Ааспыт сууккаҕа Роспотребнадзор Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 405 киһи (онтон 27,2% – оҕо) сыстыганнаах дьаҥҥа сутулунна.
Ыалдьааччы 97%-на быһыыны ылбатах дьон. Стационарга 642 ыарыһах эмтэнэр. Онтон 588 киһи – ортоһуор ыарахан туруктаах. 49 киһи — ыарахан туруктаах. Кинилэртэн 98%-ра сыстыганнаах дьаҥы бохсор быһыыны ылбатах дьон. Дьокуускайга уонна оройуоннар реанимационнай салааларыгар биэс олус ыарахан туруктаах ыарыһах баара бэлиэтэннэ.
Дьокуускайга ааспыт сууккаҕа 303 киһиэхэ COVID-19 ыарыы бигэргэннэ. Маны таһынан, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар — 23, Алдан оройуонугар – 15, Горнай уонна Хаҥалас улуустарыгар – 9, Нерюнгри оройуонугар – 8, Нам уонна Уус-Алдан улуустарыгар – 6 -лыы саҥа түбэлтэ бэлиэтэннэ.
Бу туһунан вице-премьер Ольга Балабкина бүгүҥҥү күнүскү брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru