Үгүс ыалдьааччы — быһыыны ылбатах дьон

Ааптар: 
17.01.2022
Бөлөххө киир:

Ааспыт сууккаҕа Роспотребнадзор Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 405 киһи (онтон  27,2% – оҕо) сыстыганнаах дьаҥҥа сутулунна.

Ыалдьааччы 97%-на  быһыыны ылбатах дьон. Стационарга 642 ыарыһах эмтэнэр. Онтон 588 киһи – ортоһуор ыарахан туруктаах.  49 киһи — ыарахан туруктаах. Кинилэртэн 98%-ра сыстыганнаах дьаҥы бохсор быһыыны ылбатах дьон.  Дьокуускайга уонна оройуоннар реанимационнай салааларыгар биэс олус ыарахан туруктаах ыарыһах баара бэлиэтэннэ.

Дьокуускайга ааспыт сууккаҕа  303 киһиэхэ COVID-19 ыарыы бигэргэннэ. Маны таһынан, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар  — 23, Алдан оройуонугар – 15, Горнай уонна Хаҥалас улуустарыгар – 9, Нерюнгри оройуонугар – 8, Нам уонна  Уус-Алдан улуустарыгар – 6 -лыы саҥа түбэлтэ бэлиэтэннэ.

Бу туһунан вице-премьер Ольга Балабкина бүгүҥҥү күнүскү брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0