрин интэриэһиргээн кэлбитим. Киһи билбэтэҕин билэр быыстапката эбит. Космос тиэмэтигэр кыбытык тигии диэн олус уустук үлэ буолара чахчы. Сюжетын толкуйдаан баран, аны сахалыы моһуоннаан, аттаран тигиэххэ наада. Мин санаабар, ылбычча киһи ылсыбат үлэтэ, — диэн санаатын үллэстэр  Уус Алдан Дүпсүнүттэн төрүттээх куорат олохтооҕо Светлана Федорова.

Оттон Марфа Павлова, эмиэ Дьокуускай куорат олохтооҕо:

Бу быыстапкаҕа «Гагарин планетата» диэн аан дойдутааҕы быыстапкаларга кыттыбыт дьүөгэбит Ксения Иванова ыҥырыытынан кэллибит. Юрий Гагарин космоска көппүт сылыгар мин алтыс кылааска үөрэнэ сылдьар кэмим этэ. Ол күн мас кыстыы сылдьыбыппын өйдүүбүн. Ити иннинэ космоска ыттары көтүппүттэрин биһиэхэ, оҕолорго, кэпсиир этилэрэ. Оччолорго биһиги, төһө да кыра дьон буолларбыт, спутниктар көтөллөрүн кэтии-маныы сылдьар буоларбыт. Оттон киһи космоска көтүүтэ, биллэн турар, ураты үөрүүлээх сонун этэ. Бу быыстапканы олус сөбүлээтим. Кырдьык да, аан дойду сөҕүөн-сөхпүт, махтайыан-махтайбыт оҥоһуктара эбит, — диэн сөҕөн-махтайан санаатын тиэртэ.

«Гагарин планетата» диэн саха иистэнньэҥнэрин айымньылаах үлэлэрин Емельян Ярославскай мусуойугар сылдьан көрбүт киһи, кырдьык да, аан дойдуну кэрийиэхтэрин кэрийбит үлэлэр эбит дии саныыгын.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0