Куйаас күннэр ааһа быһыытыйдылар. Киэһэтин номнуо сөрүүн түһэр буолла. Кыһыммыт кэлбитин билбэккэ да хаалыахпыт – биирдэ өйдөөбүппүт, түннүк нөҥүө хаар кыыдамныы турар буолуоҕа.
Өрөспүүбүлүкэ киин улуустара гаас оттугуттан улахан тутулуктаахтар. Бүлүү, Кэбээйи сирдэригэр баар гааһы хостуур-таҥастыыр “ЯТЭК” (“Якутская топливно-энергетическая компания”) хампаанньаттан кэлэр кыстыкка киирии, кыстыгы туорааһын улахан тутулуктаах.
Бырааттыылар хаайыллыылара
Күн кыһалҕата суох кыстыгы кэтэһиэхпитин, бу саас “ЯТЭК”-и бас билэр Москватааҕы «Сумма» тэрилтэни салайар урбаанньыттар — бырааттыы Зиявудин уонна Магомед Магомедовтар 2,5 млрд солк. үбү уорууга уорбаланан тутуллубуттара. Сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэр, ол иһигэр «Коммерсант» хаһыат суруйуутунан, улахан суумалаах харчыны уоруунан, холуобунай дьыала тэриллибит.
Итинтэн сиэттэрэн, бу ый саҥата Саха сирин интэриниэтин эйгэтигэр “ЯТЭК” тэрилтэ кыһын биһигини гааһынан хааччыйарга бэлэмин дуу, суоҕун дуу туһунан мөккүөр атыыра таҕыста. Будулуйар хойуу туманнаах аам-даам тымныы кыһын саба бүрүүкээн кэллэҕинэ, дьон олорор дьиэтин сылытыы – чахчы тыын суолталаах боппуруос.
Ааҕааччыларга, хайдах баарынан, бу боппуруоска этиммит дьонтон санааларын ыйытан бэчээттиибит.
«ЯТЭК» хампаанньа туругун миэстэтигэр тиийэн көрүөххэ!
Инженер, блогер Павел Ксенофонтов-Ойуур Байбал санаатын эттэ:
– Бары өйдүүрбүтүнэн, “Сумма” бөлөх дьыалатынан, ол аата ЯТЭК боппуруоһунан эмиэ, силиэстийэ салҕанан бара турар. Оттон, ЯТЭК Орто Бүлүүтээҕи гаас конденсааттаах сиртэн гааһы тохтоло суох биэриитэ – бүтүн эрэгийиэн олоҕун куттала суох буолуутун мэктиэтэ. Ол да иһин биһиэхэ тыын стратегическай суолталаах. Бу туһалаах сир баайын туруктаахтык хостооһунтан-таҥастааһынтан өрөспүүбүлүкэ киин энерго-оройуонун олоҕо-дьаһаҕа быһаччы тутулуктаах.
Арассыыйа бырабыыталыстыбата «ЯТЭК» хампаанньа боппуруоһун быһаарыыны уһулуччу тутуохтаах. Саха сиригэр гааһы хостуур соҕотох хампаанньа ыһыллыыта өрөспүүбүлүкэбит норуотун хаһаайыстыбатын атын да салааларын алларытыыга тириэрдэр кутталлаах. Онон хампаанньаны ыһыллыыга тириэрдэр табыллыбат.
Ол иһин, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, “Сумма” бөлөх моҥкуруут барар түгэнигэр, кэлин Арассыыйа бырабыыталыстыбатын кытта «ЯТЭК» кыһалҕатын быһаарсыахтаах. Саха сирэ маны туруорсар кыахтаах уонна туруорсуохтаах.
Оттон билигин туораттан хонтуруоллуу, отчуоттарын ааҕа олорбокко, «ЯТЭК» туруга хайдаҕын миэстэтигэр баран көрүөххэ, дьону-сэргэни кытта кэпсэтиэххэ.
