«Гааһы мотуорга» автопробег Петербурга түмүктэннэ

Ааптар: 
16.09.2022
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 15 күнүгэр Санкт-Петербурдааҕы XI аан дойдутааҕы гаас форумун былаһааккатыгар «Гааһы мотуорга» автопробег биэтэккэ тиксиитин бэлиэтиир үөрүүлээх сиэрэ-туома буолан ааста.

«Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ Саха АССР 100 сылын бэлиэтии «Гааһы мотуорга-2022» автопробег чэрчитинэн Нерюнгри-Ленскэй туһаайыынан массыынанан айан тэриллибитэ. Онно гаас уматык бары көрүҥнэрин туһанан 18 тырааныспар 2,5 тыһыынчаттан тахса килэмиэтир суолу айаннаан аастылар», — диэн Айсен Николаев эттэ.

«Гааһы мотуорга» Саха сиригэр улахан суолталаах тэрээһин – өрөспүүбүлүкэбит Уһук Илиҥҥи эрэгийиэҥҥэ гаас хостооһунан киинэ буолар. Бу автопробег чэпчэки сыаналаах гаастан оҥоһуллар уматык көрүҥнэрин туһаныыны көҕүлүүргэ анаммыта. Икки сыллааҕыта Саха сирэ сыллаахха “Питертан Мииринэйгэ айылҕа гааһынан” диэн ааттаах гаас уматыгынан айанныыр массыыналар пробегтарын тэрийэн ыыппыта.

Тимир көлөҕө гаас уматыгы туһаныы Саха сиригэр сайда турар. Сылын аайы массыынаны гааһынан саппыраапкалыыр ыстаансыйалар арыллаллар. Бу хайысханы көҕүлүүр сыалтан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлээһин ыытыллар. Ону кытта массынаны гаас уматыгар көһөрүүгэ субсидия үп көрүллэр.

2022 сылтан массыынаны бэнсиинтэн гааска көһөрүү Саха сирин олохтоохторугар 90% чэпчээтэ. Бэнсиинтэн гааска көспүт дьоҥҥо тырааныспар нолуога 50% чэпчэтиилээх. 2030 сылга диэри эрэгийиэҥҥэ 40 гаас сапыраапката арыллары былааҥҥа киирэн турар.

Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0