Гааска иэстээх дьону бырастыы гыныахтара

Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ үгүс нэһилиэнньэлээх пууннарын гааһынан хааччыйар «Сахатранснефтегаз» ААУо ахсынньы 16-31 күннэригэр «Бырастыы гыныы» акцияны биллэрдэ. Гааһы туһанааччылар иэстэрин барытын төлүүр буоллахтарына, пеня 100 % ааҕыллыбат. Онон гааска иэстээх дьон бу күннэргэ төлөөн, Саҥа дьылы сүгэһэрэ суох көрсүҥ. Хампаанньаҕа бүгүҥҥү күҥҥэ гааһы туһанааччылар (нэһилиэнньэ уонна тэрилтэлэр) иэстэрэ 1,5 млрд солк. Мантан нэһилиэнньэ иэһэ 124 мөл. солк.

Санатар буоллахха, «Сахатранснефтегаз» АУо өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1, 6 тыһ. тэрилтэни, 147 салайар хампаанньаны (УК) уонна олорор дьиэни бас билэр табаарыстыбалары (ТСЖ) хааччыйар. Итини тэҥэ, 60 тыһ. тахса кэтэх дьиэҕэ «күөх төлөнү» тиэрдэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0