Гаас уматыктаах таксистар сыананы аһара үрдэтэллэр

12.01.2017
Бөлөххө киир:

Бүлүү бөлөх улуустарга (Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Сунтаар, Мирнэй) дьону тиэйэр таксистар сыаналарын Саҥа дьыл саҕана аһара үрдэттилэр. Ол курдук, Бүлүү куоракка барыыга күһүөрү кыһын киһиттэн 1500 солк. ылар буоллахтарына, ахсынньы 20-с күннэриттэн саҕалаан 2000 буолбута. Ахсынньы 30, 31 күннэригэр 3000 солк. диэри тиэрдибиттэрэ.

Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

Маны айанньыттар наһаа үрдэттилэр дииллэр. Тоҕо? «Бүлүү» федеральнай суол уруккута буолбатах, быдан тупсан турар. Массыына суолга алдьанара-кээһэнэрэ аҕыйаатаҕа. Аны туран, «Хайс» – миллионник дэниллэр (12-14 киһини ылар) микро-оптуобустаахтар гаас уматыгынан сылдьаллар. Билигин биир лиитирэ гаас сыаната 20 солк. Бүлүү куоракка диэри хас даҕаны сиргэ «ЯТЭК» ААУо гаас уматыгы атыылыыр сапыраапкалара тураллар. Бүлүү куорат Дьокуускайтан 600-чэкэ км ыраах. Бензининэн сылдьар «Хайс» миллионник Бүлүүгэ диэри, ортотунан, 100 лиитирэнэн тиийэр, ол аата, ортотунан, 5000 солк. барыыр. Оттон гаас уматыктаахтар, ортотунан, 110-120 лиитирэнэн тиийэллэр эбит. Маны 20 солк төгүллээтэххэ, 2200-2400 солк буолар. Ол аата, бара-кэлэ, ортотунан, 5000-6000 солк барыыллар.

Оттон бензин уматыктаахтар бара-кэлэ — 10000-11000 солк. Манна көстөрүнэн, гаас уматыктаахтар харчыга ночоотуруулара икки төгүл кыра. Ол гынан баран, дьону тиэйэр тарыыптарын — 2000 солк.- бырааһынньыктарга өссө үрдэппиттэр. Маны нэһилиэнньэ аһара барыынан ааҕар. Кырдьык, оннук курдук! Маны таксистар туох дии саныыллара эбитэ буолла? «Суобастаах дьон аһара үрдэтиэ суох этилэр,» — дииллэр пассажирдар.

Билигин бырааһынньык бүппүтэ уонтан тахса күн буолла.  Ол гынан баран, үгүс таксист ахсынньы ый саҥатааҕы тарыыпка төннө илик. Дьиҥэр, гаас уматыгынан сылдьааччылар тарыыбы 1500 солк. диэри  түһэрэргит буоллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0