Саппаас гаастаах сир наада
Хампаанньа генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Александр Попов «Аартык» саайтка бэс ыйын 28 күнүгэр тахсыбыт интервьютугар маннык санааны эппит (интервью “скриншота” эрэдээксийэҕэ баар):
– «ЯТЭК» оттук сезонугар бэлэмнэнии үлэтин ыыппакка, бириэмэтин быраабы араҥаччылыыр уорганнары кытта киирсиигэ барыы сылдьар дии саныыбын. Онон ыксаллаах быһыы-майгы тахсыбатын туһугар, саппаас быһыытынан иккис гаас баайдаах сири үлэҕэ таһаарар наада.
Өрөспүүбүлүкэ киин улуустара уонна Дьокуускай куорат энергетическэй өттүнэн куттала суох буолууларын хааччыйар туһугар эбии газоконденсааттаах сири үлэҕэ киллэрии сүрүн сыалбыт-сорукпут буолар. Өскөтүн Орто Бүлүүтээҕи сиргэ ыксаллаах быһыы-майгы үөскүүр түгэнигэр, гааһынан хааччыйыы толору кээмэйин тута чөлүгэр түһэрэр курдук.
Биһиги геологтарбыт этэллэринэн, Орто Түҥҥэ гаас саппааһа Саха сирин бүтүннүү хааччыйыан сөп, кыамтата сылга 6 млрд м3 тиийэр кыахтаах эрээри, күн бүгүн онтон Бүлүү улууһун үс нэһилиэгэ эрэ – Тылгыны, Күбэиҥдэ уонна Уһун гаастанан олорор.
Саҥа бырайыактар олоххо киирэллэриттэн өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыыта улахан тутулуктаах. Билигин, бастатан туран, гаас киирбит улуустара кыһын ортото куттала суох буолууларын хааччыйар наадалаах.
(«ЯТЭК» бу интервьюнан «Сахатранснефтегаз» баһааҕырдан эттэ диэн, УФАС-ка (Федеральнай антимонопольнай сулууспа управлениетыгар) үҥсүү түһэрбит).
Моҥкуруут ыыппат туһугар үлэ бара турар
СӨ бырамыысыланнас уонна геология миниистирэ Максим Терещенко командировкаҕа сылдьар эрээри, биэдэмистибэтэ бу курдук официальнай эппиэт биэрдилэр.
– «Сумма» бөлөххө киирэр «ЯТЭК» хампаанньа гааһы хостуур, бэнсиини, дизели атыылыыр уонна киин улуустары гааһынан хааччыйар соҕотох тэрилтэ. 2018 с. муус устар 12 күнүгэр оробуочай бөлөх тэриллэн, «ЯТЭК» хампаанньаны моҥкуруут ыыппат туһугар үлэ бара турар. Кэлэр кыстыкка өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун быыстала суох гааһынан хааччыйарга, РФ энергетикаҕа миниистирин солбуйааччы К.В. Молодцову уонна «ЯТЭК» сүрүн акционердарын кытта көрсөн кэпсэтии ыыппыппыт. Оробуочай бөлөх тус хонтуруолунан 2018-2019 сс. оттук сезонугар тустаах үлэ барыта оҥоһуллар, гааһы хостууллар-таҥастыыллар. Билиҥҥитэ «ЯТЭК» 12,6 тыһ. туонна гаас конденсатын ОДьКХ-ҕа тиэйдэ. Хомунаалынай хаһаайыстыба тэрилтэлэригэр субсидия көрүллэн, «Сахатранснефтегаз» АУо уонна СӨ ОДьКХ СУТ ЯТЭК-кэ иэстэрэ аччаан эрэр. Онон, кэлэр кыстыгы этэҥҥэ туоруурга, баар балаһыанньаны хонтуруолга ылан олоробут.
“ЯТЭК”: “Комментарий биэрбэппит”
«ЯТЭК» хампаанньаҕа сибээскэ таҕыстыбыт. Хампаанньа пресс-сэкирэтээрэ Алена Алексеева бу боппуруоска туох диэн санаалааҕын ыйыталаспыппытыгар, тугу эмэ этэртэн туттунарын иһитиннэрдэ.
Дьон санаатын хомуйда Марианна Тыртыкова, edersaas.ru