Гаас ситимигэр босхо холбонууга сайаапканы ылыы салҕанар

Бөлөххө киир:

Социальнай гаастааһын, ол эбэтэр гаас ситимигэр буор-босхо холбонууга сайаапканы хомуйуу бара турарын туһунан «Сахатранснефтегаз» пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Билиҥҥи туругунан, 120 дьиэ тиэргэнигэр диэри гаас ситимин тарпыттар. Ол эрээри,  гаас ситимигэр холбуур сүрүн  үлэтэ кэлэр сылга күүскэ барыаҕа.

Гаас ситимэ тиэрдиллибэтэх кэккэ нэһилиэнньэлээх пууннарга 2023-2024 сылларга тиэрдиэхтэрэ.  Тустаах бырагыраамаҕа кыттар инниттэн  анал сайаапканы  «Сахатранснефтегаз» АУо сайтыгар киирэн ыытыллар. Саамай сүрүнэ,  сири уонна дьиэни бас билэри туоһулуур регистрация баар буолуохтаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0